Сүбэһит: булчут ыты хайдах билиэххэ сөбүй?
17.05.2025, 16:10

https://pxhere.com/ru
Бөлөххө киир:
Бултуулларын сөбүлүүр дьоҥҥо, булчуттарга маннык бэртээхэй сүбэ баар.
Бастатан, айылҕатын быһыытынан тыһы ыт ордук булчут буоларын өйдөнүллүөхтээх диэн суруйаллар. Салгыы көрдөххө, тугу сүбэлииллэр эбитий?
- Кэтэҕин уҥуоҕун сүгэтэ улахан буолар дииллэр эбит.
- Халыҥ, туруору кулгаахтаах, кулгаахтарын икки арда, таныылара уонна харахтара киэҥ буолуохтаахтар.
- Тилэҕэ халыҥ, хара буоллаҕына уһуннук тулуйан сүүрэр, булду сырсар. Чараас тилэхтээх ыт биир күн сүүрдэҕинэ, тилэҕэ хайыта барар.
- Таҕалайа хара, хара эриэн, сэттэттэн элбэх кэрдиистээх буоллаҕына үчүгэй ыт тахсар.
- Мунна уһун, таныыта киэҥ буоллаҕына — сытымсах.
- Кэтит түөстээх буоллаҕына — күүстээх.
- Сүүрүк ыт улаханнык кэдэйэр, агдата улахан, ойоҕоһун уҥуоҕун икки арда, бэрбээкэйэ киэҥ, кутуруга эриллэҕэс буолар.
- Тайах ордук үрүҥ-хара эриэн дьүһүннээх ыкка тохтуур.
- Эккэ ыт булчута суох буолар.
- Улахан саҥалаах ыт тайахха ордук.
- Тот ыт кыайан бултаабат. Ыты күҥҥэ биирдэ-иккитэ аһатыллар.
- Ыты булка уһуйарга моҕотойу, тииҥи, андаатары өлөрөн, тириитин сүлэн баран этин эрэ бэриллэр.
- Булчут ыты ыты кытта охсуһуннарбаттар.
Саха ыалын халандаарыттан,
«Айар», 2007 сыл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: