СҮБЭҺИТ: Оҕуруот аһын уонна фруктаны сөпкө харайыахха

СҮБЭҺИТ: Оҕуруот аһын уонна фруктаны сөпкө харайыахха

Ааптар:
04.08.2024, 16:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Оҕуруот аһын уонна фруктаны сөпкө харайыыга «лайфхактар» баалларын билэр этигит дуо? Бэрт судургу сүбэлэри тутуһуҥ, аһы буорту оҥорумаҥ.

Арбуз. Аҥаардаммыт арбуз түргэнник буорту буолбатын туһуттан быыһыгар чеснок тиистэрин уган баран, полиэтиленовай пленканан суулаан кэбиһиҥ. Оччотугар сытытар бактериялар үөскээбэттэр.

Персик уонна нектарин. Бу фрукталары үксүгэр сиппэтэҕи атыылыыллар. Персиктээх нектарин ситэллэрин, сииргэ амтаннаах уонна сымнаҕас буолалларын туһуттан дьиэ температуратыгар хоннорор ордук. Ол кэнниттэн эрэ холодильникка угуҥ.

Хортуоппуй. Хортуоппуйу луугу кытта тэҥҥэ харайымаҥ, түргэнник силис тардыан сөп. Бу аһы холодильникка буолбакка, сөрүүн сиргэ эбэтэр кыладыапкаҕа хаһаанар ордук. Хортуоппуйу холодильникка уурдахха, крахмала саахарга кубулуйар, оччотугар амтана да соччото суох буолар, иҥэмтэтэ да сүтэр.

Помидор. Помидору холодильникка буолбакка, куукунаҕа туруорар ордук. Холодильникка уктахха, помидор түргэнник түүнүгүрэр. Үчүгэйдик сиппит помидордары таҥнары ууруҥ, буорту буолуо суоҕа.

Баклажан. Бу аһы кумааҕыга суулаан баран сөрүүн уонна хараҥа сиргэ уурар ордук. Оттон баклажаны банааны уонна дьаабылыканы кытта биир дьааһыкка угар эмиэ сатаммат, түргэнник буорту буолуо.

Чеснок. Чеснок буорту буолбатын туһуттан салапааҥҥа чэй сэбирдэхтэрин уонна тууһу кутан харайар ордук.

Укуруоп, петрушка, салаат. Бу оттору замоктаах салапааҥҥа (зип-лок) кумааҕы салфетканы кытта угар ордук. Кумааҕы оттор ууларын оборор, оччотугар аспыт өр буорту буолбакка туруоҕа. Салфеткаҕытын күннэтэ уларытыҥ.

Кабачок. Кабачогу дьөлөҕөстөрдөөх пакекка уган, холодильникка харайаллар.

Луук. Луугу чуккуга ыга симэн баран, сөрүүн сиргэ ыйаатахха өр турар.

Моркуоп. Моркуобу оттоох үрдүн быһан баран, салапааҥҥа суулаан харайдахха, сыл аҥаарыгар тиийэ сибиэһэйдии сытыан сөп.

+1
7
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: