Салгыы
СҮБЭҺИТ: маһы күһүн олордор ордук

СҮБЭҺИТ: маһы күһүн олордор ордук

08.10.2024, 11:43
Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

“Дьиэ таһыгар маһы, талаҕы саас олордор ордук дуу, күһүн дуу?”, “Төһө дириҥҥэ олордуллуохтааҕый?”, “Хайдах буор барсарый?” бу курдук ыйытар, мунаарар дьон элбэх. Онон сиһилии хоруйу ылаары, Саха сирин үүнээйилэрин анаан-минээн үөрэтэр биология билимин хандьыдаата, РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сирин ирбэт тоҥ буордаах зонатын биологическай кыһалҕаларын чинчийэр институт билимҥэ үлэһитэ Светлана Сабарайкинаны кытта көрүстүбүт.

Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ.

ХАННЫК МАҺЫ, ТАЛАҔЫ ОЛОРДОБУТ?

РНА Сибиирдээҕи салаа­тын Саха сирин ирбэт тоҥ буор­даах зонатын биологичес­кай кыһалҕаларын чинчийэр институт иһинэн үлэлиир ботаничес­кай саадка акацияттан саҕа­лаан калинаҕа тиийэ мас, талах, сэппэрээк арааһын олордоллор. Толору испииһэги, сыанатын саайтарыгар киирэн көрүөххүтүн сөп.

– Урут моонньоҕону, хатыҥы, бэһи, акацияны хото үүннэрэр эбит буоллахпытына, кэлин дьон тэлгэһэтин киэргэтээри үксүн декоративнай үүнээйини сэҥээрэр. Ол иһин мас арааһын элбэтэргэ дьулуһабыт. Чыҥкыны (кизильнигы), чыҥкыныары (рябинокизильнигы), сарбынньах сиэнин (рябиннигы), быта угун (курильскай чэйи), спиреялары биһирииллэр.

Сибиир бузинатын чыычаахтар сөбүлүүллэр, бэрт түргэнник үүнэр. Акация курааны тулу­йумтуо, буорун сирбэт-талбат буолан хото ылаллар. Быта уга (курильскай чэй) үс ый кэриҥэ сибэккилиирин иһин сөбүлүүллэр, муҥутаан 50-60 см уһуур, – диэн Светлана Михайловна кэпсээнин саҕалыыр.

Ботаническай саад научнай-чинчийэр соруктаах. Саха сиригэр үүммэт үүнээйилэри олордон көрөр, чинчийэр. Ол эрээри, кэлин көҕөрдүү боппуруоһа сытыытык туран, улахан хонууга мас, талах арааһын үүннэрэр буолбуттар. Барыта 300-чэ мас, талах, сэппэрээк арааһа баар дииллэр.

Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ.

ХАҺАН ОЛОРДОБУТ?

– Саха сиригэр маһы күһүн олордор табыгас­таах. Күһүөрү үүнээйи утуйар, түөрэргэ силиһэ алдьаннаҕына даҕаны халлаан сылыйыар диэри аһардар, саас айылҕаны кытта тэҥҥэ уһуктар. Саас олордуллубут мас көрүллэрин-хара­йылларын быһыытынан, үүнэрин үүнэр эрээри, түөрдэххэ син биир ыарыты­йар, сэбирдэҕэ түһүөн, сибэккитэ хатыан сөп уонна сайын устата оннук турар. Сыл курдук ыарытыйарын дьон тулу­йан кэтэспэт. Ол иһин күһүн олордор ордук.

ХАЙДАХ ОЛОРДОБУТ?

– “Хайдах олордобут?” – диэн элбэх киһи ыйытар. Мас төһө улаханыттан, силиһэ төһө тэнийбититтэн тутулуктаах. Чопчу бачча кээмэйдээх буолар диэн этэр кыаллыбат. Холобур, моонньоҕон курдук кыра соҕус талахтары 30 см дириҥнээх, усталаах буору хаһан олордуохха сөп. Силиһэ төһөнөн улахан да, соччо киэҥ гыныллар. Силис үүнээйигэ саамай суолталаах, онон бүк туппакка, кумалаабакка эбэтэр аһары киэҥник тэниппэккэ олордуллар.

Дьаабылыка үрдүк мас, онон күн көрөрүн, үчүгэйдик үүнэрин туһугар атын мастан тэйиччи суоттаан олордор ордук. Мас төһө уһунуй да, соччо тэйиччи буо­луохтаах. Күлүктээх сиргэ мас сэбирдэҕэ, аһа даҕаны аҕы­йыыр.

Анныгар тугу даҕаны тэлгиир ирдэммэт. Үүнээйи тымныырҕатан силиһэ аллара киирбэт, муҥутаан 1 миэтэрэ тиийиэҕэ, онтон ордук дириҥээбэт. Ол иһин күн көрөрө, аһаҕас буолара табыгастаах.

Мас олоруохтаах буорун хаһан баран кумах, сир бэйэтин буорун, ноһуом кутан булкуйуллар уонна биир биэдэрэ уу кутуллар. Буора ууну оборбутун кэннэ эрэ маһы олордуллар. Көмөн баран үрдүгэр эмиэ уу кутуллар. Бүттэ, итинтэн ураты туох даҕаны кистэлэҥ суох. Хатарбакка уу эрэ кутар ирдэнэр.

Людмила Попова хаартыскаҕа түһэриитэ.

ХАЙДАХ КӨРӨБҮТ, ХАРАЙАБЫТ?

– Саха сиригэр киһи ис дууһатыттан кыһаллан олортоҕуна араас үүнээйи оло­руон сөп. Саамай сүрүнэ кичэ­йэн көрөр, бэрийэр наада. Билигин, холобур, дьаабылыка араас суордуттан көрөн олордуохха, сорох көрүҥүн бүрүөһүнэ суох кыстатыахха сөп, сорохтору сиринэн ыыталлар.

Бастатан туран, маһы олордон баран бастакы үс сыл сыыс от үүннэ даҕаны үргээн иһиллиэхтээх. Сыыс от мас силиһэ үүнэригэр мэһэй­диир. Билигин маҕаһыыҥҥа бүрүйэр араас матырыйааллар атыыланаллар, мас көөбүлүн да туһаныахха сөп.

Иккиһинэн, балаҕан ыйыгар олордон баран, хал­лаан сөрүүн кэмигэр нэдиэлэҕэ биирдэ уу кутуллар. Бу күннэргэ олус куйаас, сир хатан эрэр. Онон нэдиэлэҕэ иккитэ уоннуу лиитирэ курдук уу сөп. Сөрүүтүйдэҕинэ, 15 кыраадыстан уу кутары тохтотобут.

Биһиги салгыммыт кураанах, ардахпыт аҕыйах. Куйаас күннэргэ тиһигин быспакка уу кутуллуохтаах. Ол иһин буора буолбакка, ууну кутуу улахан оруоллаах. Бэс, от ыйынааҕы уот куйаастарга салгын ку­­раанаҕыттан мас сэбирдэхтэрэ хаталлар. Хаппатын туһугар сарсыарда уонна киэһэ сэбирдэҕэр уу ыстарар наада.

Үсүһүнэн, ботаническай саад Саха сиригэр табыгас­таах үүнээйилэри үөрэтэн көрөн олордор, атыылыыр. Ол иһин кыһынын тугунан даҕаны бүрүйбэппит. Уоҕурдуулартан ноһуом кутабыт. Бастакы сылларга онтон ураты туох даҕаны уоҕурдуу ирдэммэт, – диэн сүбэлиир.

Билигин отонноох мастар үүнээйилэрэ ситэн турар эбит. Онон дьаабылыкаттан саҕа­лаан вишня, облепиха, чыҥкыныар (рябинокизильник) отонугар тиийэ амсайдым. Саха сиригэр даҕаны дьиэ таһыгар үүннэриэххэ сөп эбит. Тэлгэһэҕитин күөх, араас маһынан симээҥ. Мастар, талахтар сыаналарын манна көрүҥ.

+1
64
+1
6
+1
4
+1
8
+1
1
+1
3
+1
10
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: