СҮБЭҺИТ: Арассаада кэмэ чугаһаата

Share

Сибэккини, оҕуруот аһын арассаадалаан эрдэтинэ дьиэҕэ олордон үүннэрэ турар быдан ордук уонна табыгастаах ньыма буолара бэлиэтэнэр. Таһырдьа улахан тымныылар ааһан, биллэ сылыйан, хас да күн маннык туран салгын бигэтийдэҕинэ, саас дьэ кэлбит дэһэбит. Бу кэмҥэ оҕуруот аһын арассаадалаан олордон саҕалыыр ордук.

Быйыл оҕуруот аһын олордорго ханнык күннэр саамай табыгастаах буолалларын сүбэлиибит:

  • – помидор эрдэлээбитэ кулун тутар 25-муус устар 5 күннэригэр, хойутаабыта кулун тутар 15-30 күннэригэр олордуллар. Түөрт-алта хонугунан араскыта быгар. Онтон 45-50 хонугунан тэпилииссэҕэ көһөрүөххэ сөп;
  • – оҕурсу ыам ыйын 1-15 күннэригэр олордуллар. Икки-түөрт күнүнэн араскылара көстөн саҕалыыллар. Онтон 25-30 күн буолан баран, бэс ыйын 10-15 күннэригэр тэпилииссэҕэ көһөрүү саҕаланар;
  • – хаппыыста эрдэлээбитэ муус устар 20-25 күннэригэр, хойутаабыта муус устар 10-15 күннэригэр олордуллар. Арассаада үс-биэс хонугунан араскылара тахсаллар. Ол кэнниттэн 40-45 күн буолан баран, ыам ыйын бүтүүтэ салгыы үүнэр сиригэр көһөрүөххэ сөп;
  • – кабачок ыам ыйын 10 күнүгэр олордуллар. Араскылара 3-5 күнүнэн тахсаллар. Онтон 25-30 күн ааспытын кэнниттэн, бэс ыйын 10 күнүгэр салгыы үүнэр сиригэр көһөрүөххэ сөп;
  • – болгарскай биэрэс кулун тутар 10-20 күннэригэр олордуллар. 4-6 күн буолан баран араскылара быган саҕалыыллар. Онтон 20-30 күн буолан баран, ыам ыйын 20-30 күннэргэ тэпилииссэҕэ көһөрүөххэ сөп.

Оҕуруот аһын олордууга, аны табыгас­таах, табыгаһа суох күннэр баалларын уопуттаах оҕуруотчуттар ыйаллар.

Помидору, оҕурсуну, кабачогу, биэрэһи арассаадалыырга табыгастаах күннэринэн кулун тутар 2, 3, 15, 29, 30 күннэрэ буолаллар. Оттон атын оҕуруот аһын олордорго кулун тутар 2, 29, 30 күннэрэ барсаллар эбит.

Болҕойуҥ, кулун тутар 18 күнүгэр ханнык даҕаны оҕоруот аһын олордорго табыгаһа суох күн буолара бэлиэтэнэр.

Муус устарга помидор, оҕурсу, кабачок, биэрэс арассаадаларын баттыырга табыгас­таах күннэринэн 11, 17, 18, 25, 26, 27 буоллаллар. Мантан атын оҕуруот аһын олордорго муус устар 25,26 күннэрэ эмиэ табыгастаах күннэргэ киирсэллэр. Аны табыгаһа суохтарынан 15, 19, 20 күннэр бэлиэтэнэллэр.

Ыам ыйыгар табыгастах күннэр: 7, 14, 23, 24, 25. Табыгаһа суох күннэргэ ыам ыйын 12, 19, 26 күннэрэ киирсэллэр.

Recent Posts

  • Быһылаан

Түүҥҥү кулуупка билсиһии уоруунан түмүктэммит

ИДьМ Дьокуускайдааҕы 1-кы №-дээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар сүтүктээх дьахтартан үҥсүү киирбит. Ол курдук, кини…

1 секунда ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Водоканал» уу хаачыстыбатыгар хонтуруолун күүһүртэ

Халаан кэмигэр ууну ыраастыыр ​​систиэмэлэргэ кирдээх уу киирэр. Итинэн сибээстээн, «Водоканал» ууну ыраастыыр ньымаҕа уонна …

21 минута ago
  • Уопсастыба

Саха сиригэр түөрт нэһилиэк ууга барар кутталааҕын туһунан гидрометкиин сэрэтэр

Муус ааһыытын кэмигэр Саха сиригэр түөрт нэһилиэк ууга барар кутталлааҕын туһунан гидрометкиин сэрэтэр. Өскөтүн, Өлүөнэ…

30 минут ago
  • Быһылаан

750 солкуобайдаах сибэккиттэн сылтаан көҥүлэ быһыллыан сөп

Ыам ыйын 8 күнүгэр Дьокуускайга 24 саастаах эр киһи сибэкки атыылыыр маҕаһыыҥҥа киирэн 750 солкуобайдаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Игорь Юргины Арассыыйа Үөрэҕириитин министиэристибэтигэр үлэҕэ ыҥырдылар

СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир эбээһинэһин толорооччу, Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин Арассыыйа Үөрэҕириитин…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Хочо хомунаалынай хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ баһаары  умуруорустулар

Саха сиригэр ойуурга уот турар кутталлаах кэмигэр хаһааҥҥытааҕар даҕаны сэрэхтээх буолуу ирдэнэр. Ыксаллаах түгэн үөскээтэҕинэ,…

2 часа ago