Сүбэһит: Хатыҥ уутун сүүрдүү кэмэ кэллэ

Share

Ыам ыйын 20 күнүттэн саҕалаан биир нэдиэлэ устата хатыҥ уутун ылар кэм кэллэ.  Анаан дьарыктанааччыларга оту-маһы хомуйуу саҕаланна.

Бүгүн хатыҥ уутун сиэри-туому тутуһан сүүрдүү уонна хатыҥ мас лабаата, сэбирдэҕэ киһи доруобуйатыгар туһалааҕын туһунан сүбэлэри хомуйан таһаарабыт.

Хатыҥ уутун дьон олорор сириттэн ыраах үүнэр уонна эдэр хатыҥтан ылар табыгастаах —  битэмиинэ быдан элбэх. Хатыҥ уутун сиэри-туому тутуһан ылар көҥүллэнэр.  Ол курдук, сиэри-туому тутуһан, күөх далай, хара тыа иччититтэн көрдөһөбүт. Ол кэннэ, бытыылканы хатыҥҥа баайан баран, утах иһэр туруупканы туһаайан, күн көрөр сирин өттүнэн хатыҥы сэрэнэн тэһэбит. Хатыҥ уута сүүрбүтүн кэннэ туруупканы түспэт гына баайабыт.

Хаартыска: pxhere.com

Хатыҥ уутун сааһыттан тутулуга суох иһэллэр. Туһалаах битэмиин барыта баар, киһини уоскутар, киһи этигэр-сиинигэр баар куһаҕан эттиктэри сайҕаан таһаарар күүстээх. Ордук быарга, ноорго, куртахха уонна, уопсайынан, киһи ис уорганыгар олус туһалаах. Күҥҥэ үстэ биирдии ыстакааны истэххэ, доруобуйа тупсар, көнөр, чуолаан улахан тумуу, тымныйыы кэнниттэн туһаннахха, киһи этэ-сиинэ чөлүгэр түһэр.

Хаартыска: pxhere.com

Ону сэргэ хатыҥ ытарҕата эмиэ киһи доруобуйатыгар туһалааҕынан биллэр, ол курдук хатаран, үлтүрүтэн баран, итии ууга кутан, биир ыстакааны күҥҥэ үстэ нэдиэлэ устата истэххэ, төбө тымырын кэҥэтэр, кырдьыыны бытаардар иҥэмтэлээх. Ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 7 күнүгэр диэри, сааскы Ньукуолун кэминээҕи хатыҥ сэбирдэҕин хомуйан, куурдан, 2 ост.нь. ылан 200 мл ууну кутан, 100 мл хаалыар диэри оргутуллар. Сойутан, сиидэлээн, күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ, 3 ый устата иһиллэр. Кыра таастары суурайан, сымнатан таһаарар.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Эҥсиэли алгыстаах Оһуокайа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөбүллээҕи Оһуокайбытыгар Эҥсиэли түмсүүтүттэн инники кэскиллэрбит, ыччаттар киирэн алгыстаах Оһуокай түһүлгэтин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олох очурдара: Сүтэрсибит сүрэхтэр…

Оо, улуу көстүү! Очуос таас үрдүттэн харах ыларынан улуу өрүс иэнэ нэлэһийэр, халлааны кытта силбэһэн,…

8 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Александр Захаров: «Тыйаатыр – ыра санаам туолуута»

2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлии кэлбит кэнники көлүөнэ “щепкинэцтэри” көрөөччүлэр хайыы үйэ…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

13 часов ago