Салгыы
СҮБЭҺИТ. Дьаабылыка туһата уонна буортута

СҮБЭҺИТ. Дьаабылыка туһата уонна буортута

Ааптар:
05.12.2024, 15:45
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ тастан аҕалыы фрукта, отон арааһа элбиир. Бу кэмҥэ эспиэрдэр киһиэхэ дьаабылыка туһатын уонна ханнык кэмҥэ буортулааҕын туһунан санаттылар.

Дьаабылыка  — киһи организмыгар элбэх олус туһалаах уонна иҥэмтиэлээх эттиктэрдээх. Холобур, пектин оһоҕос үлэтигэр туһалыыр уонна киһи организмын ыраастырга көмөлөһөр, тимир эттигэ хааны-сиини, оттон кальций сүрэх-тымыр систиэмэтин тупсараллар. Маны таһынан дьаабылыкаҕа калий, кальций, сера, магний, алтан, марганец, молибден, цинк, хлор, хром, А, Е, С уонна В битэмииннэрэ бааллар. Элбэх битэмииннээх буолан, дьаабылыка киһи сүрэҕэр, мэйиигэ, тириигэ, куртахха олус туһалаах.

Ол эрээри, сууккаҕа дьаабылыканы сииргэ нуорманы тутуһуохха наада. Улахан киһи сууккаҕа орто кээмэйдээх биир-икки дьаабылыка фруктаны сиэхтээх. Итини таһынан дьаабылыка суордун уларыта сылдьан сиэниллиэхтээх. Бу фруктаҕа баар кислота тиис туругун мөлтөтүөн сөп. Онон аһылык кэннэ уунан сайҕанарга сүбэлэнэр.

Аны туран сиэмэтин сиэниллиэ суохтаах — кыра дьааттаах диэн эспиэрдэр быһаараллар. Сиэмэтигэр цианид эттиктээх. Ол гынан баран, биир-икки сиэмэтин ыйыһыннахха, туох да куһаҕана суох диэн бэлиэтииллэр. Ону таһынан аллергиялаах эбэтэр диабетиктарга бу фруктаны сииргэ сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар.

+1
19
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
+1
2
+1
8
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: