Салгыы
СҮБЭҺИТ: «Госуслугаҕын» түөкүттэр арыйбыт буоллахтарына…

СҮБЭҺИТ: «Госуслугаҕын» түөкүттэр арыйбыт буоллахтарына…

24.10.2024, 17:00
Хаартыска: Мария Васильева (СИА).
Бөлөххө киир:

Билигин түөкүттэр тууһугуран туран дьон харчытын суйдуур туһуттан арааһынан бары киирэллэр. Кирэдьиит да оҥотторорго күһэйэллэр, баан, полиция аатыттан эрийэллэр. Өскөтүн, «Госуслугалар» саайтарыгар баар тус кабинеккын алдьаппыт буоллахтарына, тугу гыныахха сөбүй?

«Мин докумуоннарым  исписэлиистэрэ сүбэлииллэр:

  1. Учуотунай суруккар киирии. Бастатан туран баан эбэтэр МФЦ нөҥүө онлайн парольгутун сөргүтүҥ. Онно төлөпүөҥҥүт нүөмэрэ, электроннай пуочтаҕыт сөбүн бэрэбиэркэлээҥ;
  2. Аккауҥҥутун харыстааҥ. Аккауҥҥа киириигэ пароль оҥорор туһалаах. Хонтуруолунай боппуруос толкуйдуур эмиэ туһалаах;
  3. Аккаунуҥ ханна туһаныллыбытын быһаар. Тус кабинеккар киир -(безопасность) сэрэхтээх буолуу- систиэмэҕэ дьайыылар (действия в системе). Манна, учуотнай записькар уорбаланыан сөптөөх дьайыылар оҥоһуллубуттарын суоҕун бэрэбиэркэлээ. Өскөтүн, дьайыылар оҥоһуллубут буоллахтарына, өйөбүл сулууспаҕа тахсар наада. Киирбэтэх сыһыарыылартан тахсан баран көҥүл биэрбэтэх сөбүлэҥнэргиттэн аккаастанаҕыҥ. Ити барыта тус кабинет иһигэр оҥоһуллар. Ханнык сайабылыанньалары биэрбиккин тус кабинеккар бэрэбиэркэлээ. Эн ааккыттан түөкүттэр туох дьайыыны оҥорбуттарын бэрэбиэркэлээ;
  4. ИДьМ-ҥа сайабылыанньа. Өскөтүн, «госуслугаҕын» алдьаппыт буоллахтарына, олорор сиргинэн ИДьМ салаатыгар тиийэр наада. Онно хаһан «госуслугаҕын» алдьаппыттара, профильгар баар атын билбэт нүөмэрдэргин  барытын полицияҕа көрдөрөр наада. Өскөтүн, ханнык тэрилтэҕэ эн ааккыттан түөкүттэр сибээскэ тахсыбыттарын барытын көрөн, ол тэрилтэҕэ быһалыы сибээскэ тахсыахха сөп. Маны сэргэ, «Мин докумуоннарым» кииҥҥэ (МФЦ-га) интэриниэт-түөкүттэр сиэртибэлэрэ сөптөөх юридическай көмө өҥөтүнэн туһаныахтарын сөп диэн МФЦ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: