Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ бэйэтэ туспа эниэргийэлээх, эйгэлээх. Дьиэ ис эйгэтиттэн дьиэ кэргэн туруга, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара кытта тутулуктаах дииллэр. Маны кэмиттэн-кэмигэр сырдатар, ыраастыыр ирдэнэр. Ол эрээри, биһиги билигин үксүгэр сахалыы алаадьылаан, боҕуруоскай оту уматан сыт таһаарабыт. Дьиҥэр, онтон атын ньымалар эмиэ элбэхтэр.
Сахалар сиргэ-уокка, окко-маска, айылҕаҕа чугаспыт быһыытынан, көнөтүнэн, быһаччы да буолбатар, сэрэйэн даҕаны билэр күүстээхпит. Ол иһин киһи сороҕор бэйэтин иһиллэнэн көрөр, чуумпуга талаһар. Онон дьиэ “киртийдэҕинэ” үксүгэр сэрэйэбит, ыраастыыр кэммит кэлбит диибит. Сылга иккиттэн итэҕэһэ суох ыраастыыр ордук диэн сүбэлииллэр.
Дьиэни ыраастыыр уолдьаспытын хайдах билэбит? Дьиэ энэргиэтикэтэ уларыйбытын бастакынан дьиэ иһинээҕи кыыл-сүөл билэр, холку бэйэлэрэ туохтан эрэ куттанар курдук тутталлар; төһө да бэрийиллибитин иһин сибэкки сыыйа кэхтэн, кууран-хатан, устунан өлөн барар; бытовой тиэхиньикэ алдьанар, лаампа умайар; дьиэҕэ үөн-көйүүр мустар; кыра оҕо туох да төрүөтэ суох хаппырыыстыыра үксүүр; ыраас салгын тиийбэт, дьиэ баттыыр курдук буолар, киһи дьиэтиттэн атын сиргэ сылдьарын ордорор.
Бастатан туран, дьиэҕэ өр (2 сыл кэриҥэ) туһаныллыбатах, хаһан эмэ туттуом диэн уура сылдьар малы, таҥаһы-сабы быраҕар эбэтэр кимиэхэ эрэ чахчы туһалыан сөбүн билэр түгэҥҥэр биэрэр, атыылыыр ирдэнэр. Туттуллубат мал киһи хараҕын күн ахсын аалбатаҕын да иһин, уйулҕа өттүнэн күүһү ылар, куһаҕан эниэргийэни мунньар дииллэр.
Өскөтүн өрөмүөннэнэр мал-сал баар буоллаҕына, маны уталыппакка оҥорор, сууйар-тарыыр, оннун булларар наада. Бу кэнниттэн киһи тута чэпчээбитинэн барар. Ол эрээри, силигин ситэрээри, ким хайдах сатыырынан дьиэтин ыраастыыра ордугун бэлиэтииллэр.
Сахалар арыылаах алаадьы буһарарбытын, сыт таһаарарбытын сөбүлүүбүт. Түгэн көһүннэр эрэ алаадьы кутабыт. Сорохтор мантан дьиэлэригэр өлүүлээн иһиккэ туспа остуолга, атыттар муннукка, сорохтор таһырдьа таһааран уураллар, чааһынай дьиэҕэ олорооччулар оһохторун аһаталлар – ким хайдах сатыырынан, сүрэҕэ сытарынан. Улуу алгысчыт да буолбаталлар, санааларыттан тахсар истиҥ тыллары этэллэр. Оччоҕо киһи чэпчээбиккэ, мэктиэтигэр тулабыт сырдаабыкка дылы буолар.
Аныгы кэмҥэ маҕаһыыҥҥа хаһаайыстыбаннай мыылаттан саҕалаан “Доместоска”, экологическай өттүнэн ыраас дэнэр сууйар сириэстибэ арааһа элбэх буолан, дьиэ сууйар уубутугар кутан хото туһанабыт. Бу оннугар биирдэ эмэ тууһу кутан көр диэн сүбэлииллэр. Сууйар кэмҥэ туустаах уу дьиэҕэ мунньуллубут туох баар куһаҕаны, кири-хаҕы бэйэтигэр иҥэринэн илдьэ барбытын курдук толкуйдаан көр. Маныаха болҕомтону муннуктарга, киһи илиитэ дэбигис тиийбэт сирдэригэр уурар ордук.
Онтон уунан сууллар кыаллыбат малларга, холобур, көбүөргэ, ковролиҥҥа тууста таммалат уонна сотору кэминэн пылесоһунан кичэйэн оборторон ыл.
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…