Ааспыт субуотаҕа Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет преподавателлэрэ нэһилиэнньэҕэ анаан буору бэлэмнээһиҥҥэ маастар-кылаас ыыттылар.
Маастар-кылааска суруттарбыт дьон кэлэн соннорун устан көхөҕө ыйааттарын кытта, хас биирдиилэригэр бэрчээкки, буор бэлэмнииллэригэр анаан иһит туттартаатылар, дьэ уонна биир чаастаах үлэ саҕаламмытынан барда. АГАТУ преподавателэ Мария Лукина арассаада буорун бэлэмнээһини көрдөрдө.
Буор састааба: Оҕуруот буора (эбэтэр атыыга баар олохтоох “Родная земля”) – 1 биэдэрэ, универсальнай буор эбэтэр туорпа (верховой) – биэдэрэ 1/2, өрүс кумаҕа (эбэтэр тиит, хатыҥ мас көөбүлэ) – биэдэрэ ¼, “Азофоска” кураанах минеральнай уоҕурдуу – 1 ост. нь. (эбэтэр “Нитрофоска”, “Суперфосфат”), “Фитоспорин-М” биопрепарат.
Хайдах бэлэмниибит: Буордары иһиккэ кутан булкуйабыт. Оҕуруот сириттэн ылыллыбыт буорга ааспыт сыллааҕы араас ыарыылар көбөн тахсыбаттарын туһугар, эрдэттэн сылаас ууга бэлэмнэммит ”Фитоспорин-М” суурадаһынын (1 ост. нь. суурадаһыны
1 л ууга) кутабыт уонна кичэйэн булкуйабыт. “Фитоспорин-М” оннугар буору итии духуопкаҕа угуохха, итии уу, марганцовкалаах уу кутуохха эмиэ сөп. Буорбут илиинэн булкуйан көрдөххө, көпсөркөй, биир да хомуога суох буолуохтаах. Салгыы кумаҕы, “Азофосканы” кутан булкуйабыт.
Арассаада үүннэрэр иһит түгэҕэр дренаж кутабыт. Ону сиигирдэн, буортулааҕын суох оҥороору, “Фитоспорин-М” кутабыт. Төһөнөн түгэҕэ сииктээх буолар да, соччонон үүнээйи куурбакка-хаппакка турар. Буорун ньуурун тэҥниибит, илиинэн чиҥэтэн баран боруоскалары оҥортоон сиэмэбитин ыспытынан барабыт.
Тэпилииссэ буорун оҥорууга маастар-кылааһы АГАТУ деканы билим үлэтигэр солбуйааччы, тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьыдаата Васена Устинова көрдөрдө.
Буор састааба: кырыс буор – 1 биэдэрэ, ноһуом (перегной) – 1 биэдэрэ, сылгы сааҕа (ынах сааҕа) – анныгар тэлгэниллэр, кумах – биэдэрэ 1/3 чааһа, итии уу, марганцовка, “Азофоска”, биопрепарат “Кормилица Микориза”.
Хайдах бэлэмниибит: тэпилииссэни күн көрөр өттүгэр тутуллар, икки хос салааппаанынан бүрүйэр үчүгэй.
Тэпилииссэ куораба 45 см үрдүктээх буоллаҕына, түгэҕэр 15 см гына сылгы сааҕын сибиэһэйдии хомуйан эбэтэр ынах сааҕын балбааҕынан тэлгэтиллэр. Сылгы сааҕа буору анныттан сылыта турар. Ынах сааҕа сытан эрэн хара буорга кубулуйар.
Туспа тэҥ өлүүлээх кырыс буору, ноһуому (перегной) сиидэлээн, 1/2 кумах эбэн, манна “Азофоска” кутан баран булкуйабыт. Куорапка сытар сылгы сааҕын үрдүгэр 20-25 см халыҥнаах бэлэмнэммит буору кутабыт. Үөн-көйүүр сымыытын, сорох ыарыылары өлөрөр туһугар оргуйа турар итии ууну кутабыт уонна салаппаанынан бүрүйэн баран биир күн хонноробут.
Сарсыныгар вируснай, грибковай ыарыылары, бактыарыйалары өлөрөр инниттэн хойуу соҕус марганцовкалаах ууну суурайан кутабыт. Грибковай ыарыылары өссө чиҥэтэн өлөрөр уонна үүнээйи силиһин бөҕөргөтөр туһугар “Кормилица Микориза” биопрепараты суурайан ыстарабыт.
Сибиэһэй кырыс буорга микро, макро-элэмиэннэрэ элбэх. Онтон тэпилииссэ буора хас да сыл туһаныллыбыт түгэнигэр “Азофоска” кутар булгуччулаах.
Маастар-кылааска кыттыбыт дьон: “Буору хайдах бэлэмниири билэбин дэнэ сананарым да, билбэтим-көрбөтүм элбэх”, – дэһэн тарҕастылар. Бу субуотаҕа петуния сибэккини хайдах сөпкө көһөрөр, элбэтэр туһунан кэпсиэхтэрэ, сүбэлиэхтэрэ-амалыахтара. Сыаналара босхону эрэ үрдүнэн. Үчүгэйэ диэн, манна кэлбит дьон көрөн турбакка, барытын бэйэлэрэ булкуйан, кутан оҥороллоро, быһаччы кытталлара быдан тиийимтиэ эбит диэн түмүккэ кэллим.
Тэттик сүбэлэр
1 сүбэ: Буору төһө да маҕаһыынтан ылбыппыт иһин, булгуччу сиидэлиибит, үөнү-көйүүрү эмтиибит.
2 сүбэ: Тэпилииссэ буорун анныгар сыллата сылгы сааҕын уган, үрдүгэр саҥа буору эбэн биэрэн иһэр түгэҥҥэ, бу буор уһаабыта 3-5 сыл туттуллуон сөп.
3 сүбэ: Арассаадаҕа туорпа (верховой), үүнээйини бастайааннай миэстэтигэр олордорго туорпа (низинный торф) барсар.
4 сүбэ: Арассаадаҕа, оҕуруокка өрүс кумаҕын эрэ кутуллар.
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…