СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар идэлээх. Ити курдук эти уонна балыгы судургутук тоҥорор эбит буоллахха, фрукталары ити ньыманан харайар сатаммат.
Саамай сүрүн Саҥа дьыллааҕы фруктанан, биллэн турар, мандарин буолар. Бырааһынньык остуолугар диэри бу фруктабыт буорту буолбатын туһугар хайдах харайар туһунан кэпсиибит.
Мандарины дьиэ сылаас салгынын сөбүлээбэт, кураанах салгыҥҥа эмиэ буорту буолар, онон муҥутуур 10 хонукка диэри харайыахха сөп. Сөпкө харайа уурдахха ыйы быһа сибиэһэй фруктанан күндүлүөххэ сөп. Ол гынан баран, хас биирдии мандарины крафтовай кумааҕыга суулуохха наада. Ол кэнниттэн мас дьааһыкка суулуу-суулуу уурабыт, бэйэ-бэйэлэриттэн арыттаах уурабыт.
Мандариннары сылаас балкуоҥҥа эмиэ үчүгэйдик ууран харайыллар. Күн сардаҥата эрэ түспэтин ситиһиэххэ наада. Холодильникка маннык фрукталар анал сиэксийэҕэ туспа сытыахтаахтар. Итини таһынан полиэтиленовай пакекка суулуур табыллыбат, пакет иһигэр мунньуллар уу фруктаны сытытар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: