Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара — II
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ бэйэтэ туспа эниэргийэлээх, эйгэлээх. Дьиэ ис эйгэтиттэн дьиэ кэргэн туруга, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара кытта тутулуктаах дииллэр. Маны кэмиттэн-кэмигэр сырдатар, ыраастыыр ирдэнэр. Ол эрээри, биһиги билигин үксүгэр сахалыы алаадьылаан, боҕуруоскай оту уматан сыт таһаарабыт. Дьиҥэр, онтон атын ньымалар эмиэ элбэхтэр.
Туус
Туус аска кутулларын таһынан, туһаныллар эйгэтэ элбэх. Онтон биирдэстэринэн дьиэни ыраастааһын. Туттуллубат эргэ хобордооххо тууһу кутан баран кыра уокка ууруллар. Маны туппутунан аантан саҕалаан дьиэни күн эргииринэн эргийэн ыраастаныллар, хайдах сатыыргынан, туох тыллар тахсалларынан көрдөһүллэр. Түннүктэргэ, муннуктарга бытаара түһүллэр. Туһаныллыбыт тууһу сойбутун кэннэ салаппааҥҥа кутан, ыга баайан быраҕыллар эбэтэр унитазка тоҕуллар. Туттуллар хобордооҕу туһаммыт буоллаххытына, маҥнай атын туустаах уунан иһин-таһын хаста да сууйуҥ, онтон кичэйэн сайҕааҥ.
Чүмэчи
Чүмэчинэн дьиэни ыраастааһыны сахалар киэҥник туһанабыт. Онон сонун буолбатах эрээри, икки суолга боҕомто уурар эрэйиллэр. Бастакытынан, ыраастыах иннинэ маҥнай дьиэни кичэйэн сууйар, салгылатар ирдэнэр. Иккиһинэн, дьиэни ыраастыыр киһиттэн ураты ким да суох буолара ордук.
Туох да өҥө, ойуута суох чүмэчи барсар. Аан аттыгар туран уматыллар уонна күн эргииринэн биир да хоһу хаалларбакка көрдөһөр ис хоһоонноох тыллары этэ-этэ муннуктарга, түннүктэргэ уонна чүмэчи хараарар сиринэн тура түһэ-түһэ ыраастаан ааҥҥа кэлиллэр. Туһаныллыбыт чүмэчи бэйэтэ умайан бүтүөр диэри турар, бүппүтүн кэннэ быраҕыллар.
Отунан
Урут-уруккуттан араас сыты таһааран дьиэни ыраастыыр үгэс баар. Сахаларга айылҕабыт барахсан бэйэтэ маныаха анаан-минээн бэлэмнээбит үүнэйилэрдээх. Билигин дьиэни ыраастыырга боҕуруоскай оту, кытыаны, кыа угун, сугун абаҕатын, о.д.а. хото туһаналлар.
Маныаха оту сөптөөх кэмҥэ, сиэри-туому тутуһан, айылҕаттан көрдөһөн үргэнэр, хатарыллар. Маҥнай дьиэ ортотугар уоту тулуйар иһиккэ кутан уматыллар, алгыс этиллэр, онтон уотун умуруоран баран буруолата сылдьан күн эргииринэн ыраастаныллар.
Салгыыта. Иннин манна көр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: