СҮБЭҺИТ: Хайаҕы хайдах оҥоруохха?

Share

Хайах — өбүгэлэрбит сөбүлээн сиир үрүҥ астара. Аҕыйах сыалаах, киһи этэ-хаана түргэнник иҥэринэр. Бу аһыытыҥы арыы ас буһарар уорганнарга туһалаах. Урут хайах элбэх буолара, билигин дьон сиэбэт буолла. Ол эрээри, бэйэҕит оҥостон, сиэххитин сөп, оҥоһуллара судургу.

Хаартыска: Дзен.

500 г ынах арыыта, 250 мл сүөгэй уута, эбэтэр, суорат (кэпиир), кыра бырыһыаннаах үүт.

Арыыны халадыынньыктан таһааран, туруоран эрэ сымнаҕас буолуор диэри ириэрэбит. Үүтү (сүөгэй уутун, эбэтэр, кэпиири) эбэбит уонна ытыгынан күүскэ ытыйабыт. Хайах үллэр, көпсөркөй буолар. Араас отону, сиэниллэр от силиһин эбиэххэ сөп.

Хайаҕы халадыынньыкка уган, сойутабыт.  Сииргэ табыгастаах буоллун, кыра-кыра куһуоктары оҥортоон тоҥоруохха сөп. Тоҥмут хайаҕы ириэрдэххэ, туох да буолбат. Тоҥорон баран, биир ый устата эрэ харайыахха сөп.

Лэппиэскэни кытта сииргэ оһуобай!

«Туһалаах уонна минньигэс үрүҥ ас» кинигэттэн.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Ларионов ааҕыылара-2026» 500 оҕо кытынна

Майаҕа быйыл "Ларионов ааҕыыларыгар" өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан 500 оҕо кытынна. Бүгүн саха биллиилээх учуонайа, профессор Владимир…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Атамай үөрэнээччилэрэ — Бүтүн Арассыыйатааҕы IV научнай күрэс кыайыылаахтара

В.Д.Лонгинов аатынан Атамай орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын алта эдэр чинчийээччитэ Бүтүн Арассыыйатааҕы "Юный исследователь"…

34 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«100% көмүскэллээхпин диэн эрэммитим»

"100%  көмүскэллээхпин диэн эрэммитим": диэн күүстээх санаа баһылаабытын туһунан Арассыыйа Дьоруойа Андрей Григорьев "Россия 1"…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Чэгиэн

Сүбэһит: Сиспит тоноҕоһун харыстыаҕыҥ

Дьиэҕэ олорон үлэлииргэ-үөрэнэргэ элбэхтик хамсаммат буоллахха, бу доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөп.  Аан бастаан харах уонна…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сыла үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда. Тэрээһин "Россия — семья…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Аһыы олорон… Маны билэҕин, тутуһаҕын дуо?

Аһыырбытыгар сыһыаннаах сиэр-туом туһунан билэҕин, истибитиҥ дуо? Тугу билиэхтээх, тутуһуохтаах эбиппитий? Айыы үөрэҕэ тугу этэрий,…

2 часа ago