СҮБЭҺИТ: Пуховигы сөпкө сууйабыт…
Саха сиригэр билигин аҕыйах кэрэ аҥаар саҕынньах кэтэн сылдьар курдук, дьон үксүн пуховик куурканан кыстыыр. Пуховой куурка тымныы кэмнэргэ хас биирдии киһи солбуллубат таҥаһа буолар. Чэпчэки, сылаас уонна тупсаҕай оҥоһуулаах синтепон куурка үлэҕэ да уонна мааныга да кэтэргэ араастаспат буолла. Онон тапталлаах кууркаҕыт уһуннук сулууспалыырын туһугар сөпкө көрүөххүтүн, харайыаххытын наада. Пуховигы хайдах сууйабыт, ыраастыыбыт уонна харайабыт?
Сөпкө сууйабыт
Сууйар кэм кэллэҕинэ, хайаан да анал бороһуогу эбэтэр гели туһаныҥ. Көннөрү таҥас сууйар бороһуок барсыбат. Куурканы таҥас сууйар массыынаҕа 30-40 кыраадыс тымныы ууга деликатнай эрэсиимҥэ сууйуҥ. Пуховигы, синтепоннаах куурканы сууйарга 8 см улахана суох мээчиги таҥас сууйар массыына барабааныгар угуоххутун сөп. Оччоҕо синтепон да, кус түүтэ да биир сиргэ чөмөхтөһөн хаалыахтара суоҕа.
Сөпкө куурдабыт
Куурканы куурдар уонна харайар эмиэ туспа кистэлэҥнэрдээх. Сыыһа-халты куурда ууран, куурка иһэ түүнүгүрүөн сөп. Онон куурканы куурда сытыары ууруҥ, холобур, улахан сотторго эбэтэр таҥас куурдар анал тэрилгэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: