СҮБЭҺИТ: олордубуппутун аны сатаан көрүөххэ-истиэххэ…
От ыйын оройо буолла. Саас олордубут үүнээйилэрбит силиктэрэ ситэн, толору астанан, хас биирдии хаһаайка остуолугар сүрүн аһынан буоллулар. Кылгас сайыммытыгар оҕуруот аһын дэлэйдик сиэн хааларбыт туһаттан атыны аҕалбат. Ол эрээри, бу кэмҥэ оҕуруоттаах дьон үүнээйитигэр ууну кутуунан, сыыс оту ыраастааһынынан эрэ муҥурдаммат.
Күн-дьыл уларыйарыттан, хайдах саас, сайын буолбутуттан, үүнээйибит кырыһын туругуттан уо.д.а. төрдө-төбөтө биллибэт биричиинэнэн үүнээйилэрбит “ыалдьан”, кэхтэн соһуталлар, ардыгар кураанаҕы да куустараллар. Ол эбэтэр үүнээйилэрбит астаммыттарын кэннэ көрүүгэ-харайыыга аны араас сэрэтэр, ыраастыыр, эмтиир үлэни хас биирдии хаһаайка билэрэ уонна туһанара наада.
«Оҕуруот» уута
Үчүгэй үүнүүнү ыларга үүнээйигэ ууну сатаан сөпкө кутуу эмиэ улахан суолталаах. Онуоха “оҕуруот” уута туһалыыр. “Оҕуруот” уута диэн ханнык эмэ оҕуруот аһа буһарыллыбыт уутун ааттыыллар. Ол ууну туһаныах иннинэ сөптөөх кыраадыска диэри сойутуллар уонна ыраас уунан суурайыллар. Маннык ууну оҕуруот аһа үүнэр ханнык баҕарар кэмигэр туһана сылдьыахха сөп.
«Кыҥаан туран» кутуу
Үүнээйилэр төһө астаналлара ууну төһө сөпкө кутартан быһаччы тутулуктаах. Сиигирдии сүрүн соругунан силиһи сиигинэн хааччыйыы буолар. Силис олус дириҥҥэ сытар буоллаҕына, хаачыстыбалаахтык илитэр уустук. Дьэ, ити кыһалҕаны быһаарарга маннык албаһы туһаналлар.
Сир үрүт араҥатыгар (кырыһыгар) үүнээйи аттыгар дьөлөҕөстөөх иһити хаһан угаҕын. Эбэтэр пластик бытыылка түгэҕин быһан ылан баран, куолайын аллараа тутан кырыска угаҕын. Ити иһиккэр ууну куттаххына, силискэр тиийэ уу кутулларын ситиһэҕин.
Уоҕурдуу дьааматын уутун кутуу
Хас биирдии оҕуруотчут бэйэтин учаастагар уоҕурдуу оҥостор дьаамалаах буолар. Ол гынан баран, ити дьаама үүнээйигэ уу кутарга олус туһалааҕын билэбит дуо? Эргэ буочукаҕа уу кутаҕын. Күн күүскэ тыгар сирин булан, мас эбэтэр кирпииччэ олоххо уураҕын. Аллараа кыра хайаҕастары оҥороҕун. Буочукаҕын охсуллубут отунан, сыыс отунан толороҕун. Икки-үс ыйынан хайаҕастарынан хараҥа болоорхой убаҕас сүүрүө. Дьэ, ол ууну үүнээйилэрбитигэр кутабыт.
Дьуот көмөлөһөр
Дьуот арассаадаҕа улаханнык туһалыырын бары билэбит. Бастатан туран, помидордары олордорго дьуот суурайыллыбыт уутун куталлар. Дьуот кутуллубут помидордара ордук элбэх астаах уонна бөдөҥ буолаллар. Арассаада буорга олордуллубутун кэннэ эмиэ дьуоттаах ууну туһаныллар. Хас биирдии укка быһа холоон биир лиитэрэ булкадаһык кутуллар (5 лиитэрэ ууга 2 хааппыла дьуот).
Буортулаах үөннэри уонна “ыарыыны” утары охсуһабыт
Оҕуруокка үөскүүр “ыарыыны” уонна буортулаах үөннэри утары охсуһарга эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыллар. Буортулаах үөннэр саад-оҕуруот култуураларын сүрүн “өстөөхтөрүнэн” буолаллар. Үксүгэр өтүөнэ (тля), лууктаах бурдук, колорадскай хомурдуос, салып (слизни), кымардаҕас баар буолаллар.
Ону таһынан сыыс от куһаҕаннык дьайар. Сыыс от ууну уонна иҥэмтиэлээх элэмиэннэри бэйэтигэр иҥэринэ охсор. Сыыс оту дөбөҥнүк ыраастыы сылдьыахха сөп. Оттон сыыла сылдьар үөннэри була охсон суох оҥоруу арыый ыарахан. Буортулаах үөннэр үүнээйилэри эһэн таһаарбаттарын туһугар эрдэттэн сэрэтэр дьаһаллары ылыллар, ол эбэтэр инсектицидтары туһаныллар. Ити суурадаһыннары хайдах туттар туһунан ыйыы-кэрдии баар буолар. Онон көрөн суурайан баран, үүнээйилэргэ ыстарыллар.
Буортулаах үөннэр эрэ буолбакка, дьэбин, фитофтороза, бурдуктуҥу сиик уо.да. “ыарыылар” үүнээйини өлөрүөхтэрин сөп. Бастакы сэрэтэр үлэ сиэмэни талар кэмҥэ оҥоһуллар. Сиэмэни аһаҕас кырыска анньыах иннинэ марганцовкалаах булкадаһыкка илитиллэр. Үүнээйи таҕыстаҕына уонна астаннаҕына эбэтэр 3-5 сэбирдэхтэннэҕинэ, хаһаайыстыбаннай мыылалаах суурадаһынан сотуллар.
Бөх-сыыс эмиэ туһалаах
Помидор алларааҥҥы сэбирдэхтэрин уонна салаа уктарын быһыллар. Ол гынан баран, ону быраҕан кэбиспэккэ, көөнньөһүк оҥоруохха сөп. Онуоха оҕуруот аһын отун ууга уган, икки суукка туруоруллар. Бу органическай сириэстибэ оҕуруот аһын буортулаах үөнтэн харыстыырга көмөлөһөр. Көөнньөһүгү балтараа-икки нэдиэлэ туруордахха, олус туһалаах уоҕурдууга кубулуйар.
Сымыыт хаҕа
Сымыыт хаҕын хатаран баран кофемолкаҕа бытарытыллар. Ылыллыбыт бороһуогу кураанахтыы (ол эрээри, тута туһалыа суоҕа) эбэтэр көөнньөһүк оҥорон туттуллар. Бу уоҕурдууттан үүнээйилээх кырыс кальцийы уонна атын туһалаах микроэлеменнэри ылар.
– Икки киилэ бэс иҥнэтин биир биэдэрэ ууга кут уонна 10 күн туруор. Бу органическай сириэстибэ үгүс буортулаах үөннэри утары охсуһарга туһалаах.
– Хортуоппуйга уонна помидорга фитофтороз үөскүүр кутталын аҕыйатар туһугар кинилэри кыйа сүбүөкүлэни олордуллар.
– Кабачоктар силистэрэ ууну үчүгэйдик иҥэринэллэригэр пластик бытыылкалар наадалар. Бытыылкалар түгэхтэрин быһан ылан баран, үүнээйи таһыгар көмөн кэбиһиллэр.
– Ытырыык оту ууга биир нэдиэлэ туруоруллар. Ытырыык оттон оҥоһуллубут ностуойка олус үчүгэй уоҕурдуунан буолар.
– Оҕуруот олордор улахан сирэ суох да буоллахха, хас биирдии култуураны тус-туһунан биэдэрэҕэ олордуохха сөп. Бэйэтэ дьоҕус оҕуруот буоллаҕа ол.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: