СҮБЭҺИТ: Күөл былыыга сүөһүгэ-сылгыга, оҕуруокка туһата

СҮБЭҺИТ: Күөл былыыга сүөһүгэ-сылгыга, оҕуруокка туһата

Ааптар:
26.01.2025, 12:30
Хаартыска: видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Урукку үгэһи сөргүтэн күөл былыыгын (сапропелы) хостоон, сүөһүгэ-сылгыга эбии аһылык быһыытынан туттуохха сөп. Бу күннэргэ ити ньыманы саната таарыйа социальнай ситимнэринэн былырыын тарҕаммыт видео күүскэ тарҕанар.

Былыык эбии аһылык быһыытынан, сопхуос саҕана маассабайдык туһанылла сылдьыбыта. Былыыгы эргэ биэдэрэ түгэҕин сиидэ курдук дьөлүтэ тэһэн баран, уһун ураҕаска баайан, хостууллара. Биир ойбонтон сүүһүнэн биэдэрэ былыыгы ылан, комбикуоруму, тууһу булкуйаат тоҥорон иһэллэрэ. Дьиҥинэн, тоҥмут былыык битэмииннэрин сороҕун сүтэрэр, онон сибиэһэйдии сиэтэр ордук.

Наука этэринэн, былыык хамсыыр харамайга туһалаах микроэлэмиэннэринэн, битэмииннэринэн баай буолан, үчүгэй былыыктаах күөлгэ балык арааһа үөскүүр, кус сөбүлээн түһэр. Былыыгы сиэбит кыра сүөһү төлөһүйэр, улаатар, биэ төрүөҕэ тупсар, дьүдэйбит сүөһү-сылгы түргэнник өрүттэр, ынах үүтэ элбиир.

Сүөһү-сылгы бастаан утаа былыыгы үчүгэйдик сиэбэт, ол иһин комбикуорманы, тууһу эбиллэр. Аччык эрдэхтэринэ, сарсыарда биэрэр ордук. Онуоха нуормата маннык: ньирэйгэ, убаһаҕа уонна сибиинньэ оҕотугар – 50 г, алта ыйдарыттан – 500 г, улахан сүөһүгэ, сылгыга уонна сибиинньэҕэ – 1,5-2 кг., кууруссаҕа — сымыыттыыр кэмигэр төһөнү сииринэн.

Былыык оҕуруот буорун байытарга эмиэ олус туһалаах. Быйыл, от хаачыстыбата мөлтөх итиэннэ комбикуорум да, эбиэс да сыаналара ыараабыт кэмигэр, айылҕа бэйэтэ уунан биэрэр баай састааптаах, бастыҥ эбии аһылык буолара дакаастаммыт күөл былыыгын хостоон, сүөһүбүтүгэр уонна сылгыбытыгар сиэтэрбит туһаттан атыны аҕалыа суоҕа.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: