Салгыы
СҮБЭҺИТ: Хаан кутуу ньымата

СҮБЭҺИТ: Хаан кутуу ньымата

Ааптар:
18.10.2024, 10:00
Хаартыска: minpred.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Идэһэ кэмэ сотору саҕаланыа. Ону кытта хас биирдии саха ыалыгар сибиэһэй эти сиир дьоро күннэр үүнүөхтэрэ. Бүгүҥҥү сүбэ эдэр хаһаайкаларга хааны кутан буһарыыга ананар.

Ынах уонна сылгы хаанын оһоҕоско кутан бэлэмнээһин ордук тэнийбит ньыманан буолар. Былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри хааны икки көрүҥҥэ араараллар: субайга уонна хара хааҥҥа.

Хаартыска: СИА

Субайы сылгы, ынах хааннарыттан ылыллар. Хааны кутуох иннинэ туттар тэрили үчүгэйдик бэлэмнииллэр. Кутуллубут хааны угарга анал нэлэгэр миискэ, 250 мм уһуннаах хатыллыбыт сап, 120 мм уһуннаах кураанах тиит мастан эбэтэр хатыҥтан оҥоһуллубут үтэһэ баар буолуохтаах. Сылгы хаанын эмалированнай иһиккэ кутан, быыстаах гына хаппахтаан баран, биир эбэтэр балтараа суукка сөрүүн сиргэ сөҥөрдө туруоруллар. Хаан булкуллуо, хамсатыллыа суохтаах. Итинник туруоруллубут хааны нэлэгэр хамыйаҕынан үрдүгэр тахсыбыт дьэҥкир хаанын холбуйаллар. Холбуйуллубут 5 ыстакаан хааҥҥа 4 ыстакаан үүт кутуллар уонна бэйэ сөбүлүүрүнэн туус эбиллэр. Үчүгэйдик ыраастаммыт, сууйуллубут оһоҕоһу үрэн, бэрэбиэркэлээн, сыалаах өртүн ис өртүгэр тиэрэн баран ити бэлэмнэниллибит хааны кутуллар. Ылыллыбыт оһоҕос биэс гыммыт үһүгэр сөп түбэһэр гына кутуллуохтаах. Оһоҕостоох хааны илиинэн оргууй имэрийэн салгынын таһаарыллар уонна эрийэ тутан баран үтэһэни анньан туттарыллар, сабынан баайыллар. Бэлэм кутуллубут хааны оргуйа турар ууга угуллар, уот наһаа күүстээх буолуо суохтаах. Ууну туустуур ордук. Хаан буспутун-буспатаҕын илиинэн тутан билиллэр. Буспут хаан баттаатахха бэрдийбит курдук ыарыыр, оччоҕуна биилкэ уһугунан сэрэнэн тэһиллэр. Буспут хаантан дьэҥкир сүмэһин тахсар.

Буһарыллыбыт хааны ууттан таһаараат, кыратык сойутаҕын. Ити кэнниттэн үтэһэтин уонна баайыытын быһан быраҕыллар. Хааны улахан бүлүүдэҕэ ууран баран төгүрүк эбэтэр ньолбуһах гына халбаһылыы быһыллар. Үчүгэйдик оҥоһуллубут субай сырдык өҥнөөх ньалҕаархай буолар.

Хааны сылаастыы остуолга биэрэр ордук табыгастаах. Дьиэ кэргэҥҥэ улахан гына бысталаан анал тэриэлкэлэргэ ууран өлүүлүү-өлүүлүү биэрэр ордук. Ити хаан сылааһын уһуннук тутарыгар көмөлөһөр. Субайы ынах хааныттан ылыы эмиэ итинник оҥоһуллар.

Хара хааны субайдаабакка аҕыйах чаас туруора түһээт, сиидэҕэ эбэтэр маарылаҕа кутан убаҕаһын ылыллар, 5 ыстакаан хааҥҥа 4,5 ыстакаан үүт кутуллар. Хара хааҥҥа күөх луугу эбэтэр чесногу эбиллэр. Минньигэс буоларын наадатыгар ынах ис сыатын кырбаан кутуллар. Кыһыҥҥы бириэмэҕэ оһоҕоско кутуллубут хааны тус-туспа ууран тоҥоруллар. Тоҥорууну салапаан мөһөөччүккэ оҥорор ордук. Тоҥмут хаан сүрдээх кэбирэх буолар, ол иһин мөһөөччүк  алдьамматыгар көмөлөһөр.

+1
16
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
6
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: