СҮБЭҺИТ: Арассаада кэмэ чугаһаата

Сибэккини, оҕуруот аһын арассаадалаан эрдэтинэ дьиэҕэ олордон үүннэрэ турар быдан ордук уонна табыгастаах ньыма буолара бэлиэтэнэр. Таһырдьа улахан тымныылар ааһан, биллэ сылыйан, хас да күн маннык туран салгын бигэтийдэҕинэ, саас дьэ кэлбит дэһэбит. Бу кэмҥэ оҕуруот аһын арассаадалаан олордон саҕалыыр ордук.
Быйыл оҕуруот аһын олордорго ханнык күннэр саамай табыгастаах буолалларын сүбэлиибит:
- – помидор эрдэлээбитэ кулун тутар 25-муус устар 5 күннэригэр, хойутаабыта кулун тутар 15-30 күннэригэр олордуллар. Түөрт-алта хонугунан араскыта быгар. Онтон 45-50 хонугунан тэпилииссэҕэ көһөрүөххэ сөп;
- – оҕурсу ыам ыйын 1-15 күннэригэр олордуллар. Икки-түөрт күнүнэн араскылара көстөн саҕалыыллар. Онтон 25-30 күн буолан баран, бэс ыйын 10-15 күннэригэр тэпилииссэҕэ көһөрүү саҕаланар;
- – хаппыыста эрдэлээбитэ муус устар 20-25 күннэригэр, хойутаабыта муус устар 10-15 күннэригэр олордуллар. Арассаада үс-биэс хонугунан араскылара тахсаллар. Ол кэнниттэн 40-45 күн буолан баран, ыам ыйын бүтүүтэ салгыы үүнэр сиригэр көһөрүөххэ сөп;
- – кабачок ыам ыйын 10 күнүгэр олордуллар. Араскылара 3-5 күнүнэн тахсаллар. Онтон 25-30 күн ааспытын кэнниттэн, бэс ыйын 10 күнүгэр салгыы үүнэр сиригэр көһөрүөххэ сөп;
- – болгарскай биэрэс кулун тутар 10-20 күннэригэр олордуллар. 4-6 күн буолан баран араскылара быган саҕалыыллар. Онтон 20-30 күн буолан баран, ыам ыйын 20-30 күннэргэ тэпилииссэҕэ көһөрүөххэ сөп.
Оҕуруот аһын олордууга, аны табыгастаах, табыгаһа суох күннэр баалларын уопуттаах оҕуруотчуттар ыйаллар.
Помидору, оҕурсуну, кабачогу, биэрэһи арассаадалыырга табыгастаах күннэринэн кулун тутар 2, 3, 15, 29, 30 күннэрэ буолаллар. Оттон атын оҕуруот аһын олордорго кулун тутар 2, 29, 30 күннэрэ барсаллар эбит.
Болҕойуҥ, кулун тутар 18 күнүгэр ханнык даҕаны оҕоруот аһын олордорго табыгаһа суох күн буолара бэлиэтэнэр.
Муус устарга помидор, оҕурсу, кабачок, биэрэс арассаадаларын баттыырга табыгастаах күннэринэн 11, 17, 18, 25, 26, 27 буоллаллар. Мантан атын оҕуруот аһын олордорго муус устар 25,26 күннэрэ эмиэ табыгастаах күннэргэ киирсэллэр. Аны табыгаһа суохтарынан 15, 19, 20 күннэр бэлиэтэнэллэр.
Ыам ыйыгар табыгастах күннэр: 7, 14, 23, 24, 25. Табыгаһа суох күннэргэ ыам ыйын 12, 19, 26 күннэрэ киирсэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: