СҮБЭҺИТ: Балыктан ураты бүлүүдэлэр

Share

Халлаан тымныйан, муус туран сырыы саҕаланан, собо балык атыыта дэлэйэн эрэр. Ыал сандалы тула мустан собо сиир киэһэлэрэ үүннэ. Собо сибиэһэй кэмигэр астаан-үөллээн, амсайан хаалыҥ диэн кэккэ ырысыаптары үллэстэбит.

Собо тыллаах саламаат

Амсайан көрөөрүҥ эрэ, ураты амтаннаах олус минньигэс саламаат буолар.

Туох ирдэнэр:

Ынах арыыта – 200 кыраам

Бурдук – 5 ост. ньуоска

Итии уу – 300 кыраам

Собо тыла – 15-20 соботтон

Эриэппэ луук – 1 кыра

Туус – кыратык.

Хайдах бэлэмниибит:

1-2 ньуоска мас арыытыгар эриэппэ луугу бытархай гына кырбаан ыһаарылыыбыт. Ууга буспут сүүрбэччэ улахан соботтон тылын ылан лууктаах арыыга кутан  эбии ыһаарылыы түһэбит.

Ынах арыытын уулларабыт, манна булкуйа-булкуйа ньуосканан бурдук кутабыт уонна саһарыар диэри ыһаарылыыбыт. Онтон кыра-кыра оргуйбут ууну кутан биир маасса буолуор диэри ытыйабыт, туус таммалатабыт. Арыыта үөһэ дагдайдаҕына, саламаат бэлэм буолар. Бэлэм саламаакка ыһаарыламмыт тылы кутан сэрэнэн булкуйабыт уонна иһиттэргэ сылаастыы кутан сиибит.

Иккистээн буспут миин

Бу курдук буһарыллыбыт балык миинэ олус минньигэс буолар.

Туох ирдэнэр:

Собо – 5-6 орто кээмэйдээх

Уу – 3 лиитирэ

Үүт – 300 кыраам

Хонуу лууга – 1 кыра ньуоска

Туус – ким төһөнү сөбүлүүрүнэн.

Хайдах бэлэмниибит:

Собону хатырыктаан, сууйан, үөстээн баран туус эбэн ууга кутан буһара уурабыт. Сүүрбэччэ-отучча мүнүүтэ оргуйбутун кэннэ уотун арааран баран ыга хаппахтаан, биир-икки чаас курдук сойута түһэбит. Собону мииниттэн орообоппут. Онтон хаттаан уокка оргута уурабыт, миинэ аҕыйах дии санаа­тахпытына, уу эбэн биэрэбит уонна өссө чаас аҥаарын курдук кыра уокка тэптэрэн ылабыт. Буһуо уонча мүнүүтэ хаалбытын кэннэ күөх луук, үүт эбэн биэрэбит.

Тэллэйдээх собо

Собо – саха тапталлаах аһа. Бу сырыыга арыый уларытан, тэллэйи кытта буһаран амсайыҥ.

Туох ирдэнэр:

Собо – 1 киилэ (улахан собо ордук барсар)

Өтөх тэллэйэ – 300-400 кыраам

Сүөгэй (25%) – 400 кыраам

Эриэппэ луук – 1 орто

Мас арыыта – 50 кы­­раам

Ынах арыыта – 30 кыраам

Кукуруза бурдуга – 3 ост. ньуоска

Хара мээккэ биэрэс – ким төһөнү сөбүлүүрүнэн

Туус – ким төһөнү сөбүлүүрүнэн.

Хайдах бэлэмниибит:

Собону хатырык­таан, үөстээн баран кутуругун, лапчааннарын, төбөтүн быһан быраҕабыт, өлүн барытын оруубут, сууйабыт. Балыгы туустуубут, тумалыыбыт. Тэриэлкэҕэ бурдугу кутан балыгы онно икки өттүттэн умньаан ылабыт уонна итии мас арыылаах хобордооххо кыра уокка буһара уурабыт. Эргитэ сылдьан саһарыар диэри быһа холуйан үстүү-түөртүү мүнүүтэ ыһаарылыыбыт. Бэлэм балыгы таһааран салпыаккалаах иһиккэ уурабыт.

Атын хобордооххо эбэтэр балык буспут хобордооҕун сууйан баран кыра гына кырбаммыт луугу мас арыытыгар ыһаа­рылыыбыт. Манна сууллубут, ча­­раас гына кырбастаммыт тэллэйи кутан ыһаарылыыбыт, буһарын саҕана сүөгэй кутабыт. Тэллэйбит буста дии санаа­тахпытына, үрдүгэр собону тэлгэтэ уурабыт уонна кыра уокка хаппахтаан икки өттүттэн эргитэ сылдьан сырдьыгынатан ылабыт. Гарнирыгар ириис, хортуоппуй ордук барсар.

Собо миинэ

Саха сирин олохтоохторо собо миинигэр көннөрү үүт, луук эбэн баран чааскыларга кутан сыпсырыйан бэ­­йэтинэн иһэр үгэстээхпит. Бу сырыыга арыый атыннык буһаран көрүҥ.

Туох ирдэнэр:

Собо – 6-7 орто собо

Уу – 1,5 лиитирэ

Үүт – 150 кыраам

Хортуоппуй – 1 улахан

Моркуоп – 1 орто

Хаппыыста – 100 кыраам

Туус – ким төһөнү сөбүлүүрүнэн,

Укуруоп – кыратык.

Хайдах бэлэмниибит:

Собону сууйан, хатырыктаан, үөстээн баран ууга буһара уурабыт. Буспутун кэннэ собону таһааран хоторобут, миинин сиидэлиибит. Мииҥҥэ кыра гына кырбастаныллыбыт хортуоппуйу, моркуобу уонна уһун синньигэс гына быһыллыбыт хаппыыстаны кутабыт. 10-15 мүнүүтэ оргуйбутун кэннэ үүт уонна укуруоп кутан баран биэс мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт.

Хортуоппуйдаах собо

Бу бүлүүдэ үчүгэйэ диэн тус-туспа буһарар, манаан туран булкуйар ирдэммэт. Оһоххо уктубут да бэйэтэ буһан тахсар судургу эрээри, олус минньи­гэс бүлүүдэ.

Туох ирдэнэр:

Собо – 5-6 орто (эбэтэр 4 улахан)

Хортуоппуй – 1 киилэ

Мас арыыта эбэтэр майонез – 2-3 ост. нь.

Тума – укуруоп, хара биэрэс (эбэтэр балыкка аналлаах бэлэм тума)

Туус – ким төһөнү сөбүлүүрүнэн.

Хайдах бэлэмниибит:

Собону хатырыктыыбыт, сууйабыт, үөстүүбүт. Духуопканы 180 кыраадыска холбуубут. Оһох илииһигэр пергаментнай кумааҕы тэлгиибит уонна үрдүн мас арыытынан сотон ылабыт. Туманы, тууһу мас арыытыгар эбэтэр майонеһы кытта булкуйабыт уонна собоҕо, бөдөҥ соҕустук кырбастаммыт хортуоппуйга кутан баран сэрэнэн булкуйабыт. Илиис үрдүгэр уурталыыбыт, үрдүн фольганан кичэйэн бүрүйэбит итиэннэ итии духуопкаҕа 20 мүнүүтэҕэ угабыт. Сүүрбэ мүнүүтэ ааспытын кэннэ фольгатын ылан баран өссө 15 мүнүүтэ буһарабыт.

Маны билэҕит дуо?

– Өбүгэлэрбит күөллэриттэн сылы эргиччи кэриэтэ балыктыыллара. Ол иһин күөллэрин олус харыс­тыыллара, көрөллөрө-истэллэрэ

– өлбүттээх ыал эбэтэр өлбүт киһини көмүүгэ сылдьыбыт киһини 40 хонук устата “кирдээх” диэн күөлгэ чугаһаппаттара. “Кирдээх” киһи балыктаатаҕына, күөл балыга кэхтэр, “хааннырар” диэн буолара

– күөл кытыытыгар маһы кэртэрбэттэр, саас собо ыамын саҕана күөлгэ сааланнарбаттар, улахан тыаһы-ууһу таһаарбаттар

– эбэ туһунан хатыылаах тылы саҥардыбаттар

– дьахтар аймаҕы балыктыыр тэрил таһыгар чугаһаппаттар, быһа хаамтарбаттар

– саас күөл мууһа суйданнаҕына күөл кытыытыгар киирэн аналлаах баараҕай мастарыгар салама оҥорон ыйыыллар, уот оттон эбэлэрин иччитин анаан аһаталлар, алгыс тыл арааһын этэллэр, көмүс хатырыктааҕыттан күндүлүү турарыгар көрдөһөллөр, ааттаһаллар.

(Е.Ф.Кузьмина “Саха төрүт аһа-үөлэ” кинигэттэн).

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар ыраах айан суоппардара түмсүү тэриннилэр

Бу күннэргэ Нам улууһугар ыраах айан суоппардарын бастакы сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Урбаанньыт аҕа» бырайыак кыттыылаахтара онлайн-үөрэҕи түмүктээтилэр

Саха сиригэр «Урбаанньыт аҕа» үөрэх онлайн түһүмэҕэ түмүктэннэ. Аҕалары ый устата «Мой бизнес» киин преподавателлэрэ…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэни тутуу эридьиэстэрэ

Бу кэлиҥҥи сылларга кэтэх дьиэни тутууга чэпчэтиилээх ипотека киирэн, Туймаада хочото биирдэ мас тутуунан дьэргэс…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Булуҥҥа медузаны балыктаан ыллылар

Булуҥ оройуонугар Быковскай сэлиэнньэтигэр Лаптевтар байҕалга балыксыттар медузаны туппуттар. Бу туһунан «Маяк Арктики» хаһыат ТГ-ханаала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕо туһугар…

Дьылҕа ыйааҕа диэн баара дуу... Эбэтэр бэйэ олоҕун иннигэр эппиэтинэстэн куттанан барытын дьылҕаҕа балыйар судургу…

2 часа ago