СҮБЭҺИТ. Помидору сибиэһэйдии тоҥоробут
Помидору утарынан астыыры таһынан сибиэһэйдии эмиэ тоҥоруохха сөп. Билигин аныгы үйэ кыаҕын туһунан социальнай ситимнэринэн хаһаайкалар сүбэлэрин кытта ыһа-тоҕо үллэстэллэр, видео устан тарҕаталлар. Биир оннук ньыманан помидору сибиэһэйдии, биир да тумата суох тоҥороллор. Онтон эһиги помидору тоҥороҕут дуо?
Бу сырыыга эмиэ эдэр хаһаайка Вера Иванова «кыһынын помидору атыыласпаппын, сибиэһэйдии тоҥороммун араас аска кутабын, пицца астыырга туттабын», — диэн сүбэлиир.
Помидору төгүрүктүү кырбаан тоҥнуу хаһааныы. Бу ньыманан хаһааныллыбыт помидору үксүн пицца буһарарга туһаныахха уонна аска тума быһыытынан кутуохха сөп. Тоҥоруллубут помидор сибиэһэйтэн туох да уратыта суох уонна пицца астыырга олус табыгастаах ньыма буолар диэн хаһаайка сүбэлиир.
Тоҥорууга орто помидордары туһанар ордук. Оҕуруот аһа биир тэҥ быһыллыбыт кээмэйдээх буолуохтаах. Помидору сууйаҕыт уонна куурдаҕыт. Ол кэннэ быһа холоон 0,5-1 см кэтиттээх гына чараастык кырбастыыгыт. Быһыллыбыт помидору полиэтиленовай пленкаҕа уураҕыт, онтон 2 чаас кэриҥэ кыратык тоҥоро түһэн баран, бакыаттарга угаталаан морозильникка тоҥоро уураҕыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: