Салгыы
СҮБЭҺИТ: Оҕону ааҕарга хайдах үөрэтэбит?

СҮБЭҺИТ: Оҕону ааҕарга хайдах үөрэтэбит?

30.11.2024, 11:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Аныгы үйэҕэ оскуола саастаах оҕо кинигэни аахпата улахан кыһалҕаҕа кубулуйда. Баҕа өттүнэн оскуола таһынан ааҕар ахсааннаах. Ол эрээри манна учуутал буруйа суох. Аныгы кэм хардыытын кытта гаджет, интэриниэт ситимэ үөдүйүөҕүттэн ааҕыы таһыма биллэ намтаабыта. Оччотугар бастакы кылааска киирбит оҕо кинигэ ааҕан киириэхтээх дуу, эбэтэр оскуолаҕа киирэн ааҕара ордук дуу?

Оскуолаҕа ааҕан киирэллэрэ сөп дуо?

Билигин бастакы кылаас­ка киирэр оҕо үксэ ааҕан, саамай кырата, алпаабыты билэн киирэр. Барытын билэн киирдэҕинэ, интэриэһэ сүтүө суоҕа дуо диэн ыйытыы үгүс төрөппүтү мунаардар. Кылааска хас да оҕо ааҕарга, суруйарга бэлэм буоллаҕына, төрөппүттэр ыксаан бараллар. Кинилэр санааларгар оҕолоро саастыылаахтарыттан хаалбыт курдук буолар. Эбии дьарык, төлөбүрдээх үөрэх көрдүүллэр. Бу төһө сөптөөҕүй? Ол эрээри уопуттаах учууталлар бэлиэтииллэринэн, алын сүһүөх кылааска түргэнник ааҕар оруолу оонньообот эбит. Кини аахпытын төһө өйдөөн хаалара уонна анаа­лыстыыра улахан суолта­лаах эбит. Оскуолаҕа киирэн баран буукубаны билэр эрээри, сатаан ааҕа охсубат оҕо элбэх. Бу кыһалҕа сүрүннээн уһу­йааҥҥа сылдьыбатахтарга көстөр. Оттон оскуо­лаҕа ааҕан киириэхтээҕэ дуу, суоҕа дуу учуутал методикатыттан тутулуктаах. Арай, сорох ааҕан киирбит, сорох буукубаны да билбэт буоллаҕына, ааҕан киирбиттэр ночоотураллар эбит. Кини барытын билэр буолан, сүһүөхтэри холбоон ааҕа сатыыр оҕолор үөрэнэллэригэр үөрэххэ интэриэһин сүтэ­риэн сөп диэн эспиэртэр бэлиэтииллэр.

Хас сааһыттан кинигэни ааҕыахтааҕый?

Арассыыйаҕа биллэр логопед Ная Сперанская этэринэн, ааҕыыга үөрэтии биэс сааһыттан саҕаланыах­таах эбит. Ол эрээри хайаан да ити сыыппараны эрэ тутуһан буолбакка, төһө бэлэмиттэн тутулуктааҕын бэлиэтиир. Ол курдук 3-4 саастарыгар да аахпыттар бааллар, сорохтор сэттэ да саастарыгар бытааннык ылыналлар эбит. Кини этэринэн, оҕо дор­ҕоону уонна буукубаны са­­таан саҥара, араара үөрэниэхтээх эбит. Ол курдук, ал­­паабыкка сурулларын курдук, “бэ”, “вэ”, “ыс” диэн үөрэтэр сыыһа эбит. Сыыһа өйдөөн мама диэн тылы мэ-а-ма-а диэн ааҕыан сөп диир кини.

Буукубалаах кубиктар

Буукубаны уонна сүһүөх холбоон ааҕыы син биир суоттааһын кэриэтэ дииллэр тустаах исписэлиистэр. Ная Сперанская этэринэн, сүһүөҕүнэн ааҕарга үөрэтии туһалаах. Ол курдук элбэх ойуулаах, аҕыйах буукубалаах кинигэ ордук туһалаах. Тыллар сүһүөхтэргэ дэпииһинэн, тириэнэн арахсыбыт буолуо суохтаахтар эбит. Бу төттөрүтүн ааҕарга уустуктары үөскэтэр эбит. Маныаха буукубалардаах кубиктар көмөлөһөллөр эбит. Буукубалары кумааҕыга улахан гына суруйан истиэнэҕэ ыйыыр туһалаах. Хараҕынан көрө сылдьан тыллары толкуйдууругар, сүһүөхтээн ааҕарыгар көмөлөһөр диир кини.

Кинигэ уонна ааҕыы

Билигин үлэ үөһүгэр сылдьар үгүс төрөппүт оҕотунан дьарыктаммат. Оскуолаҕа сэлээн­ниир. Бу боппуруос­ка өрүү үгүс мөккүөр турар. Ханнык да түгэҥҥэ оҕо иннигэр эппиэтинэһи төрөппүт сүгэр, хайдах да үлэлээх, эрэсиимнээх буолар. Оҕо холку эйгэлээх уонна үөрэх кэннэ сынньанар, уруок ааҕар усулуобу­йалаах буолуох­таах. Бириэмэ тиийбэтинэн куоһурданан уруок аахтарбакка, оҕону куоттаран кэбиһиэххэ сөп диэн уйулҕа үлэһиттэрэ этэллэр. Билии эрэ өттүнэн буолбакка, бириэ­мэтин уонна бэйэтигэр эрэлин сүтэ­риэн сөп. Төрөппүт дьыалата өрүү инники күөҥҥэ турар буоллаҕына, оҕо бэ­­йэтин намыһахтык санана улаа­тар эбит. Оттон бу суруйуубар бэйэм, төрөппүт быһыытынан уопуппуттан үллэстэр буоллахха, ааҕар, дьиэ­ҕэ кинигэ долбуур­даах ыал оҕото хаһан баҕарар кинигэҕэ чугас буолар. Ону мөрөйдөөн буолбакка, кыра сааһыттан остуоруйалаан, кинигэҕэ интэриэһи үөскэтиэххэ сөп. Оҕо диэн бы­­ластылыын кэриэтэ дииллэрэ чахчы. Төлөпүөн тутан баран сылдьар төрөппүт оҕото хаһан да кинигэҕэ сыстыбат.

Юлия Протодьяконова, “Харысхал” аһымал пуонда логопеда, Дьокуускай:

– Бастакы идэбинэн нуучча тылын учууталабын, иккис идэм – логопед. Улахан кыыһым истибэт буолан төрөөбүтүгэр саҥардаары, дьарыктанаары, логопед идэтин баһылыырга быһаа­рыммытым. 2010 сыллаах­ха сурдопедагогтар, логопедтар баалларын үчүгэйдик билбэт этим. Интэриниэт да ситимэ ситэ сайда илигэ. Ол иһин туох эрэ информация булар уустук этэ. Логопед диэн баарын билбитим уонна оҕобун кытта дьарыктанан саҕалаабытым, ити идэҕэ үөрэнэ киирбитим. Оҕобун кытта дьарыктанар кэммэр миэхэ туһалааҕын өйдөөбүтүм. Атын оҕолору кытта дьарыктанан көрбүтүм, ити кэмҥэ уһуйааҥҥа үлэлиирим. 2016 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран “Харысхал” аһымал пуондаҕа киирбитим уонна күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьабын.

Билиҥҥи кэмҥэ сатаан аахпат, суруйбат, ааҕыытыгар ыарырҕатар оҕо наһаа элбээтэ. Олохпут тэтимэ дьайар быһыы­лаах. Сэттэ сааһыгар диэри логопедическай кэһиллии­лээх буола сылдьыбыт буоллаҕына, оскуолаҕа киириитигэр дьайыан сөп. Бу кини саҥарар саҥатыгар буолбакка, суругар уонна ааҕыытыгар көстөр. Бастатан туран, бэрэбиэркэлииргэ, холобур, этин-сиинин, уопсай моторикатын туругун көрөбүт. Ол оҕоҕо тирэх буолар. Холобур, хас биирдии киһи сенсорнай систиэмэлэрдээх. Көрөрбүт, истэрбит, хаамарбыт барыта тэҥҥэ ситимнээхтик үлэлиэхтээх. Ханна эрэ туох эрэ ыһыллыы баар буоллаҕына, ньиэрбэбит систиэмэтэ эмиэ ыһыллан хаалар. Мэйиибитигэр информация ситэри тиийбэт. Холобур, ааҕа үөрэнэрбитигэр вестибулярнай систиэмэбит үчүгэйдик үлэлиэхтээх. Ааҕыы уонна вестибулярнай систиэмэ хайдах бииргэ үлэлииллэрий? Ааҕарга харахпыт, төбөбүт хамсыыр. Бу атын систиэмэлэрбитин тэҥҥэ холбоон биир ситимнээхтик үлэлэтэр. Сүгүн паартаҕа олорбот, сытар, мэник­тиир оҕолор баар буолаллар. Бу кини соруйан гыммат. Ити сенсорнай систиэмэлэрэ сыыһа үлэ­лиириттэн тахсыан сөп. Маннык оҕону мөҕөр даҕаны, санаатын көтөҕө сатыыр да туһата суох. Бириэмэ эрэ барыыбыт. Атыннык үлэлиэххэ наада. Холобур, кыайан буукубаны үөрэппэт, бытааннык, сыыһалаах ааҕар буоллаҕына, сайдыы тирэҕэр эрэ тиийэн дьарыктыахха наада. Этин-хаанын, уопсай туругун көрүөххэ наада. Нейропсихологтары, логопедтары кытта дьарыктаныан сөп. Манна аҥаардас репетитор кыайан көмөлөһөр кыаҕа суох. Кини этигэр-сиинигэр кэһиллиитэ суох оҕолору кытта үлэлэһэр кыахтаах. Ону таһынан, төрөппүттэр эбии этин-сиинин дьарыктыахтарын сөп. Холобур, тустуу, дзюдо, ос­­туол тенниһэ, харбааһын наһаа туһалаахтар. Төһөнөн эппитин-хааммытын сайыннарабыт, соччонон мэ­­йиибит сайдар. Сэттэ сааһыгар диэри тулалыыр эйгэтин үөрэтэрэ, саҥа билии ылара барыта бу нөҥүө барар. Мэйии кэрчиктэринэн сайдар. Ол иһин сайдыы бары кэрчиктэрин ааһыахтаах. Кэмигэр сыыллыахтаах, кэмигэр олоруохтаах, кэмигэр хаамыахтаах. Сыыллыбакка хааман киирэн барбыт буоллаҕына, оскуо­лаҕа ыарахаттары көрсүөн сөп. Оҕолор дьиэлэригэр олороллор, урукку курдук таһырдьа оонньооччу аҕы­йах. Төһөнөн хамсанар, соччонон мэйиитэ сайдар. Кини ыллыах­таах, үҥкүүлүөхтээх. Бу барыта дорҕооннору сөпкө истэригэр тирэх буолар. Дорҕооннору араар­батыттан суруйарыгар, ааҕарыгар ыарахаттары көрсөр. Ону дьарыктаан ситиһиннэриэххэ сөп.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: