Сүбэһит: Күһүҥҥү салаат, борщ тумата, лечо

Share

Күһүҥҥү салаат

Биирдии киилэ минньигэс биэрэһи, хаппыыстаны, кыһыл помидору, моркуобу, үс киилэ оҕурсуну кырбаан булкуйабыт. Икки остолобуой ньуоска уксууһу, киилэ аҥаара мас арыытын эбэбит. Итиэннэ бааҥкаларга кутуталаан итии уу паарыгар 10-15 мүнүүтэ туруорабыт. Ыга хаппахтаан уурабыт.

Борщ тумата

Үс киилэ хаппыыстаны, 10-15 устуука минньигэс биэрэһи, укуруобу уонна петрушканы кыра гына кырбаан булкуйабыт. Туспа иһиккэ үс лиитэрэ томат суогун кутан тэптэрэ түһэн ылабыт уонна уонча устуука биэрэс туорахтарын, түөрт-биэс устуука лавровай сэбирдэҕи эбэбит. Итиэннэ эрдэ бэлэмнээбит оҕуруоппут аһын кутан, үс-биэс мүнүүтэ оргутабыт. Бааҥкаларга кутан уурабыт.

Дьиэтээҕи борщ

Биирдии киилэ сүбүөкүлэни, моркуобу, хаппыыстаны, помидору, киилэ аҥара эриэппэ луугу кырбаан булкуйабыт. 300 г мас арыытын, икки остолобуой ньуоска тууһу, биир оччо саахары, биир чаайынай ньуоска лимон кислотатын кутан, 40 мүнүүтэ буһарабыт. Бааҥкаларга кутан, ыга хаппахтыыбыт.

Лечо

Үстүү киилэ помидору уонна минньигэс биэрэһи, биир киилэ моркуобу кырбыыбыт. Биир остолобуой ньуоска тууһу, биир оччо саахары, 300 г мас арыытын уонна амсайан көрөн бытарытыллыбыт биэрэһи кутабыт. Чаас аҥарын устата буһарабыт

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыам ыйдааҕы ыйаахха киирсибэтэх бүддьүөт үлэһиттэригэр  хамнаһы улаатыннарыахтара

Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайыытыгар  ыам ыйдааҕы Ыйаахха киирсибэтэх бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр хамнаска былааннаммыт үрдээһини …

2 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Норуот бэйэтин култууратыгар тирэҕирэр буоллаҕына, кини туохтан да кыайтарбат, туох баар ыарахаттары туоруур”

Сергей Местников, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта: -Ил Дархан Туһаайан этиитигэр бырамыысыланнаска, экэниэмикэҕэ, тыа хаһаайыстыбатыгар ылыллыбыт…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан бырамыысыланнас тэрилтэлэрин өйөбүллэрин бэлиэтээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр бырамыысыланнас салаатын тэрилтэлэрэ социальнай…

26 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Култуура сыла биллэрилиннэ. Өссө өрө көтөҕүллэн үлэлиэхпит»

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Дархан СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар  (Ил Түмэҥҥэ)  туһаайан этиитигэр  Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр …

36 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Бырааттыы Бугаевтар уонна кинилэр ураты хорсун быһыылара

Сахабыт сирин араас улуустарыттан төрүттээх үлэһит дьон, кинилэр байыаннай дьайыыга ураты хорсун уонна дьоруойдуу быһыыны…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2026 сылга балтараа тыһыынчаттан аҕыйаҕа суох дьиэҕэ гаас киллэриллиэхтээх

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр 2026 сылга балтараа…

1 час ago