СҮБЭҺИТ: Хаппыыстаттан астыыбыт

СҮБЭҺИТ: Хаппыыстаттан астыыбыт

13.10.2024, 16:00
Хаартыска: Pxhere.com саайтан.
Бөлөххө киир:

Саха сирин үгүс кэрэ аҥаардара балаҕан ыйыттан кыһыҥҥы хаһаастарын бэлэмнээн бараллар. Алтынньы ортотун диэкиттэн хаппыыста тууһуур кэм саҕаланар. Онон хаппыыстаны тууһааһын, салааттар уонна хаппыысталаах бүлүүдэлэр ырысыаптарын үллэстэбит.

Кэриэйдии салаат

Бу олус судургутук бэлэмнэнэр эрээри, наһаа минньигэс салаат. Торуойга, эттээх аһылыкка ордук барсар.

Туох ирдэнэр:

Хаппыыста – 2 киилэ,

Моркуоп – 1 улахан,

Саахар – 2 ост. ньуоска,

Чеснок – 4 улахан өлүү,

Мас арыыта – 100 мл,

Туус – 1 ост. ньуоска,

Копченай паприка – 1 ост. ньуоска,

Кориандр – 1 ост. ньуоска,

Куркума – ост. ньуоска аҥаара,

Кыһыл аһыы биэрэс – ким төһөнү сөбүлүүрүнэн,

Уксус – 70 % ост. ньуоска аҥаара.

Хайдах бэлэмниибит:

Хаппыыста тас хаҕын ылан быраҕабыт. Быһа холуйан түөрт сантымыатыр­даах гына түөрт муннуктуу бысталыыбыт. Моркуобу уһун синньигэстик түөркэлиибит. Бэлэмнэммит оҕуруот аһын улахан эмалированнай иһиккэ кутабыт, үрдүгэр туманы барытын эбэбит. Мас арыытын уокка оргута түһэн ылабыт уонна итиилии тума үрдүгэр кутан баран булкуйабыт. Онтон уксус эбэбит уонна эмиэ кичэйэн булкуйабыт. Биир чаас курдук туруора түһэбит.

Аһыйбыт хаппыыста

Бу курдук аһытыллыбыт хаппыыстаны маҕаһыыннарга билигин хамаҕатык атыылыыллар. Дьиэҕэр бэйэҥ оҥостон көр.

Туох ирдэнэр:

Хаппыыста – 3 киилэ,

Моркуоп – 3 бөдөҥ,

Уу –  1 лиитирэ,

Туус – 2 ост. ньуоска,

Саахар – 1 ост. ньуоска.

Хайдах бэлэмниибит:

Хаппыыстаны тас хаҕын, сүрэҕин быһан ылан баран уһун синньигэс гына кырбыыбыт. Моркуобу ыраастаан, суу­йан эмиэ уһун синньигэс гына түөркэлиибит. Улахан иһиккэ кутан дэлби булкуйабыт уонна үс лиитирэлээх бааҥкаҕа симэ соҕус кутабыт. Ороссуол сойбутун кэннэ хаппыыста үрдүгэр кутабыт, хаппахтыыбыт. Итиэннэ күҥҥэ иккитэ-үстэ булкуйан биэрэ-биэрэ, үс-түөрт күн сылаас сиргэ туруорабыт. Бааҥкалаах хаппыыста үрдүгэр хабах курдуктар тахсар буоллахтарына, ол аата хаппыыстабыт бэлэм. Холодильникка уура сылдьан сиибит.

Ороссуол бэлэмнээһин: 

Миискэҕэ 1 лиитирэ уу, 2 ост. ньуос­ка туус, 1 ост. ньуоска саахар кутан оргутабыт.

Хаппыыстаны оҕо эрдэхпинэ ийэм өрүү бу курдук аһытара. Мантан атыннык хаппыыста аһытыллыан сөбүн да билбэт этим. Уксуһа суох буолан ханнык баҕарар бүлүүдэҕэ эбилик быһыытынан кутуохха сөп.

Туох ирдэнэр:

Хаппыыста – 1 улахан,

Моркуоп – 2 устуука,

Сүбүөкүлэ – 1 устуука,

Укуруоп – ытыс аҥаа­ра,

Туус – быһа холу­йан көрөн.

Хайдах бэлэмниибит:

Хаппыыстаны уһун синньигэс, моркуобу, сүбүөкүлэни түөрт муннуктуу, укуруобу бөдөҥ гына кырбастыыбыт. Барытын эмалированнай иһиккэ кутан баран туус эбэн уута-хаара тахсыар диэри булкуйабыт. Онтон хаппахтаан баран ыарахан ыйааһынынан баттатабыт. Сылаас сиргэ быһа холуйан үс-хас күн туруо­рабыт. Хаппыыстабыт бэлэм буолбутун үрдүгэр тахсыбыт уута аһыйбыт амтаннааҕыттан билэбит. Уутун ыган, биирдии кутууга сөп буолар төгүрүктэри оҥорон баран тоҥортуубут.

Хаппыысталаах буотарах миинэ

Бу – оҕо сааһым буотарах миинэ. Баҕар, ким эрэ буотарах миинигэр аһыйбыт хаппыыста барсыбат дии саныыра буолуо эрээри, сыыһаҕыт, амса­йан көрүҥ. Маннык мииҥҥэ уксуһа суох, бэйэтин сүмэһинигэр сылааска аһыйбыт моркуоп­таах, сүбүөкүлэлээх хаппыыста барсар.

Туох ирдэнэр:

Буотарах – киилэ аҥаара,

Уу – 3 лиитирэ курдук,

Рис – 70 кыраам,

Хортуоппуй – 4 устуука,

Аһыйбыт хаппыыста – 200 кыраам,

Хонуу лууга – кыра ньуоска,

Укуруоп – кыратык,

Туус – 1 ост. ньуоска аҥаара.

Хайдах бэлэмниибит:

Сууллубут, кырбаммыт буотараҕы ууга уган чаас курдук оргутабыт. Онтон сууллубут ирииһи, аһыйбыт хаппыыстаны кутан өссө чаас аҥаара тэптэрэ түһэбит. Салгыы ыраастаммыт, кырбаммыт хортуоппуй, тууc, укуруоп кутан буһарабыт.

Битэмииннээх салаат

Бу салаат олус минньигэс. Судур­гутук оҥоһуллар буолан, хаһан баҕарар оҥоруохха сөп.

Туох ирдэнэр:

Хаппыыста – 5 киилэ,

Минньигэс (болгарскай) биэрэс – 1 киилэ,

Моркуоп – 1 киилэ,

Эриэппэ луук – 1 киилэ,

Саахар – 340 кыраам,

Туус – 4 ост. ньуоска,

Мас арыыта – лиитирэ аҥаара,

Уксус – 500 мл (9%).

Хайдах бэлэмниибит:

Хаппыыстаны бытархай, биэрэһи, луугу уһун синньи­гэс гына кырбыыбыт, моркуобу эмиэ маннык түөркэлиибит.

Маринад: арыыны, уксуһу, тууһу уонна саахары кутан булкуйабыт. Бэлэмнэммит маринады хаппыыстаҕа кутабыт, сэрэнэн булкуйабыт уонна үс лиитирэлээх оргутуллубут бааҥкаҕа ыга кутан баран тымныы сиргэ уурабыт.

Хаппыыстаттан кэтилиэт

Туох ирдэнэр:

Хаппыыста – 500 кыраам,

Мааннай куруппа – ыстакаан аҥаара,

Уу – ыстакаан аҥаара курдук,

Эриэппэ луук – 1 устуука,

Чеснок – 1 өлүү,

Майонез – 3 ост. ньуоска,

Томат соуһа – ким төһөнү сөбүлүүрүнэн,

Туус – кыра ньуоска улахан аҥаара,

Тума – ким ханныгы сөбүлүүрүнэн. Аҥаардас мээккэлэммит да укуруоп барсар.

Хайдах бэлэмниибит:

Куруппаны иһиккэ кутан баран, үрдүгэр уу кутан булкуйабыт. Сотору кэминэн үллэн тахсыахтаах. Хаппыыстаны улахан тиистээх түөркэҕэ түөркэлиибит. Луугу, чесногу бытархай гына кырбыыбыт. Бэлэм састаабы барытын иһиккэ кутан булкуйабыт. Убаҕас соҕус буоллаҕына, 1-2 ньуоска бурдук эбиэххэ сөп. Кэтилиэттэри оҥортоон баран арыылаах итии хобордооххо хаппахтаан туран кыра уокка икки өттүттэн буһаран ылабыт.

+1
3
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: