СҮБЭҺИТ. Ханнык чэй ордугуй — хара эбэтэр күөх?

Share

Ханнык баҕарар чэй киһи туонуһун көтөҕөр, саҥа күүһү биэрэр, иммунитеты бөҕөргөтөр, ону тэҥэ төбө ыарыытын чэпчэтэр. Ардыгар ыгылыйыы, тууйуллуу, хаайтарыы кэмигэр чэй олус абырыыр кыахтаах диэн этэллэр. Ол эрээри хас биирдии көрүҥэ ураты дьайыылаах. Ол аата туһата да араас.

Саха сиригэр Индия чэйэ кэлиэҕиттэн, ханнык баҕарар саха ыалыгар хара чэйи үүттээн сөбүлээн иһэллэр. Оттон билиҥҥи ыччат чөл олоҕу батыһан күөх чэйи ордорор. Ол курдук, аан дойду бары дойдуларынан хара чэйгэ наадыйыы үрдүк. Нэһилиэнньэ ахсааныттан 70%-на ордук хара чэйи атыылаһар, оттон күөх чэйи — 25% кэриҥэ.

https://pxhere.com/

Хара чэй – күүстээх көөнньөрүүлээх, хараҥа өҥнөөх, хойуу, аһыытыҥы амтаннаах.

Күөх чэй – мөлтөх көөнньөрүүлээх, амтана сымнаҕас, өҥө күөхтүҥү.

Хара чэй сүрүннээн катехинтан турар — 3-10%, ону таһынан теафлавинтан — 3-6%, флавоноидтан -6-8%, аминокислотаттан — 13-15%, метилксаниттан — 8-11%, углеводтан — 15%, белоктан — 1%, оттон уута — 10%.

Күөх чэй катехина элбэх -30-42%, флавоноида — 5-10%, атын флавоноидтара — 2-4%, аскорбиновай кислотата — 1-2%, теанина — 4-5%, атын аминокислоталара — 7-9%, углевода — 10-15%, минеральнай эттиктэрэ — 6-8%.

«Мантан хайата туһалааҕын этэр уустук», – диэн эспиэрдэр суруйаллар. Киһи организмыгар араастык сабыдыаллыыр.

Хара чэй туһата:

  • — сүһүөх уонна уҥуох ыарыытын сэрэтэр;
  • — тииһи уонна айаҕы сайҕаан, бактериялартан көмүскүүр;
  • — уойууттан харыстыыр;
  • — стресстэри утары охсуһарга көмөлүүр;
  • — диабеттан харыстыыр;
  • — киһи уйулҕатын тупсарар;
  • — оһоҕос инфекцияларын утары охсуһар;
  • — элбэх битэмииннээх.

Сөптөөх кээмэйинэн хара чэйи күҥҥэ биир-икки чааскы кээмэйинэн иһэр буоллахха, төбө ыарыытыттан көмөлүүр. Кыратык дабылыанньа таһаарар буолан, күүс эбэр дьайыылаах.

https://pxhere.com/

Күөх чэй туһата:

  • — микробтары утары охсуһууга көмөлүүр;
  • — Паркинсон, Альцгеймер ыарыыларыттан сэрэтэр;
  • — онкология ыарыыларыттан эмтэниигэ реабилитациялыыр;
  • — өй-мэйии үлэтин күүһэрдэр;
  • — иммунитеты улаатыннарар;
  • — киһини сэргэхситэр дьайыылаах;
  • — ыйааһыны түһэрэр;
  • — тирии кырдьыытын тохтотор, ультрафиолеттан харыстыыр;
  • — тиис туругун тупсарар, кариестан көмүскүүр;
  • — хаан баттааһынын намтатар.

Төһө да элбэхтик туһалаабытын үрдүнэн, бу утах куһаҕан өрүттэрдээх. Кыра кээмэйинэн полиферол эттиктээх буолан, киһи быарыгар буортуну аҕалар. Кээмэйэ суох хойуу күөх чэйи элбэхтик иһэр дьон төбөлөрө ыалдьар, сүөһүөхтэрэ салабырыыр уонна утуйбат кутталланаллар. Утахха кыратык саахар кутан, күҥҥэ 4-тэн 6 чааскы эрэ иһэр көҥүллэнэр.

Күөх эбэтэр хара чэй буортута уонна туһата хаачыстыбаларыттан, утах иһии кээмэйиттэн тутулуктаах. Сорох дьон доруобуйатынан көрөн чэй иһэрэ хааччахтанар.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһээ Дьыл 2025 сыл туһунан

Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл ХИФУ бэрэпиэссэрэ, биология билимин дуоктара, фантаст-суруйааччы. Ытык киһи Эһээ Дьыл диэн…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Александр Жирков: Олохтоох аһы-үөлү, малы-салы оҥорууну үксэтии биһиги норуоппутугар тыын суолталаах

Ил Тумэҥҥэ ыытыллыбыт парламент истиилэригэр бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтии кыһалҕаларын уонна кэскилин дьүүллэстилэр. Мунньаҕы…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка икки массыына харсыспыт

Тохсунньу 1 күнүгэр киин куоракка Курнатовскай аатынан уулуссаҕа Toyota Succeed  массыына 55 саастаах суоппара утары…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 3  күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Төһө тымныйарый?  Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа улуустарыгар кыралаан кыралаан хаардыыр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

16 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

17 часов ago