СҮБЭҺИТ: Кыһыл искэҕи хайдах сөпкө талан ылабыт?
Саҥа дьылга кыһыл искэх остуол ахсын ууруллар. Искэҕи оҥорууга ханнык Е аһылык эбиликтэрэ көҥүллэнэллэрин, ханнык нүөмэрдээх буоллаҕына ылбат ордугун билэҕит дуо?
Бэҕэһээ СӨ Роспотребнадзорун сүбэтинэн хайдах мандарины атыылаһар ордугун, ханныктан туттунар наадатын көрбүппүт. Бүгүн Саҥа дьыллааҕы сандалы биир маанылаах аһын – кыһыл искэҕи сөпкө талан ылар туһунан билсиҥ.
Бырааһынньык иннинэ кыһыл искэҕи таларга кэккэ быраабылалар:
— искэҕи дьонтон уонна атыы көҥүллэммэт сирдэриттэн ылымаҥ;
— этикеткатын болҕойон ааҕыҥ. Манна искэх ханнык балыктан ылыллыбыта, оҥоһуллубут уонна кутуллубут күнэ-дьыла ыйыллыахаах;
— тимир бааҥкаҕа баар ыйынньыкка булгуччу бородуукта хаһан оҥоһуллубута, “ИКРА” диэн тыл, оҥорбут собуот нүөмэрэ, симиэнэ нүөмэрэ, ону тэҥэ, балык бырамыысыланнаһын индексэ “Р” суруллуохтаах. Суруга бааҥкаҕа иһирдьэ өттүгэр уһулу бэчээттэнэн оҥоһуллубут буолуохтаах;
— Икра састаабыгар Е-239 (уротропин) аһылык эбилигэ баар буоллаҕына ылымаҥ. Куртах кислотатыгар киирдэҕинэ дьааттаах токсическай бэссэстибэни (формальдегид) таһаарар буолан, 2008 сылтан бу эбилик бобуллубут. Икраҕа көҥүллэнэр консерванынан буолаллар: Е-200, Е-201, Е-202, Е-203, Е-211, Е-212, Е-213;
— бааҥка хаппаҕа кумаламматах, илдьи баттамматах уонна үллүбэтэх буолуохтаах;
— искэх толору кутулла сылдьар буолуохтаах;
— дьиҥнээх искэх бытархай, бытарыйа сылдьар, биир кэлим, туох даҕаны бүрүөһүнэ, хайдыбыта суох буолар;
— өскөтүн искэх уута сүүрэ сылдьар, оттон аһа (икринка) үллүбүт буоллаҕына, ол аата ириэрэн баран хаттаан тоҥорбут буолуохтарын сөп;
— дьиҥнээх искэҕи кыратык баттаатахха тэстэн хаалар, оттон искусственнай – арыый кытаанах, уустуктук тэстэр;
— дьиҥнээх искэҕи итии ууга уктахха кыратык маҥхайар уонна түгэҕэр түһэн хаалар, оттон искусственнай – суурайыллан кырааската ууга барар.
Искэҕи оҥорон таһаарааччы ыйбыт сөптөөх температуратын тутуһан холодильникка харайар ирдэнэр. Ыйыллыбыт усулуобуйалары тутуһан бородуукта хаачыстыбатын мэктиэлиэххэ сөп. Искэҕи тимир аһаҕас бааҥкаҕа харайымаҥ, ыраас, кураанах таас иһиккэ көһөрөр ордук.
Кыһыл искэҕи ылан баран хаачыстыбатыгар саарбахтыыр уонна кутталлаах дии санаатаххытына, лабаратыарыйа хонтуруолунан бэрэбиэркэлэтэ Роспотребнадзорга илдьиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: