Сүбэһит: Моркуобу, сүбүөкүлэни, хаппыыстаны кыһыҥҥыга хаһаанабыт
Көмүһүнэн дуйданан көмүс күһүммүт күөйэ көтөн кэллэ. Ону кытары даҕаспытынан, хомуур кэмэ үүннэ.
Тыйыс тымныылаах, уһун кыһыны туоруур оҕуруоппут аһын хайдах гынан, туох ньыманы туһанан сибиэһэйдии харайабытый?
Помидору тэтиҥ көөбүлүгэр
Күөх помидору дьиэҕэ ууран кытардаары аһары сылаастан сытытан кэбиһэр баар суол. Итинниктэн быыһанар туһугар:
— Хаптаҕай, мас дьааһыкка уган сөрүүн муостаҕа ууруллар. Биир эмит кыһыл помидор баар буоллаҕына, атыттар ону батыһан “буһуохтара”.
— Саамай чэгиэн помидордары хаһыакка суулаан, төрдүлэринэн үөһэ ууран, хараҥа сиргэ (ыскаап иһигэр) уктахха, сэтинньи ортотугар да тиийэллэр.
— Тэтиҥ мас көөбүлүн уган баран умуһаҕы буллардахха, балачча өр кэмҥэ туох да буолбаттар.
Сүбүөкүлэ сөрүүнү сөбүлүүр
Хаҕа суон буолан, сүбүөкүлэ 2-3 кыраадыс сылааска эбэтэр сөбүгэр сөрүүн умуһахха өр кэмҥэ сибиэһэйин сүтэрбэт. Умуһах суох түбэлтэтигэр сүбүөкүлэни хордуон дьааһыкка уган
балкон, аан таһыгар ууруохха сөп.
Сороҕор чараас кумахха эбэтэр мас көөбүлүгэр булкуйан дьааһыкка, полиэтилиэн мөһөөччүккэ уган, ыкса кыһыҥҥа диэри сибиэһэйдии харайыллар.
Хаппыыстаны умса тутан
Холодильникка хаппыыста өр барбатын, полиэтилиэн мөһөөччүккэ сытыйан хааларын үчүгэйдик билэр буолуохтааххыт. “Сэттэ уонна сэттэ ырбаахылаах эрээри, биир да тимэҕэ суох” дэнэр аспыт сибиэһэй турарыгар 1 кыраадыс тымныыттан 1 кыраадыс сылааска эрэ диэри температураҕа наадыйар. Ити иһин үөрүйэх хаһаайкалар хаппыыстаны умуһах долбууругар хачаанынан умса тутан ууран харайаллар. Хачаан икки-үс бүрүө (күөх) сэбирдэҕин ордороллор. Шпагат быанан баайан, умуһахха ыйаан харайар эмиэ үчүгэй. Онуоха
төрдүн хачаантан биир-икки сантиметр тэйиччи быһар ордук.
Моркуобу кумахха көмөн
Хаһааныллар моркуобу ыкса күһүн, улахан хаһыҥ түһүөн иннинэ хостонор уонна хас да хонукка сөрүүн сиргэ тутуллар. Төрдүгэр астаах култууралар кыһыны тулуйумтуо буоллахтарына, моркуоп харайыыта табыллыбатаҕына буортуйумтуо. Оттон тоҥорон баран ириэрдэххэ, туһата кыра. Ол иһин бу үүнээйини сииктээх кумахха көмөн харайыллар.
Биир-икки сантиметр халыҥнаах кумаҕы кутан үрдүгэр силистэри иһирдьэ гына моркуобу кэккэлэтиллэр. Үрдүнэн биир-икки сантиметр халыҥнаах кумаҕы, онтон эмиэ моркуобу, салгыы кумаҕы кутуллар. Ити курдук умуһах иһигэр моркуобу сүүрбэччэ да эрээккэ диэри кыстаан ууруохха сөп. Кэнники кэмҥэ сорох хаһаайкалар моркуобу үчүгэйдик куурдан, полиэтилен мөһөөччүккэ угаллар уонна салгын киирбэт гына баайан баран умуһахха уурар ньымаланнылар
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: