СҮБЭҺИТ. Дьаабылыка туһата уонна буортута
Өрөспүүбүлүкэҕэ тастан аҕалыы фрукта, отон арааһа элбиир. Бу кэмҥэ эспиэрдэр киһиэхэ дьаабылыка туһатын уонна ханнык кэмҥэ буортулааҕын туһунан санаттылар.
Дьаабылыка — киһи организмыгар элбэх олус туһалаах уонна иҥэмтиэлээх эттиктэрдээх. Холобур, пектин оһоҕос үлэтигэр туһалыыр уонна киһи организмын ыраастырга көмөлөһөр, тимир эттигэ хааны-сиини, оттон кальций сүрэх-тымыр систиэмэтин тупсараллар. Маны таһынан дьаабылыкаҕа калий, кальций, сера, магний, алтан, марганец, молибден, цинк, хлор, хром, А, Е, С уонна В битэмииннэрэ бааллар. Элбэх битэмииннээх буолан, дьаабылыка киһи сүрэҕэр, мэйиигэ, тириигэ, куртахха олус туһалаах.
Ол эрээри, сууккаҕа дьаабылыканы сииргэ нуорманы тутуһуохха наада. Улахан киһи сууккаҕа орто кээмэйдээх биир-икки дьаабылыка фруктаны сиэхтээх. Итини таһынан дьаабылыка суордун уларыта сылдьан сиэниллиэхтээх. Бу фруктаҕа баар кислота тиис туругун мөлтөтүөн сөп. Онон аһылык кэннэ уунан сайҕанарга сүбэлэнэр.
Аны туран сиэмэтин сиэниллиэ суохтаах — кыра дьааттаах диэн эспиэрдэр быһаараллар. Сиэмэтигэр цианид эттиктээх. Ол гынан баран, биир-икки сиэмэтин ыйыһыннахха, туох да куһаҕана суох диэн бэлиэтииллэр. Ону таһынан аллергиялаах эбэтэр диабетиктарга бу фруктаны сииргэ сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: