Хаартыска: Саха сирэ
Кабачкилаах, отонноох барыанньа
Дьыл баччатыгар, араас салаат кэнниттэн оҕуруотчуттарга үгүстэригэр биир-икки кабачки хаалан сытар буолар. Онон отонноох, кабачкилаах барыанньата оҥостон боруобалааҥ.
Хайдах бэлэмниибит: 1 киилэ кабачкины хахтаан, сиэмэтин ылан түөрт муннуктуу гына кырбыыллар. 300-400 кыраам отону кытта кабачогу миискэҕэ кутуллар, 1,5 киилэ саахар, кыра уу эбиллэр уонна кичэйэн булкуйуллар. Оргуйбутун кэннэ чаас курдук кыра уокка булкуйа-булкуйа тэптэрэн ылыллар.
Битэмииннээх барыанньа
Отону буһардахха туох баар битэмиинэ сүтэр. Маны билэр дьон барыанньалыырга, утах да оҥорорго отону буһара сатаабаттар.
Хайдах бэлэмниибит: барыанньалыылларыгар отону ньыһыйан, мясорубкаҕа, блендергэ эрийтэрэн баран отонунааҕар икки төгүл элбэх саахар кутан уһуннук булкуйаллар.
Онтон утах оҥороллоругар ууну оргутан, сойутан баран ол үрдүгэр ньыһыйыллыбыт отону куталлар. Буспатах отонтон барыанньа, утах букатын атын амтаннаах буолар, боруобалаан көрөөрүҥ эрэ.
Апельсиннаах барыанньа
Аныгы хаһаайкалар отоҥҥо ханнык баҕарар атын отону, фруктаны кутан ураты амтаннаах барыанньа буһараллар. Үгүстэр биэ эмийин ордороллор, атыттар дьаабылакалаан барыанньалыыллар. Апельсин эмиэ ураты амтаны биэрэр.
Хайдах бэлэмниибит: киилэ аҥаара отону блендэрдииллэр. 2 устуука апельсины сууйан баран, чап-чараас гына хаҕын (цедра) теркалыыллар. Атын иһиккэ апельсин уутун ыган ылан (маҥана туһаныллыбат) теркаламмыт хаҕы кутан булкуйаллар. Отоҥҥо киилэ аҥаара саахар эбэн баран оргута уураллар. Оргуйаатын кытта апельсин уутун куталлар уонна кыра уокка 20-чэ мүнүүтэ булкуйа-булкуйа тэптэрэн ылаллар.
Дьиэҕэ олорон үлэлииргэ-үөрэнэргэ элбэхтик хамсаммат буоллахха, бу доруобуйаҕа охсуулаах буолуон сөп. Аан бастаан харах уонна…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһууларын сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда. Тэрээһин "Россия — семья…
Аһыырбытыгар сыһыаннаах сиэр-туом туһунан билэҕин, истибитиҥ дуо? Тугу билиэхтээх, тутуһуохтаах эбиппитий? Айыы үөрэҕэ тугу этэрий,…
Эһиги, күндү ааҕааччылар, Саха НКИХ биэриилэригэр “үчүгэй баҕайы” диэн этии сиэри таһынан хойуутук этиллэриттэн кулгааххыт…
Бүлүү улууһугар "Сыа-Бүлүү" тэрилтэҕэ былырыын олунньу ыйга эр киһи эчэйии ылан сиһин тоһуппута. Ити кэнниттэн…
Үксүгэр биһиги тууһу аска амтан биэрэр тума эрэ курдук туттабыт. Ол гынан баран, туус дьиэ хаһаайкатыгар…