Аныгы үйэҕэ күннээҕи олохпутугар туох буортулааҕын, киһи этигэр-сиинигэр хайдах дьайарын биллэхпитинэ, быһаарыстахпытына эрэ, бэйэбит уонна оҕолорбут доруобай, уһун үйэлээх буолар кыахтаахпыт. Онон буортулаах дьайыыны аҕыйатарга кыһаллыахтаахпыт.
Улаатан эрэр уол оҕоҕутун тугунан аһатаргытыттан сиэннэргит, хос сиэннэргит доруобуйалара тутулуктаах буоларын билэҕит дуо?
Аныгы үйэҕэ уолаттарга үксүлэригэр тестостерон уонна соматропин (улаатарга аналлаах) диэн гормоннара намыһаҕын андрологтар бэлиэтииллэр. Ол түмүгэр, уол оҕо мөлтөх майгылаах, ытанньах, өһүргэс, тулуура, дьулуура суох буола улаатар эбит. Саамай сүрүнэ, ууһуур уорганнара ситэ сайдыбаттар, улааттаҕына, “ороҥҥо” эмиэ мөлтөх буолар, доруобай оҕону оҥорор кыаҕа намтыыр, диабет ыарыыга кэбэҕэстик бэринэр. Бу барыта гормонтан тутулуктаах.
Бу гормоннары туох намтатарый?
Бастатан туран, тугу аһыырыттан тутулуктаах. Уол оҕо күннээҕи аһылыгар маннык бородуукталар олох аҕыйах буолуохтаахтар:
— соя уонна сояттан оҥоһуллар бородуукталар;
— үүт уонна үрүҥ ас;
— гормоннаах эт;
— саахар уонна элбэх саахардаах аһылык;
— халбаһы, сосиска, фаст-фуд, о.д.а.
Аһылыкка тоҕо болҕомто ууруллуохтааҕый? Билигин маҕаһыыҥҥа кэлэр бородуукта хайдах оҥоһуллубута биллибэт. Кини састаабыгар олус элбэх консервант, гормон баар. Холобур, соҕурууттан кэлэр эт элбэх гормоннаах, антибиотиктаах буолар. Мэччийэр, аһыыр сирдэрэ суох буолан, ынаҕы, кууруссаны хотоҥҥо хаайан туран, уотурбанан аһаталлар, ыалдьыбатын диэн антибиотик укуолу, түргэнник улааттын, уойдун диэн гормоннары биэрэллэр. Маннык эти өр сиэтэххэ, гормоннара киһиэхэ мунньуллан иһэллэр. Бу ордук улаатан эрэр оҕолорго уонна сааһырбыт дьоҥҥо сэрэхтээх.
Ыйданара бүтэн, сааһыран эрэр дьахтарга эстроген диэн гормон мунньуллара кутталлаах. Сыыһа аһыырын, ыалдьарын түмүгэр, дьахтар этэ-сиинэ эстрогены арааран, организмтан таһаарар, ыраастыыр мэхэньиисимэ буккуллар. Холобур, эстроген метаболитын (түмүк бэссэстибэтин) быар ыраастаан таһаарыахтаах. Быар куһаҕаннык үлэлиир буоллаҕына, “куһаҕан” эстроген мунньуллан иһэр уонна төрүүр-ууһуур уорганнарыгар искэн, киста, миома, фиброма, эндометриоз буолан тахсар. Ол иһин сааһырбыт уонна орто саастаах дьахталларга бу ыарыылар элбэхтик көстөллөр. Оттон мэдиссиинэ бу ыарыылар төрүөттэрин быһаара сатаабат, искэн улааттаҕына, эпэрээссийэлииллэр эрэ. Ыарыы төрүөтэ быһаарыллыбатаҕына, быс да быһыма, киста, миома хат тахса тураллар. Онон дьахтар, бастатан туран, быарын үлэтин хонтуруоллана сылдьыахтаах уонна ксеноэстрогеннартан сэрэниэхтээх.
Киһи күннээҕи олоҕор ксеноэстрогеннары (сымыйа эстрогеннары) кытары дьайсыыны аҕыйатыахтаах. Тоҕо диэтэр, бу “искусственнай” эстрогеннар киһи этигэр-сиинигэр мунньуллаллар уонна элбээтэхтэринэ, эмиэ искэҥҥэ тиэрдэллэр.
Ксеноэстрогеннар ханна баалларый?
— гормоннаах эккэ;
— “бисфенол А” баар пластик иһиттэргэ (уу кутуллар бытыылкаларга, оонньуурдарга, хос үрдүгэр тиириллэр пленкаҕа (натяжной потолок), ПВХ пластиктаах түннүккэ, тиис пломбатын сорох матырыйаалыгар, маҕаһыыҥҥа каасса чегэр, факс кумааҕытыгар, кэнсиэрбэ тимир бааҥкатын ис бүрүөһүнүгэр, о.д.а.;
— мыылаҕа уонна косметикаҕа баар эмульгаторга;
— оҕуруот аһыгар баар пестицидкэ, гербицидкэ, фуницидка.
Бэл диэтэр, пластиктаах бөх мунньуллан баран, сири-уоту, ууну киртиттэҕинэ, ардаҕынан уонна иһэр уунан киһиэхэ киириэн сөп эбит.
Ксеноэстрогеннары хайдах аҕыйатыахха сөбүй?
— пластик иһит оннугар өстүөкүлэ, керамика, фарфор иһити туттуҥ;
— пластик иһити хаһан да сылыппат буолуҥ! Ититтэххэ, бисфенола түргэнник тахсар;
— дьиэҕэ, массыынаҕа араас хиимийэни: салгыны тупсарар освежители, ароматизаторы, көлөһүнү куурдар дезодораны туттумаҥ;
— суунар геллэр, шампуннар састааптара “эко” буолара ордук;
— дьиэни сууйарга-соторго хиимийэни аҕыйатыҥ, бэрчээккини кэтиҥ, эмиэ “эко” диэн суруктааҕы туһаныҥ. Холобур, уксууһунан, суоданан да сууйуохха сөп. Эбэтэр, анал маҕаһыыннартан эко-бородууксуйаны атыылаһыҥ;
— төһө кыалларынан, дьиэ үрдүгэр тиириллэр ПВХ-пленкаттан (натяжной потолок) аккаастаныҥ;
— факс кумааҕытын уонна каасса чегин илиигитигэр өр тутумаҥ. Тирии нөҥүө өтөн киирэр дьайыылаахтар үһү.
Бисфенол-А (BPA) пластикка барытыгар баар буолбатах. Бу бэссэстибэ гормон оҥорор былчархайдарга, киһи төрүүр-ууһуур уорганнарыгар, эндокриннай систиэмэтигэр дьайар кыахтаах, онон киһи этигэр-сиинигэр араас кэһиллиини таһаарар. Учуонайдар кыылларга чинчийиини ыытан баран, ньиэрбэ ыарыыларыттан, төрүүр-ууһуур уорганнарга кэһиллииттэн саҕалаан, искэҥҥэ тиийэ төрүөт буолуон сөп диэн быһаарбыттара.
Кэнэҕэскигэ (плацентаҕа) уонна ийэ үүтүгэр өтөн киирэн, киэли иһигэр саҥа сайдан эрэр үөскэххэ кытта дьайар, онон оҕону куоттарыы төрүөтүнэн буолар диэн сабаҕалыыллар. Ол иһин хат дьахтарга кутталлаах. Соҕуруу Ураллааҕы мэдиссиинэ университетын учуонайдарын чинчийиитинэн, кыайан оҕо оҥорбот 53 эр киһиэхэ барыларыгар элбэх бисфенол-А баара биллибитэ.
Куһаҕана диэн, бисфенол киһи организмыгар мунньуллан иһэр, онон тута билбэккин. Канцероген быһыытынан мунньуллан баран, диабет, эбэтэр, искэн үөскүүрүгэр төрүөт буолар.
2010 сылтан Канадаҕа, Израильга, Европа сорох дойдуларыгар бу пластигы “токсичнай (дьааттаах) матырыйаал” диэн туран, сүрүннээн оҕо бытыылкаларыгар, суоскаларыгар туһанартан аккаастаммыттара. Ол да үрдүнэн, ордук АХШ-ка пластигы оҥорон таһаарааччылар “туох да буортута суох” диэн дакаастыы сатыыллар, дьоҥҥо соҥнууллар. Бисфеноллаах иһити итиппэккэ эрэ көннөрү туһаныыга буортута кыра диэн, Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) боппотоҕо.
Бэл диэтэр, кыра оҕо үүт иһэр бытыылкалара бисфеноллаах поликарбонаттан оҥоһуллаллар. Бу бытыылкалары оргуттахха, итии уунан сууйдахха, өссө элбэх бисфенолу таһаараллар эбит. Кэнники кэмҥэ оҕо бытыылкатын бисфенола суох оҥорор буолан эрэллэр. Ону хайдах быһаарыахха сөбүй? Иһит анныгар “BPA-free” (бисфенола суох) диэн суруктаах буолар. Бу маннык суруктаах иһит куттала суох.
Поликарбонатнай иһит түгэҕэр PC (поликарбонат), PVC (поливинилхлорид) диэн суруктаах буолар. Оттон бисфенол-А бэлиэтэ – BPA диэн. Ол эбэтэр, бу иһит итийдэҕинэ, бисфенолу таһааран барар. Онон пластик иһити микроволновай оһоххо сылыппат ордук. Эргэрбит, элбэх хайдыылаах, дьуккуруйуулаах иһити туһанымаҥ. Уу бытыылкаларын элбэхтик туһанымаҥ, эргэрдэхтэринэ, эмиэ токсиннары таһаараллар.
Пластик иһит матырыйаала маннык арахсар: PE (полиэтилен), HDPE (High Density Polyethylene — полиэтилен высокой плотности), PE-HD (полиэтилен высокой плотности), PP (полипропилен), PS (полистирол). Бу маннык бэлиэлээх иһиттэр бисфенола суох буолаллар.
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…
Суруналыыстар байыаннай дьайыыттан саҕалаан Ил Дархан Тымныы Оҕонньору хас сааһыгар диэри кэтэспитин ыйыттылар. Айсен Николаев…
Ил Дархан Айсен Николаев 12 саастаах Амелия Новикова суругун тутан, кыысчаан улахан баҕа санаатын толорбутун…
Дьокуускайга ИДьМ үлэһиттэрэ арыгыны сокуоннайа суохтук атыылааһыҥҥа рейдэ оҥордулар. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…