СҮБЭҺИТ: Эспиэрдэр кыбаас туһатын сыаналаатылар
Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр кыбаас доруобуйаҕа туһалааҕын билэн, хас биирдии ыалга араас ырысыабынан дьикти утаҕы оҥостон иһэр буолаллара. Аныгы үйэҕэ эспиэрдэр бу утах атын дьикти уратылааҕын быһаардылар – ыйааһыны түһэрэр уонна киһи организмын ыраастыыр кыахтаах. Киһи организмын ыраастыырга уонна ырарга дьикти кыбаас туһатын туһунан суруйабыт.
Эбиэс курууппаҕа ырар утаҕы оҥоруу
Кыбааһы икки нэдиэлэ устата иһэллэр. Бу кэм устата куртах үлэлиирэ биллэрдик тупсар уонна киһи ыйааһына түһэр. Биир ый иһигэр хас да киилэ ыйааһыны сүтэриэххэ сөп диэн эспиэрдэр быһаараллар.
Ырысыаба: үс лиитэрэлээх бааҥкаҕа 0,5 киилэ эбиэс курууппата наада. Курууппаны ыраас ууга сайҕыыбыт, бааҥкаҕа кутабыт уонна үрдүгэр итии ууну кутан булкуйабыт. Эбии 3 ост. ньуоска саахар кутабыт. Мантан салгыы бааҥканы маарыланан бүрүйэн баран, 2 суукка устата сылаас сиргэ аһыта уурабыт. Бу кэм устата уу үрдүгэр бүрүөһүн үөскүөхтээх, оччотугар утах бэлэм буолбу диэн быһаарыллар. Көөнньөрүллүбүт ууну сүүрдэн ылан, аһыахпыт 30 мүнүүтэ иннинэ 1 ыстакаан утаҕы иһэбит.
Сүбүөкүлэлээх кыбаас
Биир бөдөҥ сүбүөкүлэни теркалыыбыт, хатарыллыбыт сэлиэһинэй бурдуктан килиэби уонна 2 лиитэрэ тымныы ууну кутабыт. Ууга 4 ост. ньуоска саахар кутан булкуйабыт. 3-4 хонукка утаҕы сылаас сиргэ уурабыт, ол кэннэ холодильникка туруорабыт.
Сүбүөкүлэлээх кыбаас холестерины таһаарар, куртах-оһоҕос үлэтин түргэтэтэр, сүрэх-тымыр ыарыыларга көмөлөһөр, тымыры кэҥэтэр, оһоҕоһу ыраастыыр, уойууттан туһалыыр.
0,5 ыстакаан утаҕы аһыахпыт чаас аҥаарын иннинэ иһэбит. Сууккаҕа 5 ыстакаантан элбэх кыбааһы иһэр табыллыбат. Организм олус элбэхтик ыраастанар буоллаҕына, утаҕы иһэрбитин тохтотобут эбэтэр утах кээмэйин аҕыйатабыт. Бу утаҕынан кэлин окрошка миини оҥостуохха сөп.
Ириис курууппаттан кыбаас
1 лиитэрэ оргуйбут ууга 4 ост. ньуоска ириис кутабыт. Онно 3 ост.ньуоска саахар уонна 3-6 устуука изюм эбэн биэрэбит. Барытын булкуйабыт, онтон 3-4 хонукка көөнньөрө туруорабыт. Ол кэннэ уутун сүүрдэн ыламмыт, бытыылкаҕа кутабыт, салгыы холодильникка сойута туруорабыт.
Бу утах оһоҕоһу ыраастыырга көмөлөһөр, ону таһынан хондуруоһу сэрэтэр, сүһүөх ыарыытыттан көмүскүүр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: