Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр, чэй суоҕуна, өбүгэлэрбит хатыҥ чээрэтин, кучу чэйи иһэн олорбуттара. Кучу чэй доруобуйаҕа туһата баһаам. Ол эрээри, ону сөпкө бэлэмниэххэ наада эбит.
Кистэлэҥэ – сүмэһинин көөнньөрүү
Дьэ, бу маннык туһалаах чэй оннугар тоҕо хантан кэлбитэ биллибэт, араас чэй тобоҕун, кыраасканы симпит “пакеттарын” иһэ сылдьабыт? “Ээ пахай, от амтаннаах, оту испэппин, чэйим амтана быдан ордук” диэччилэр. Итиннэ анаан этиэҕи баҕарыллар – кучу оту көннөрү хатардахха, кырдьык, от амтаннаах буолар. Оттон чэйи атын технологиянан оҥоһуллар эбит. Ол эрэн, ханнык баҕарар киһи дьиэтээҕи усулуобуйатыгар оҥоруон сөптөөх! “Ээ, бадьыыһа бэрт, бэлэми атыыласпытым ордук”. Суох, кучу чэйи оҥоруу сир аһын астыырдааҕар, уустуга суох. Өссө судургу да диэххэ сөп. Ону тэҥэ, бэйэ дойдутун илгэтин иҥэриммит, аар айылҕа бэлэҕин доруобуйаҕа туһатын ол “пакеттаах” чэйи кытта хайдах тэҥниэҥий?
Кэнники кэмҥэ «хас биирдии сэбирдэҕи эрийиллэр, оччоҕо чэй буолар» диэн иһитиннэрии тарҕаммыт этэ. Ол оннук эрийэ олордоххо, чахчы бадьыыстаах. Ол эрээри, оннооҕор судургу ньыма баар эбит. Маннык сөпкө бэлэмнэммит чэй дыргыл сыттаах, чэй курдук амтаннаах уонна хараҥа өҥнөнүөр диэри хойуутук барар. Үүттээн да, мүөттээн да иһэргэ олус минньигэс! Онуоха өссө атын да хатарыллыбыт оттору (биэ эмиийин, моонньоҕон, дьэдьэн сэбирдэхтэрин), дөлүһүөн отонун эбиэххэ сөп.
Бу маннык бэлэмнэниллибит кучуну “копорский чай” диэн ааттыыллар. Бу чэй ферменнэрэ ыгыллыбыт, ол эбэтэр сүмэһинин таһааран баран, 24-48 чаас ыга баттаан, көөнньөрүллэр. Төһө өр тутаргыттан, чэйэ сырдык, хараҥа өҥнөөх буолар, амтана уларыйар.
Чэйи оҥорор судургу ньыма
Хас да ньыма баарыттан, саамай судургутун ылан көрүөххэ. Кучу сэбирдэҕин уонна үөһээҥҥи сибэккитин (сиэмэтэ суоҕу) хомуйабыт. Угун алдьаппакка, умнаһын тутаат, аҥар илиигинэн үөһэттэн аллара сурулаттахха, бэрт үчүгэйдик кэлэр. Куйааска хомуллубат, “умайан” хаалыа. Аны сыттаах хомурдуос киирбэтин курдук, көрөн хомуйаҕын. Кучу отун суол кытыытыттан хомуллубат. Ол да буоллар, сэбирдэхтэри сайгыы түһээт, таҥаска тэлгээн, куурдабыт.
Онтон хайаан да илиибитинэн ыгыта тутан, сүмэһинин таһаарабыт. Элбэх сүмэһиннээх, сыттаах.
Ол кэнниттэн 3 лиитирэлээх бааҥкаҕа симэн баран, инчэҕэй өрбөҕүнэн сабан, хараҥа сиргэ уурабыт. 36-40 чаас буолаат, сэбирдэхтэрбитин хостоон баран, 95-110 кыраадыска холбоон, духуопкаҕа хатарабыт. Ол курдук, хатыар диэри, булкуйан ыла-ыла, 1,5-2 чаас тутабыт. Бүтэһигэр кыратык уотун күүһүрдэн ылыахха сөп, оччоҕо амтана өссө тупсар. “Копорскай” чэй хаппахтаах иһиккэ, кураанах, хараҥа сиргэ 3 сыл туох да буолбакка хараллыан сөп. Сытыйбыт от курдук сыттаннаҕаныа, быраҕыллар. Ол эрээри, сибиэһэйдии испит ордук. Сойбут чэйи иккистээн оргуттахха, сыта, амтана уларыйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: