СҮБЭҺИТ: Күөллэргэ үөн ыаматыттан хайдах көмүскэниэххэ сөбүй?

Share

Өҥүрүк куйаас күннэргэ сөтүө үгэннээн турар кэмэ.  Төһө да сэрэтиллибитин үрдүнэн, көҥүллэммэтэх сирдэринэн, чугастааҕы күөллэринэн сөтүөлээһин тохтообот. Ол түмүгэр киһи этигэр-сиинигэр, тириитигэр өтөн киирбит үөн ыамата туох дьайыылары оҥоруон сөптөөҕүн туһунан быраас сэрэтэр.

Ону таһынан дерматолог, «Гемотест» лаборатория быраас-экспиэрэ Роман Иванов  күөллэргэ үөн ыаматыттан хайдах көмүскэниэххэ сөбүн туһунан кэпсээтэ.

Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн

Церкарийдар — бу уу көтөрүн организмнарыгар үөскүүр, хаан сүүрэр систиэмэтигэр олохсуйар шистосоматид чиэрбэлэр буолаллар. Үөн ыамата күөллэргэ кустар уонна тыыраахылар убаҕастарын кытта уу үрдүгэр тарҕаналлар. Толору бу үөннэр кыыл- сүөл, көтөр- сүүрэр иһигэр эрэ ситэллэр,  киһи этигэр-сиинигэр олохсуйбаттар эрээри, киһи тириитигэр өтөн киирэн, аллергия үөскэтэр кыахтаахтар. Аны туран киһи иммунитета мөлтүүр түгэнигэрис уорганнарга тиийэ тарҕанар кыахтаахтар.

«Үөн ыамата 5 мүнүүтэ иһигэр биллибэккэ сөтүөлээччи тириитигэр өтөн киирэр. Онно кини үөскүүр кыаҕа суох уонна икки-түөрт суукканан өлөр, ол эрээри аллергияны үөскэтэргэ дьайар. Үөн ыамата тириигэ өтөн киирбит бастакы күнүттэн, хас да хонук кэнниттэн биирдэ ыарыыны көбүтэр. Тирии иһинэн хамсыылларыттан уонна өлүктэрэ уулларыттан  киһи-этэ сиинэ кыһыйар, кытарар», — диэн эспиэр кэпсиир.

Церкарийдар ханнык баҕарар уулаах сиргэ үөскүүллэр, ардыгар уу көтөрө уйаланар эбэтэр кыстыыр сирдэригэр үгүстүк тарҕаналлар. Ордук кыра, от-мас үүнэр күөллэринэн элбэхтэр. Маннык ууга сөтүөлээбит ханнык баҕарар киһи үөн ыаматын хаптарыан сөп уонна церкариоз ыарыынан ыалдьар. Ордук кыра оҕолор  үрдүк температураланыахтарын сөп . Ону таһынан церкарийдар киһи тымырынан айаннан уорганнарга атын сүһүрүүнү таһаарыан, сөтөл киирэн сөп.

Мантан куотунарга санитарнай хонтуруолу ааспатах ууларынан сөтүөлүүртэн туттунуҥ. Айылҕаҕа сүүрүктээх өрүстэргэ сөтүөлүүр уонна сынньанар ордук. Сөтүө кэнниттэн булгуччу сотторунан уонна вазелиннаах репелленнэрин соттуохха наада диэн эспиэр сүбэлиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
7
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

9 часов ago