Салгыы
Сүбэһит: отон барыанньата

Сүбэһит: отон барыанньата

25.10.2024, 14:56
Хаартыска: Саха сирэ
Бөлөххө киир:

Кабачкилаах, отонноох барыанньа

Дьыл баччатыгар, араас салаат кэнниттэн оҕуруот­чуттарга үгүстэригэр ­биир-икки кабачки хаалан сытар буолар. Онон отон­ноох, кабачкилаах барыанньата оҥостон боруобалааҥ.

Хайдах бэлэмниибит: 1 кии­лэ кабачкины хахтаан, сиэмэтин ылан түөрт муннуктуу гына кырбыыллар. 300-400 кыраам отону кытта кабачогу миискэҕэ кутуллар, 1,5 киилэ саахар, кыра уу эбиллэр уонна кичэйэн булкуйуллар. Оргуйбутун кэннэ чаас курдук кыра уокка булкуйа-булкуйа тэптэрэн ылыллар.

Битэмииннээх барыанньа

Отону буһардахха туох баар битэмиинэ сүтэр. Маны билэр дьон барыанньалыыр­га, утах да оҥорорго отону буһара сатаабаттар.

Хайдах бэлэмниибит: барыанньалыылларыгар отону ньыһыйан, мясорубкаҕа, блендергэ эрийтэрэн баран отонунааҕар икки төгүл элбэх саахар кутан уһуннук булкуйаллар.

Онтон утах оҥороллоругар ууну оргутан, сойутан баран ол үрдүгэр ньыһыйыллыбыт отону куталлар. Буспатах отонтон барыанньа, утах букатын атын амтаннаах буо­лар, боруобалаан көрөөрүҥ эрэ.

Апельсиннаах  барыанньа

Аныгы хаһаайкалар отоҥҥо ханнык баҕарар атын отону, фруктаны кутан ураты амтаннаах барыанньа буһараллар. Үгүстэр биэ эмийин ордороллор, атыттар дьаабылакалаан барыанньалыыллар. Апельсин эмиэ ураты амтаны биэрэр.

Хайдах бэлэмниибит: кии­лэ аҥаара отону блендэрдииллэр. 2 устуука апельсины сууйан баран, чап-чараас гына хаҕын (цедра) теркалыыллар. Атын иһиккэ апельсин уутун ыган ылан (маҥана туһаныллыбат) теркаламмыт хаҕы кутан булкуйаллар. Отоҥҥо киилэ аҥаара саахар эбэн баран оргута уураллар. Оргуйаатын кытта апельсин уутун куталлар уонна кыра уокка 20-чэ мүнүүтэ булку­йа-булкуйа тэптэрэн ылаллар.

+1
7
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: