Хортуоппуйу харайыыга биэс сүрүн сүбэни тутуһуҥ
Хортуоппуй 12 кыраадыстан сылаас сиргэ, эбэтэр күн көрөр сиригэр харалыннаҕына, көҕөрөн, сымнаан, араскыланан барар. Араскыламмыт хортуоппуйга соланин диэн дьааттаах бэссэстибэ үөскүүр. Саамай элбэх соланин араскыларыгар, күөх бээтинэлэригэр, сибэккитигэр, угар баар. Бу соланины элбэҕи сиэтэххэ, сүһүрүөххэ сөп.
Сибиэһэй хортуоппуйга 100 кыраамыгар 2-10 гр соланин баар, бу организмҥа туох да буорутута суох. Ол оннугар саҥа хомуллубут хортуоппуй туһалаах битэмииннэринэн баай. Ол эрээри тохсунньуттан саҕалаан, битэмиинэ аҕыйаан, соланина элбээн барар. Сүрүннээн хаҕыгар уонна харахтарыгар, араскыларыгар (80–90%) мунньуллар. Ордук сырдыкка, күҥҥэ сытан көҕөрбүт хортуоппуйга элбиир.
Оччотугар, саас диэки сымнаабыт, көҕөрбүт хортуоппуй быраҕыллар дуо? Бу маннык хортуоппуйу биир киһи 1-2 киилэни хахтары, араскылары сиэтэҕинэ, сүһүрүөн, ыалдьыан сөп. Ол эрээри, халыҥнык хахтаан, араскыларын, харахтарын ыраастаан, көҕөрбүтүн быһан быраҕан баран, ууга буһаран сиэтэххэ, үөскээбит соланин суураллан, 10–20%-на эрэ хаалар. Онон, элбэҕи сиэбэтэххэ, сүһүрбэккин. Сиэххэ сөп эрээри, сааскы хортуоппуй туһата, иҥэмтиэтэ кыра, онон сии сатаамаҥ диэн түмүгү оҥоруохха сөп.
Сааскы хортуоппуй хахтары буһарыллыбат. Хайаан да хахтаан, ууга буһаран, мииҥҥэ кутан сиэххэ сөп. Духуопкаҕа бүскүтүллүбүт хортуоппуйу сиэххитин баҕардаххытына, бастаан ууга буһаран баран, ситэри буһарбакка таһааран, духуопкаҕа арыылаан, тумалаан угаҕыт. Бу маннык сымнаабыт хортуоппуйу токсиннары таһаарар, ыраастыыр бородуукталары (хаппыыстаны, сүбүөкүлэни, петрушканы, укробу, куркуманы, чесногу, сүөгэйи) кытары тэҥҥэ сиэххэ сөп. Бу бородуукталартан бэртээхэй тума оҥоһуллар.
Кыра оҕолорго сымнаабыт хортуоппуйу сиэппэт ордук.
Умуһахха харайыы
Умуһахха кыһыннары-сайыннары 2-6 кыраадыс сылаас буоллаҕына, хортуоппуй үчүгэйдик хараллар. Күһүн аайы оҕуруот аһын ууруох иннинэ, умуһаҕы маннык састаабынан сотуҥ: туус (150 г), алтан купорос (1 киилэ), исбиэскэ (2 киилэ) уонна уу (10 л). Бу түүнүк, тэллэй тахсарын тохтотор. Умуһах салгыннаах уонна хараҥа буолуохтаах.
Хортуоппуйу ууруох иннинэ, куурдуллуохтаах. Сытыйбыт, алдьаммыт хортуоппуйу быраҕыҥ. Дьааһык түгэҕэр мас көөбүлүн (опилканы) кутуохха сөп.
Көрүдүөргэ харайыы
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ көрүдүөргэ дьааһык оҥорон, хортуоппуйу онно харайыахха сөп. Тоҕо диэтэр, көрүдүөргэ арыый сөрүүн буолар.
Хортуоппуй хостоммутун кэнниттэн, 50-100 күн “сынньанар”, ол эбэтэр, 18-20 да кыраадыска араскыламмат. Бу кэмҥэ кыбартыыраҕа да хараллыан сөп. Ол эрээри, тохсунньуттан саҕалаан, үүнэн, араскылаан барар.
Сорохтор хортуоппуйдаах дьааһыкка миэли, луук хаҕын, күлү, мээтэ сэбирдэхтэрин, үөрэ оттоох мөһөөччүгү угуҥ диэн сүбэлииллэр.
Бу сииги оборор уонна хортуоппуй өр турарыгар көмөлөһөр дииллэр.
Хортуоппуйу халадыынньыкка өр харайар эмиэ табыллыбат. Тоҕо диэтэр, тымныыга өр турдаҕына, крахмала саахарга кубулуйар, оччоҕо амтана минньийэн хаалар.
Ханнык суортар өр хараллаллар?
Өр хараллара суордуттан эмиэ тутулуктаах. Маннык суортар өр хараллар кыахтаахтар: “Астерикс”, “Атлант”, “Волат”, “Бернадетт”, “Гатчинский”, “Голубизна”, “Дельфин”, “Журавинка”, “Здабытак”, “Колобок”, “Лад”, “Маг”, “Невский”, “Сатурна”, “Скарб”, “Скарлетт”, “Славянка”, “Тирас”, “Фольва”, “Чайка”, “Явир”, о.д.а.
