СҮБЭҺИТ: Моркуобу сөпкө хаһааныахха
Моркуобу сөбүлээн үүннэрээччилэр бу оҕуруот аһа туһалааҕын, иҥэмтиэлээҕин туһунан бэркэ билэр буолуохтааххыт. Сөпкө харайдахха, моркуоп эһиил сааскыга диэри туох даҕаны буолбат.
Үгүс уопуттаах хаһаайкалар бэлиэтииллэринэн, моркуобу сууйан-сотон, бэлэмнээн дьиэ умуһаҕар харайар саамай сөптөөх ньыма эбит. Ол эрээри, бу ньымаҕа умуһах салгынын температуратын учуоттуохха наада. Кыһыннары-сайыннары 2-6 кыраадыс сылаас уонна салгын оонньуур буоллаҕына, моркуоп үчүгэйдик хараллар.
Онтон атын табыгастаах ньымалары ааҕыҥ уонна билиҥ.
1. Бэйэтинэн. Бу ньымаҕа моркуобу хостоон, отун быһан, сууйан-сотон баран, куурдуохха наада. Аспыт куурбутун кэнниттэн 5-6 устууканы ылан пленканан кытаанах гына эрийиллэн, холодильник дьааһыгар хараллар. Манна сүрүнэ, моркуоп кураанах буолуохтаах уонна пленкаҕа салгын киириэ суохтаах диэн. Оччотугар Саҥа дьылга диэри моркуопкут сымнаабакка, буорту буолбакка хараллыан сөп.
2. Бысталаан. Моркуобу сууйан-сотон аска кутарга сөп буоларын гына бытархайдыы бысталаан баран, вакуум-бакыаттарга кутан тоҥоруохха сөп. Оччотугар тоҥ моркуобу киллэрэн ириэрбэккэ да, ыһаарыга да, бурдук аска да кутарга туттуохха сөп. Бу ньыманы билигин хаһаайкалар үгүстүк тутталлар.
3. Теркалаан. Салаакка, мииҥҥэ кутарга диэн хаһаанарга бу ньыма ордук барсыаҕа. Онон эмиэ моркуопкутун сууйан-ыраастаан, теркалаан баран вакуум-бакыаттарга да, полиэтилен салапааннарга да хаһааныахха сөп. Теркаланан баран тоҥмут моркуоп сибиэһэй моркуоптан туох да уратыта суох буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: