Тоҥорууга бэлэмнээһин
Тоҥорууга анаммыт хортуоппуйу омуһахтан таһааран баран куурдуллар, сылытыллар. Тоҥоруллубут хортуоппуй иҥэмтэлээх веществолара, амтана сибиэһэйтэн атына суох буоларын туһугар сылытыллар. Ол курдук, элбэх саахардаах, аҕыйах кырахымааллаах хортуоппуйу тоҥордоххуна минньийэр, тиэстэ курдук сыстаҥныы сылдьар, хараҥатыҥы өҥнөөх буолар. Онон тоҥоруох иннинэ кырахымаалын элбэтэн, саахарын аҕыйатыллар. Ол туһугар тоҥоруллар хортуоппуй +10 С үөһээ кыраадыска хараллыбыт буоллаҕына, дьиэҕэ хараҥа сиргэ киллэрэн, 3-4 хонукка сылытыллар. Дьэ, ол кэнниттэн эрэ тоҥоруллар.
Хахтары тоҥоруу
Хортуоппуйу кырбаабакка, хахтаабакка эрэ тымныы — 23-30 С кыраадыска тиийдэҕинэ тоҥоруллар. Онуоха ититиллибит, куурдуллубут хортуоппуйу дьааһыктарга, долбуурга эбэтэр
полиэтиленовай пленкаҕа түргэнник тоҥорор туһуттан 3-4 хортуоппуй халыҥынан тарҕата ууран тоҥоруллар. Тоҥмутун кэннэ хортуоппуйу кууллаан эбэтэр дьааһыктарга кутан баран,
кыһын тымныы ыскылааттарга, сарайдарга ууруллар. Саас итийдэҕинэ — 10 С итэҕэһэ суох тымныылаах булуустарга эбэтэр тоҥорор камераларга уган сытыаран сайын устата сииллэр.
Хахтаан баран тоҥоруу
Кыһын сиир хортуоппуйгун хахтаан, кырбаан баран, эмиэ тоҥорон хаһааныаххын сөп. Тоҥорорго бэлэмнэммит хортуоппуйу хахтаныллар. 10-15 мм. улахан гына куубуктуу эбэтэр 7-10 мм уһуннаах кэрчиктии кырбаныллар. Онтон оргуйа турар туустаах ууга 5-6 мүнүүтэ устата тэптэриллэр. Уутун сиидэҕэ сүүрдэн баран хортуоппуйу сойутуллар уонна таһааран, 25 С кыраадыска тоҥоруллар.
Кырбаммыт хортуоппуйдар сыстыһа тоҥмотторун курдук тимир лиистэргэ эбэтэр полиэтиленовай мөһөөччүктэргэ уган тымныы сиргэ дьааһыктарга хаһааныллар. Кыһын кыайан сиэммэтэх хортуоппуйу сайын эмиэ — 10 С сылааһа суох булууска эбэтэр тоҥорор камераҕа уган сытыаран сайыннары сиэниллэр
Тоҥоруллубут хортуоппуйу астааһын
Тоҥоруллубут хортуоппуйтан хайдах хаачыстыбалаах ас тахсара астыыртан тутулуктаах. Тоҥ хортуоппуйу астыах иннинэ дьиэҕэ киллэрэн букатын ириэр диэритутар сатаммат. Маҥнайгытынан, хаҕын ыраастаабакка буһарар буоллахха, киллэрээт да, оргуйа турар ууга хахтары уган буһарыллар. Ол кэнниттэн хахтаан баран, араас аһы астыахха сөп. Хахтары буһарыллыбыт хортуоппуйга иҥэмтэлээх веществолара кыратык сүтэллэр.
Иккиһинэн, хаҕын ыраастаан баран астыыр буоллахха, дьиэҕэ киллэрээт, тымныы эбэтэр сылаас ууга уган, хаҕа хоҥнуор диэри ириэриллэр, хаҕыттан арааран, кырбаан баран оргуйа турар мииҥҥэ түһэриллэр. Астыах иннинэ оргуйа турар туустаах ууга оргутуллар. Ити кэнниттэн хайа баҕарар аска туттуохха сөп. Үсүһүнэн, кырбаан, кыратык буһара түһэн баран тоҥоруллубут хортуоппуйу оргуйа турар туустаах ууга ириэрбэккэ эрэ кутан буһарыллар. Хортуоппуй аҕыйах мүнүүтэнэн бэлэм буолар. Ол кэнниттэн араас аһы астыахха сөп.
Оттон ыһаарылыырга хортуоппуйу таһырдьаттан киллэрээт, оргуйа турар арыылаах хобордооххо кутуллар.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…