СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Share

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар идэлээх. Ити курдук эти уонна балыгы судургутук тоҥорор эбит буоллахха, фрукталары ити ньыманан харайар сатаммат.

Саамай сүрүн Саҥа дьыллааҕы фруктанан, биллэн турар, мандарин буолар. Бырааһынньык остуолугар диэри бу фруктабыт буорту буолбатын туһугар хайдах харайар туһунан кэпсиибит.

Мандарины дьиэ сылаас салгынын сөбүлээбэт, кураанах салгыҥҥа эмиэ буорту буолар, онон муҥутуур 10 хонукка диэри харайыахха сөп. Сөпкө харайа уурдахха ыйы быһа сибиэһэй фруктанан күндүлүөххэ сөп. Ол гынан баран, хас биирдии мандарины крафтовай кумааҕыга суулуохха наада. Ол кэнниттэн мас дьааһыкка суулуу-суулуу уурабыт, бэйэ-бэйэлэриттэн арыттаах уурабыт.

Мандариннары сылаас балкуоҥҥа эмиэ үчүгэйдик ууран харайыллар. Күн сардаҥата эрэ түспэтин ситиһиэххэ наада. Холодильникка маннык фрукталар анал сиэксийэҕэ туспа сытыахтаахтар. Итини таһынан полиэтиленовай пакекка суулуур табыллыбат,  пакет иһигэр мунньуллар уу фруктаны сытытар.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
1
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

19 секунд ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

11 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

30 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

50 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago