СҮБЭҺИТ: Пуховигы сөпкө сууйабыт…

Share

Саха сиригэр билигин аҕыйах кэрэ аҥаар саҕынньах кэтэн сылдьар курдук, дьон үксүн пуховик куурканан кыстыыр. Пуховой куурка тымныы кэмнэргэ хас биирдии киһи солбуллубат таҥаһа буолар. Чэпчэки, сылаас уонна тупсаҕай оҥоһуулаах синтепон куурка үлэҕэ да уонна мааныга да кэтэргэ араастаспат буолла. Онон тапталлаах кууркаҕыт уһуннук сулууспалыырын туһугар  сөпкө көрүөххүтүн, харайыаххытын наада. Пуховигы хайдах сууйабыт, ыраастыыбыт уонна харайабыт?

Сөпкө сууйабыт

Синтепон куурканы көрүү-истии, ону кытта сууйар туспа кистэлэҥнэрдээх. Сыыһа туттунууттан саҥа куурканы буортулуохха сөп. Онон сууйарга уонна ыраастыырга олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахха наада. Пуховой куурканы олус элбэхтик сууйуллуо суохтаах —  сылга көрөн 1-2 төгүл сууйуллар. Элбэхтик сууйар буоллахха, сылааһы туппат буолар уонна куурканы алдьатар.

Сууйар кэм кэллэҕинэ, хайаан да анал бороһуогу эбэтэр гели туһаныҥ. Көннөрү таҥас сууйар бороһуок барсыбат. Куурканы таҥас сууйар массыынаҕа 30-40 кыраадыс тымныы ууга деликатнай эрэсиимҥэ сууйуҥ. Пуховигы, синтепоннаах куурканы сууйарга 8 см улахана суох мээчиги таҥас сууйар массыына барабааныгар угуоххутун сөп. Оччоҕо синтепон да, кус түүтэ да биир сиргэ чөмөхтөһөн хаалыахтара суоҕа.

Сөпкө куурдабыт

Куурканы куурдар уонна харайар эмиэ туспа кистэлэҥнэрдээх. Сыыһа-халты куурда ууран, куурка иһэ түүнүгүрүөн сөп. Онон куурканы куурда сытыары ууруҥ, холобур, улахан сотторго эбэтэр таҥас куурдар  анал тэрилгэ.

Пуховик куурар кэмигэр көрө сылдьан сахсыйар улахан суолталаах. Батарея үрдүгэр, күн сардаҥатыгар куурканы уурумаҥ —  бу барыта куурка тас көстүүтүн буортулуур. Куурка халыҥыттан көрөн хас да хонук устата кууруон сөп. Тускутугар туһаныҥ!
What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

4 часа ago