Салгыы
СҮБЭҺИТ: Битэмиин тиийбэт буоллаҕына

СҮБЭҺИТ: Битэмиин тиийбэт буоллаҕына

11.12.2024, 14:40
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Кыһыҥҥы кэмҥэ киһи доруобай, чөл туруктаах буоларыгар, таһыттан киирэр араас дьайыыга эт-хаан утарсыытын күүһүрдэригэр быраастар араас битэмиин анатан иһэргэ сүбэлииллэр.

Битэмииннэр уонна микроэлэмиэннэр аҕыйаатахтарына, киһи ыарытыйар. Холобур, тимир аҕыйаатаҕына, киһи кыыһырымтаҕай, сылайымтыа, сүрэҕэ өрүкүйэр, куйахата кыһыйар, баттаҕа түһэр буолар. Битэмиин тиийбэт буоллаҕына ханнык ыарыыга тиэрдиэн сөбүй?

* Тиамин (В1 битэмиин) аҕыйаатаҕына, аска наадыйбат буолар, өйө-төйө мөлтүүр, аанньа утуйбат, түргэнник сылайар, хаан баттааһына, сүрэҕин тэбиитэ уларыйар.

* Хоннох анныгар былчархай улаатара – А битэмиин тиийбэтиттэн.

* Аллергия – пантотеновай кислота аҕыйаатаҕына (бу кислота В битэмиин бөлөҕөр киирсэр).

* Ыйданыы көтүүтэ – В12 битэмиин аҕыйаатаҕына, Е битэмиин эмиэ улахан оруоллаах.

* Хаан аҕыйааһына (анемия) – Е, В6 битэмииннэр, фолиевай кислота тиийбэтиттэн.

* Олоххо тардыһыы сүтүүтэ (апатия) – фолиевай кислота, магний аҕыйааһына.

* Сыты билбэт буолуу – кадмий элбиириттэн. А битэмиин сиэтэхтэринэ, чөлүгэр түһэр.

* Сүрэх тэбиитин тэтимин булкуллуута – организмҥа магний уонна калий аҕыйаҕар сүрэх түргэнник тэбэр (тахикардия) уонна “бүдүрүйэн” ылаттыыр.

* Сүһүөх ыарыылара – В6 битэмиин уонна калий аҕыйааһына.

* Тирии куурар-хатар (астеотоз) буоллаҕына – Е битэмиини бэриллэр.

* Астма (бопторуу) – элбэх С битэмиин, углеводтар уонна туус наадалар.

* Утуйбат буолуу – В битэмиин тиийбэтиттэн (В6, пантотеновай, фолиевай кислоталар). Кальций уонна магний холбоспут эмтэрэ ньиэрбэни сымнаталлар.

* Харах ырааҕы көрбөтө (близорукость) – Е, В2, С, Д битэмииннээх аһылыктар наадалар. Харах халтаһата тардара, сабыллара – В2 (рибофлавин) тиийбэт.

* Былчыҥнар ыалдьаллар – калий, Е битэмиин тиийбэтин уонна организмҥа токсиннар баалларын ыйар. С битэмиини истэҕинэ, киһи чэпчиир.

* Уокка сиэттэххэ – параминобензоатнай кислота наада, Е битэмиин эмиэ чэри сымнатар, тириини чөлүгэр түһэрэр.

* Ис быһа тутара – цинк тиийбэтиттэн.

* Тирии үөнүгэр (бородавка) – С битэмиини (дөлүһүөн отоно) Е битэмиини кытары бииргэ күҥҥэ иккитэ 40 мг сиэтэххэ, үтүөрдэр.

* Тирии элэмэс буоллаҕына (витилиго) – 150-300 мг пантотеновай кислота барар.

* Амтаны билии А битэмиинтэн тутулуктаах, эбэтэр, цинк тиийбэт.

* Уу үөскээһинэ – фолиевай кислота, В12, В6 битэмииннэр, метанин тиийбэттэриттэн.

* Үрдүк хаан баттааһына – калий уонна натрий ахсааннарыттан тутулуктаах. Натрий элбэҕэр хаан баттааһына үрдүүр, оттон калий элбээтэҕинэ, түһэр, намыһах буолар.

* Геморрой – В битэмиин аҕыйаатаҕына.

* Хаан баттааһынын түһүүтэ – В1, С, Е битэмииннэр, пантотеновай кислота белок аҕыйаатаҕына, магний элбээтэҕинэ, эбэтэр, организм элбэх ууну сүтэрдэҕинэ.

* Эмиий үүтэ аҕыйааһыныгар мүөт, цинк, йодистай калий биэрдэххэ, элбиир.

* Ыйырыы (глотание) кытааттаҕына, доруоһаны сиэн аһарыллар.

* Истибэт буолуу – дьуот тиийбэт.

* Мэйии эргийиитэ — саахар түстэҕинэ, хаан эргиирэ кэһилиннэҕинэ, инфекция киирдэҕинэ, сүрэх-тымыр ыарыыларыгар.

* Депрессия (санаа түһүүтэ) – В12, В1 битэмииннэр, пантотеновай кислота, магний аҕыйааһыннара. Холины истэхтэринэ, үтүөрэллэр.

* Куһаҕан сыттаныы – каротин элбээтэҕинэ. Цинканы сааһылыыр үчүгэй түмүгү биэрэр.

* Хойуулук хатыыта – В1, В2, калий уонна куртах аһыыбата аҕыйаатаҕына. Пантотеновай кислотаны сиэтэххэ, оһоҕос үчүгэйдик үлэлиир. Кальций элбээтэҕинэ, эмиэ хаайтарар.

* Эр киһи кыаҕа мөлтүүрүгэр (импотенция) В6, цинк, магний, Е битэмиини бэриллэр.

* Эт кыһыйыытын төрүөтэ араас. В2,В6, Е, А битэмииннэр бараллар.

* Катаракта – организм аминокислотата аҕыйаҕа уонна молочнай саахара үрдээтэҕинэ, цинк, кальций, В6 битэмиин аҕыйаатаҕына, үөскүүр ыарыы.

* Сороҕор ыйданыы кэмигэр олус элбэх хаан барар, ону А битэмиининэн эмтэнэр.

* Төбө ыарыытын бобо тутуута (мигрень) — хааҥҥа саахар уонна В битэмиин бөлөҕө аҕыйаатаҕына.

* Тыҥырах тостумтуо буолара – цинк эбэтэр кремний аҕыйаҕар. Тыҥырах маҥан эбирдэнэрэ – цинк уонна марганец тиийбэтиттэн.

* Суон оһоҕоско полип – С битэмиининэн эмтэнэр, күҥҥэ 3 гр.

* Түүн иҥиир тардара – кальций, магний, В6 битэмиин тиийбэтиттэн. Е битэмиин уонна цинк ону үчүгэйдик усталлар.

* Сирэйгэ ириҥэ оҕуолуурун цинк, А, Е, Д, В6 битэмииннэринэн, пантотеновай кислотанан уонна мас арыытынан эмтэниллэр.

* Кэлтэһэ тахсыыта – А битэмиин тиийбэтиттэн.

К.Н. Андрианов “Медицина сегодня” кинигэтиттэн

+1
14
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
+1
4
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: