Салгыы
СҮБЭҺИТ: Хаан баттааһына үрдүк буоллаҕына…

СҮБЭҺИТ: Хаан баттааһына үрдүк буоллаҕына…

Ааптар:
05.10.2024, 15:45
Хаартыска: xphere.com
Бөлөххө киир:

Хаан баттааһына эмискэ тахсар түгэнигэр киһи минньигэһи, туустааҕы, аһыыны аһыыра, арыгы иһэрэ, табах тардара хааччахтардаах. Манна биири бэлиэтэнэр наадалаах  — хаан баттааһына 130-140/85-90 мм көрдөрүүлээҕэ үрдүгүнэн ааҕыллар, оттон көрдөрүү 140/90 мм тэҥнэһэр түгэнигэр «артериальнай гипертензия» ыарыы туһунан сэрэтэр.

Дабылыанньа эмискэ олус үрдүк гына таҕыстаҕына тугу гынабытый? Дьиэ усулуобуйатыгар тугу гыныахха сөбүй? Үрдүк хаан баттааһыныгар  тугу гынар бобуулааҕый? Бу туһунан кылгастык эспиэрдэр сүбэлииллэр.

Холобур, нуорманан хаан баттааһына 110/70, 135/80 мм тиийэ көрдөрүүнэн ааҕыллар. Оттон 130-140/85-90 мм тахсар түгэнигэр нуорманы таһынан үрдүк көрдрүүлээҕинэн ааттыыллар.

Дабылыанньа үрдүүр төрүөтүнэн буолаллар: ордук ыйааһын; нэһилиэстибэнэн бэриллибит ыарыы; буортулаах кэмэлдьи; арахпат стресс; үгүстүк туустаах аһы-үөлү туһаныы.

Дабылыанньа тахсыбыт кэмигэр: икки илииҥ сөмүйэлэринэн кулгаахтаргын бүөлүү анньан баран, үөһээ уонна муннуҥ диэки эргиир чиэппэрин курдук 60 төгүл эбэтэр 1 мүнүүтэ устата хамсат. Оччоҕуна хараҕыҥ сырдаан, үтүөрэн барыаҥ.

Дабылыанньа чэпчэки көрүҥэр: Уулаах отон оргуйбут уутун иһэ сылдьар туһалаах. Күн ахсын 5 г балык арыытын ис. Ол суох буоллаҕына, нэдиэлэҕэ үстэ эмис балыкта сиэ.

Төбөҥ дыҥ курдук, кулгааҕыҥ куугунуур буоллаҕына: ытыһыҥ кырыытынан эбэтэр атын чэпчэки малынан моонньугун кыратык охсуолаа.

Дабылыанньа тахсар кэмигэр баанньыкка, саунаҕа сылдьар көҥүллэммэт. Бу ирдэбили хаан баттааһына ыарыылаахтар бары кытаанахтык тутуһуохтарын наада.

+1
17
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: