СҮБЭҺИТ: Оҕурсум тоҕо саһарар?
Билигин хаһаайкалар үгүстэрэ оҕуруоттан быыс булбаттар, сорохтор оҕурсуларын сэбирдэҕэ саһарар, атыттар тляны кытта “охсуһаллар”. Баччаларга суолталаах буолаарай дуу диэн тэттик сүбэлэри түмтүбүт.
Оҕурсуга туох тиийбэтин быһаарабыт
Сэбирдэҕинэн
- Тэпилииссэ ханан эрэ аһаҕастаах эбэтэр куораба быыстаах буоллаҕына түүнүн сөрүүдүйдэҕинэ тымныы аргыйан, сылааһы ордорор оҕуруот аһа – оҕурсу сэбирдэҕэ саһарыан сөп.
- Өскөтүн ууну аҕыйаҕы уонна сыыһа кутар буоллахха эмиэ саһарар. От ыйыгар сөбүгэр сииктээх буоларын курдук кутар ирдэнэр. Сорохтор итии күҥҥэ үстүү эҥин хоно-хоно, ол оннугар ботуччу куталлар. Бу түгэҥҥэ ууну кутууга кэһиллии тахсар.
- Оҕурсуга азота тиийбэт түгэнигэр сэбирдэхтэрэ кубарыйан хаалаллар, саһараллар. Тугу гынабыт: мочевинаны ууга суурайыҥ. 1 ост. нь. бэлэм суурадаһыны 10 л. ууга булкуйан, биирдэ-иккитэ сэбирдэхтэрин ыстарыҥ.
- Фосфор тиийбэт түгэнигэр эмиэ сэбирдэх кыһыллыҥы, сороҕор фиолетовайдыҥы дэгэттээх болоорхойдуҥу от күөх өҥнөнөр. Сэбирдэҕин төбөлөрө үөһэ диэки эриллэллэр. Тугу гынабыт: 1 ост. нь. аҥаара суперфосфаты 10 л. ууга суурайан баран, суукка устата туруора түһүҥ уонна сэбирдэхтэрин сэрэнэн ыстарыҥ.
- Оҕурсу калийа тиийбэт буоллаҕына, сэбирдэҕэ күрэҥсийэн көстөр, куурар-хатар, иһин диэки эриллэн хаалар. Бу “краевой ожог” диэн аатырар, сүрүн төрүөтэ – калийа тиийбэт. Сэбирдэҕэр маҥан бээтинэлэнэр, кыра дьөлөҕөстөр үөскүүллэр. Оҕурсу аһын быһыыта эмиэ уларыйар.
- Оҕурсу алын сэбирдэхтэригэр паутиннай клещ эбэтэр тля курдук буортулааччылар баар буолуохтарын сөп. Оччоҕо сэбирдэх эмиэ саһарар, эриллэр. Сэбирдэх ис өттүн сыныйан көрүҥ. Өскөтүн бу үөннэр бааллара билиннэҕинэ, акарициданан ыстарыаххытын сөп.
Оҕурсунан
– Өскөтүн оҕурсу аһа олус токур – уута тиийбэт;
– оҕурсу аһа ортотунан синньиир – тымныы ууну кутартан;
– оҕурсу аһа груша курдук быһыылаах – калийа тиийбэт;
– оҕурсу аһын төрдө синньээбит, токуруйбут уонна саһарбыт – азот тиийбэт.
Ууну сөпкө кутуохха
Оҕурсуга, уопсайынан, оҕуруот аһыгар ууну сөпкө кутуу, үрдүк үүнүүнү ылыы биир мэктиэтинэн буолар. Бастакытынан, кутар уугут температурата 22-24°С буоларын ситиһэ сатааҥ. Тымныы ууну куттахха чернай ножка (атаҕа сытыйар) уонна корневой гниль ыарыылар буулуохтарын сөп. Күөл уутун (туустаах буолар) туттар буоллаххытына, уугутун сылааска туруоран, итии уу кутан сылытыҥ. Ууну булгуччу туруоран сөҥөрдүҥ.
Оҕурсу астанан саҕалаата да, 10 л. ууну 1 кв.м. кутуллар. Олох куйаас кэмнэргэ оҕурсу итииттэн намылыйар (32-35С) маны намтатан, ардахтатааһын оҥоһуллар, ол эрээри, сэбирдэҕин таарыйыллыбат. Итинник гыннахха тэпилииссэ иһэ, үүнээйи сөрүүкүүр, үүнүүтэ тохтообот, буоһааһына эбэтэр куоппаһырыыта толору барар.
Оҕурсу силиһэ 20-30 см. эрэ дириҥҥэ тарҕанан үүнэр. Үүнэр кэмигэр күн аайы уу кутуллан, буора силиһин үрдүнэн арыллан хаалар, көрө сылдьан эбии 2-3 см. кунус кутан бэриллэр. Уу элбэхтик кутуллан үөһэ буоругар корка (хах) үөскүүр, ону уктаах синньигэс маһынан, биилкэнэн тэһитэ анньан бэриллэр.
Ол эрээри, үүнээйигэ аһары элбэх ууну куттахха, аһа тахсан иһэн саһаран, устунан тууллан түһэр кутталлаах, онтон кыратык куттахха амтана аһыы буолар. Онон сөбүн көрөн кутар суолталаах.
Кымырдаҕаһы утары норуот ньымалара
Кымырдаҕас баар сиригэр булгуччу тля үөскүүрүн хас биирдии оҕуруотчут билэр. Онон кымырдаҕаһы бултаспакка эрэ тляны суох оҥоруом дии санаама. Ол иһин бу икки үөнү-көйүүрү иккиэннэрин тэҥҥэ уонна тутатына, улаханнык тарҕана илигинэ эмтиир ордук көдьүүстээх.
Борнай кислота. Борнай кислота кымырдаҕастарга дьаат курдук дьайар, ньиэрбэлэрин систиэмэтигэр охсор. Мэҥиэни маннык бэлэмнииллэр: саахардаах уонна кыра уулаах эбэтэр ньыһыллыбыт хортуоппуйдаах борнай кислотаттан шариктары оҥороллор. Шариктары кымырдаҕас мустар эбэтэр сылдьар сиригэр уурталыыллар.
Бу ньыма үчүгэйэ диэн, кымырдаҕастар астаах дьааты уйаларыгар илдьэ баран атыттары сүһүрдэллэр. Ол эрээри, борнай кислотаны кыра оҕо уонна дьиэ кыыла баар дьон туһаммаккытыгар сүбэлииллэр.
Аска кутуллар суода. Суода кислотата кымырдаҕастар куртахтарын быһа сиир. Саахар пуударатын кытта суоданы булкуйан баран мустар сирдэригэр, уйаларын аттыгар кутуллар.
Уксус. Уулаах суурадаһыны (50/50 уксус, уу) кымырдаҕастар сүүрэр сирдэригэр ыстарыллар. Өскөтүн уйаларын буллаххытына үрдүгэр ыраас уксуһу (ууламматах) кутуоххутун сөп. Куһаҕана диэн уксус олус сыттаах.
Цитрусовайдар (лимон, апельсин, мандарин, грейпфрут…). Цитрусовай үүнээйилэр хахтарыгар баар арыы дьаат курдук дьайар. Эбиитин сыта кымырдаҕастар сыттарын маһыйан, суолларын бутуйар, онон хаалбыт ас ханан баарын кыайан булбаттар. Цитрусовай үүнээйилэр хахтарын ылан уксуһу кытта кыра уу кутан булкуйуллар уонна оргуппакка эрэ уокка сылыта түһүллэр. Бэлэм суурадаһыны түүн устата туруоруҥ. Сарсыныгар сиидэлээн баран, пульверизаторынан кымырдаҕастар сылдьар, мустар сирдэригэр ыстарыҥ.
Тляны утары туһаныллар норуот ньымалара
Мыыла суурадаһына. Дьүөкэттээх эбэтэр хаһаайыстыбаннай мыыла куһуогун бытарытан баран, 5 л итии ууга суурайыллар. Ыстарыах иннинэ мыыла суурадаһыныгар 1 ыстакаан мас күлүн кутан булкуйуллар.
Күлтэн көөнньөрбө. 1 кг мас күлүн 10 л ууга кутан суукка устата туруоруллар. Онтон 2-3 ост. ньуоска түөркэлэммит хаһаайыстыбаннай мыыланы кутан булкуйуллар уонна икки күн субуруччу ыстарыллар.
Лууктан көөнньөрбө. Биэдэрэ аҥаара эриэппэ луук хаҕар итии ууну кутан суукка устата туруоруллар. Сиидэлээн баран, 10 л тахсарын курдук уу эбиллэр уонна кыра хайаҕастаах сиидэнэн үүнээйигэ бэйэтигэр, буоругар кутуллар.
Табах быыла уонна Табазол. Үүнээйилэри табах уонна табах-күл бытархайынан куттахха тля, кымырдаҕас чугаһаабат буолар.
Норуот ньымата туһалаабат түгэнигэр маҕаһыыҥҥа атыылаһар бэлэм эмтэри ылан туһаныҥ. Тля эһиилги сылга хаттаан үөдүйбэтин туһугар хайаан даҕаны эмтиир ирдэнэр.
Тэлгэһэ иһигэр да, таһыгар даҕаны иһит сууйбут ууну, ас тобоҕун тоҕумаҥ, быраҕымаҥ. Кымырдаҕас манна эмиэ мустуон сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: