Хаартыска: Саха сирэ
Кабачкилаах, отонноох барыанньа
Дьыл баччатыгар, араас салаат кэнниттэн оҕуруотчуттарга үгүстэригэр биир-икки кабачки хаалан сытар буолар. Онон отонноох, кабачкилаах барыанньата оҥостон боруобалааҥ.
Хайдах бэлэмниибит: 1 киилэ кабачкины хахтаан, сиэмэтин ылан түөрт муннуктуу гына кырбыыллар. 300-400 кыраам отону кытта кабачогу миискэҕэ кутуллар, 1,5 киилэ саахар, кыра уу эбиллэр уонна кичэйэн булкуйуллар. Оргуйбутун кэннэ чаас курдук кыра уокка булкуйа-булкуйа тэптэрэн ылыллар.
Битэмииннээх барыанньа
Отону буһардахха туох баар битэмиинэ сүтэр. Маны билэр дьон барыанньалыырга, утах да оҥорорго отону буһара сатаабаттар.
Хайдах бэлэмниибит: барыанньалыылларыгар отону ньыһыйан, мясорубкаҕа, блендергэ эрийтэрэн баран отонунааҕар икки төгүл элбэх саахар кутан уһуннук булкуйаллар.
Онтон утах оҥороллоругар ууну оргутан, сойутан баран ол үрдүгэр ньыһыйыллыбыт отону куталлар. Буспатах отонтон барыанньа, утах букатын атын амтаннаах буолар, боруобалаан көрөөрүҥ эрэ.
Апельсиннаах барыанньа
Аныгы хаһаайкалар отоҥҥо ханнык баҕарар атын отону, фруктаны кутан ураты амтаннаах барыанньа буһараллар. Үгүстэр биэ эмийин ордороллор, атыттар дьаабылакалаан барыанньалыыллар. Апельсин эмиэ ураты амтаны биэрэр.
Хайдах бэлэмниибит: киилэ аҥаара отону блендэрдииллэр. 2 устуука апельсины сууйан баран, чап-чараас гына хаҕын (цедра) теркалыыллар. Атын иһиккэ апельсин уутун ыган ылан (маҥана туһаныллыбат) теркаламмыт хаҕы кутан булкуйаллар. Отоҥҥо киилэ аҥаара саахар эбэн баран оргута уураллар. Оргуйаатын кытта апельсин уутун куталлар уонна кыра уокка 20-чэ мүнүүтэ булкуйа-булкуйа тэптэрэн ылаллар.
Бу күн халлаан куйаарыгар ураты энергия баар. Ый Кыыс бэлиэтигэр сылдьар. Бу бэлиэ бэрээдэги, чуолкайы, ырааһы…
Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэр бойобуой дьайыылар, локальнай сэриилэр, байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр анаммыт стела үөрүүлээх быһыыга-майгыга…
Тымныы түһэрин кытта гараастарга баһаар ахсаана элбиир. Аҥардас алтынньы саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 16 уот турбута…
2025 сыл үс кыбаарталын түмүгүнэн энергетиктар өрөспүүбүлүкэ Арбитражнай суутугар 662 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумалаах 502…
Алтынньы 19 күнүгэр Сахабыт сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Ийэ күнүн көрсө киин куораппытыгар элбэх кэнсиэртэр…
Өлөөн улууһугар бэҕэһээ бөртөлүөт көтөн, сүппүт табалары булууга көмөлөстө. Бүгүн “Өлөөн” МУП зоотехнига Марина Николаева…