Билигин ыам ыйыгар ырыынактарынан арассаада үүннэрэр усулуобуйата, солото суох киһи ырыынакка баран атыылаһара чуолкай. Ол курдук, араас ырыынактарынан дьоҕус хаһаайыстыбалар уонна кэтэх чааһынай хаһаайыстыбалар арассаада арааһын атыылаан саҕалаатылар. Бүгүн биологическай наука хандьыдаата, ботаническай саад научнай үлэһитэ Екатерина Афанасьева сүбэлэрин таһаарабыт.
Бастатан туран, арассаада атыылаһарга киһи ордук туохха болҕомтотун ууруохтааҕый?
— Өлгөм астаах оҕуруот аһын таларга, хайдах суордун, кини характеристикатын ааҕан, хаһан ситэрин, хайдах амтаннааҕын, дьүһүнүн, аһын быһыытын, төһө өр харалларын барытын көрөн атыылаһара наада. Ону кытта уопуттаах оҕуруоччуттар саҥа суорду үүннэрэн көрөн, Саха сиригэр барсар, өлгөм ас биэрэр эбит диэн атыылаһарга сүбэ-ама ылыахтааххыт. Ити эмиэ элбэх сыралаах үлэттэн тахсар. 2-3 сыл үүннэрэн, кэтээн көрүү түмүгэ буолар.
Билигин ханна да тиийбитин иүин киһи хараҕа иирэр элбэх үүнээйи арассаадата толору анньыллан турар. Ону тэҥэ кэлиҥҥи кэмҥэ куйаар ситимэ үчүгэйдик сайдан, араас култуура, үүнээйи суорда да элбээтэ. Итини кытта оҕуруоччуттар икки ардыларыгар күрэстэһии үрдээн, билигин арассаада да хаачыстыбата биллэрдик тубуста.Урукку курдук буолбатах.
Холобур,сибэкки арассаадатын таларга дөбөҥ соҕус, үксүн сибэккилээн турар буолар, суордун характеристикатын кытта бэйэтин тэҥнээн ылыахха син. Оттон оҕуруот аһын таларга – уустук. Үксүн арассаада туругун уонна атыылааччы ыйаабыт этикеткатын эрэ көрөн талар кыахтаахпыт.
Төһө да кыһаллан үүннэрбиттэрин иһин суордун буккулуута баар суол. Ол иһин биир сиртэн, биир атыыһыттан арассааданы барытын ылымаҥ. Холобур, 20 помидор арассаадатын атыылаһарга хас да сиртэн араас суорду талан ылар ордук. Билбэт, хаһан да истибэтэх суорду, элбэх ахсаанынан ылбат ордук, боруобаҕа диэн 1-2 устуука сөп буолар. Сөбүлээтэххитинэ, эһиил элбэтиэххитин син. Күн-дьыл уларыйа турар, быйылгы сайын хайдах буолара биллибэт, араас суорт араастык үүнэр, туспа ирдэбиллээх, үүнүүлээх буолар. Ол иһин биир суорду талбакка, арааһыттан талан үүннэрбит ордук. Биир суордун нэмин таппатаахха, атын суорда табыллан өлгөм үүнүү биэриэн син.
Иккиһинэн, араассаада атыылаһарга үчүгэй туруктааҕа хайдах буолуохтааҕый?
— Оҕурсуу, помидор, перец, кабачки, арбуз, о.д.а. култууралар олохтоох сиригэр олордуллар кэмиттэн ааҕыллан анал хонуктаах буолаллар. Ол аата, арассаада анал саастаах буолар (возраст рассады). Туруга бэйэтин сааһыгар сөптөөх, ото уонна силиһэ сөбүгэр сайдыбыт буолуохтаах. Дьүһүнэ чээлэй күөх, ыалдьыбыт, саһарбыт сэбирдэҕэ суох, аһары кыра, уһаабатаҕа көрүллэр. Күнэ тиийбэккэ куоҕайбыт арассааданы ылбат ордук, айаннаан иһэн, эбэтэр олордорго сыыһа хамсанан тоһутан, мэлийиэххэ син.
Екатерина Бястинова.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…