Сайыммыт элэс гынан аастаҕа түргэнин. Күһүммүт барахсан күлүмүрдээн кэлэ оҕуста. Күһүн от-мас хагдарыйар, айылҕа чуумпурар, көтөрдөр сылаас сиргэ талаһаллар, кыыллар уһун, кытаанах кыстыкка бэлэмнэнэллэр. Ол курдук, дьыл кэмэ уларыйыытыгар киһи организма эмиэ “истириэстиир”, бэлэмнэнэр.
Ол түмүгэр киһи курус санааҕа куустарар, ыарыыта көбөр, тумуулуур, бастакы тымныыларга тоҥор-хатар. Ардахтаах-силбиктээх, тымныы күннэргэ халлаан баттыыр курдук буолааччы. Хайдах эрэ маннык кэмҥэ киһи иэрэҥ-саараҥ балаһыанньаҕа киирэн хаалар, тугу да гыныан билбэт, сууланан баран, сытыан эрэ баҕарар буолан хаалар. Онон дьон үксүгэр кыс хаар түһэрин, сир тоҥорун кэтэһэр. Күн кылгыыр, ол иһин киһи сырдыга тиийбэккэ, депрессиялыан сөп. Күн уотуттан Д битэмиин, серотонин үөскүүрэ биллэр. Ол тиийбэккэ, киһи үөрбэт-көппөт буолан хаалар, санааҕа баттатар.
Дьэ, күһүнү хайдах бэлэмнээх көрүстэххэ, курус санааҕа куустарбат эбиккиний?
Кутуйах түүлэннэҕинэ “ычча!” дииринии, киһи күһүн ордук тоҥор. Саас 5 кыраадыс тымныыны олус сылаас курдук ылынабыт. Күһүн кыратык тымныйда да, олус тоҥобут-хатабыт. Сайыҥҥы курдук сото сыгынньах, чараас куопталаах эрэ сылдьыахпытын баҕарабыт. Ол эрээри, сылаастык таҥна сырыттахха, ханнык да тымныыга бэриммэккин. Плащтары, кууркалары, бэргэһэлэри, үтүлүктэри, соппуоскалары эрдэттэн таһааран бэлэмнээн кэбистэххэ, тымныыны тулуйа сатыаҥ суоҕа. Өссө биир эмэ саҥа таҥаһы атыыластаххына, күһүнү үөрүүнэн кэтэһиэҥ.
Бу кэмҥэ киһи иммунитета мөлтүөн сөп. Онон, иммунитеты бөҕөргөтөргө эхинацея олус туһалаах. Тумуу эпидемиятын кэмигэр муннуга гриппферон диэн иммуномодуляторы таммалата сылдьыахха сөп. Аптекаттан мелисса, эхинацея, шалфей, календула, кукуруза бытыгын (рыльца) оттору тэҥ-тэҥҥэ чаастарын ылан, кураанахтыы булкуйуҥ. Биир остолобуой ньуосканы ылан, термоска итии ууга көйөрүҥ. Чаас курдугунан, итиилии иһэн бурулатыҥ. Тумуу киирээри гыннаҕына, маннык чэй көмөлөөх.
Элбэхтик хамсанар киһи санааҕа баттаппат. Тоҕо диэтэр, хамсаннахха-имсэннэххэ, эндорфин диэн үөрүү гормона үөскүүр. Айылҕа кыһыл көмүс дуйунан сууланан турар кэмигэр дьиэҕэ олорумаҥ. Бэлисипиэттээҥ, сатыы хаамыҥ, бассейнҥа сылдьыҥ, айылҕаҕа тахсан фотосессияны оҥоруҥ. Хас сарсыарда аайы сэрээккэлээҥ, саҥа күҥҥэ махтаныҥ. Хаһан да ылса илик саҥа дьарыгы булуҥ, доҕотторгутун кучуйуҥ.
Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…
2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…
Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…
Бу күннэргэ Дьокуускайга уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…
Психолог күнүн чэрчитинэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ «Практическая психология: актуальные вопросы» диэн V психологтар пуорумнара ыытылла…