Тоҥорон хаһааныы
Кыбартыыраҕа өр харайар кыаллыбат буоллаҕына, хаһаайкалар күһүҥҥү хортуоппуйу тоҥорон, битэмиинин хааллараллар. Маны тэҥэ, кыһын ыксалга хостоон таһааран, аска туттарга олус табыгастаах буолар, бириэмэни сүүйэр.
1-кы ньыма: хортуоппуйу хахтаан, кырбастаан баран, 20 мүнүүтэ тымныы ууга сытыарыллар, онтон оргуйа турар итии уунан 2-3 мүнүүтэ саба кутаҕыт. Уутун тоҕоҕут, эмиэ тымныы ууга уган, сойутаҕыт. Сойбутун кэннэ, сиигин салпыакканан оборторон, куурдан баран, пакеттарга уган, тоҥоро уураҕыт. Итии уунан куппатахха, амтана саахарданан, минньийэн хаалар, тымныы ууга сытыарбатахха, илдьирийэ сылдьар буолар. Онтон сиигин оборторботоххо, мууһурар уонна ирэригэр олус ууланар. Оттон барытын тутустахха, хортуоппуйу тоҥорон хаһааныахха сөп.
2-с ньыма: хахтары туустаах ууга буһаран баран, сойбутун кэннэ, хахтыыгыт (хахтаан да баран, буһарыахха сөп). Улахан хайаҕастаах түөркэҕэ аалаҕыт, эбэтэр, ныһыйыҥ. Пакеттарга уган, уурарга табыгастаах буоллун диэн хаптатан баран, салгынын кичэйэн таһаарыҥ.
Бу маннык бэлэмнэммит хортуоппуйу мииҥҥэ кутарга, пюре, “запеканка”, бэрэски оҥорорго, о.д.а. туһаныахха сөп.
Араскы туһата
Өйдөөн туһаннахха, дьаат да эмп буолар кыахтаах. Араскы испиирдээх ностуойкатын бааһы эмтииргэ, тумууга, айах бааһырарыгар, сүһүөх, кулгаах, төбө ыарыйдаҕына, куртах-оһоҕос, сүрэх-быар ыарыыларыгар, бэл, искэни тохтоторго туһаналлар. Үрдүк хаан баттааһынын түһэрэр, тымыры бөҕөргөтөр, бактыарыйалары өлөрөр.
50-60 бөдөҥ хортуоппуйу ылан сырдык сиргэ таһааран, араскылатаҕыт. Араскылара 5-10 см уһаатахтарына, тууран ылан, сууйан баран, салпыаккаҕа ууран куурдаҕыт. Салгыы араскылары блендергэ, эбэтэр, эт эрийтэрэргэ илдьиритэн баран, 2 хос маарыланан ыгаҕыт. Тахсыбыт сүмэһинин буокканы кытары холбуугут – 100 гр сүмэһиҥҥэ 200 гр буокканы. Бу ностуойканы тута туһаныахха сөп, сүрүннээн тириини, сүһүөҕү сотторго, суһаллык кэмпириэс оҥосторго тутталлар.
2-с ньыма: араскылары быһаҕынан кырбаан баран, бааҥка улахан аҥаарынан уган, симэн баран, буокканы толору кутаҕыт, хаппахтыыгыт. 2-3 нэдиэлэ устата хараҥа сиргэ туруохтаах. Сахсыйан биэрэ сылдьыллыахтаах. Онтон 2 хос маарыланан сиидэлиигит.
Сүһүөх ыарыйдаҕына, күҥҥэ иккитэ 1-кы ностуойканан соттоҕут, онтон халыҥ таҥаһынан бүрүйэҕит. Утуйуох иннинэ кэмпириэс оҥостон, 2 чаас тутуллар. 3 нэдиэлэ устата кэмпириэстэниэххэ сөп.
Кулгаах ыарыйдаҕына, биинтэни эрийэн, ностуойкаҕа инчэтэн баран, кулгаах иһигэр угуллар. 2 чаас буола-буола, биинтэни уларытыллар.
Тумууга, сөтөлгө ыалдьыбыт киһи көхсүн, түөһүн ностуойканан сотон баран, халыҥнык сабан, утутуллар. 1:4 кээмэйинэн ууга булкуйан баран, күөмэйи сайҕаныахха сөп.
Тирии бааһын эмтииргэ 1:3 кээмэйинэн оргуйбут ууга булкуйан баран, 2-лии чаас буола-буола сотуллар.
Айах бааһырдаҕына, тиис суунар суоккаҕа 2-3 хааппыла ностуойканы таммалатан баран, суунуллар. Айаҕы сайҕанар эмиэ туһалаах.
Ностуойканы иһэргэ маннык туһаналлар:
1-кы күн – 1 хааппыла ностуойканы 150 мл ууга суурайан, күҥҥэ үстэ аһыах 20 мүнүүтэ иннинэ иһиллэр;
2-с күн – 2 хааппыла, бу курдук күнүнэн биирдии хааппыла эбиллэн иһэр;
20-с күн – 20 хааппыланы 200 мл ууга;
25-с күн – 25 хааппыла;
26-с күн – 24 хааппыла, бу күнтэн биирдии хааппыла көҕүрээн барар;
49-с күн – 1 хааппыланы 150 ууга.
Ыарыһах туруга тубустаҕына да, бу кууруһун тохтотор сатаммат, бүтүөр диэри иһиэхтээх.
Хат дьахталлар, эмтэрэр ийэлэр, 12 саастарын туола илик оҕолор, диабеттаах дьон испэттэр.
edersaas.ru саайтан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: