СҮБЭҺИТ. Сахалар балыгы астыыр ньымалара
Бүгүҥҥү сүбэһиккэ аныгы кэмҥэ умнулла быһыытыйбыт өбүгэлэрбит балыгы астыыр ньымаларын түмэн бэлэмнээтибит.
Тоҥ – бил, туут, хатыыс, чыыр, уомул курдук балыктары кыһын тоҥнуу кыһан сииллэр. Бастаан балык тириитин араараллар, онтон чараас гына сытыы быһаҕынан кыһаллар.
Дьуухала – балыгы баһын быһан, этин тириититтэн араарбакка эрэ хайытан, халыҥ этин туоратаары быһыталаан, кыратык туустаан, тараччы сылдьар гына маһынан тэптэрэн, тыал охсор сиригэр быаҕа ыйаан, күн уотугар хатарыллар.
Үөлүллүбүт балык. Мундуну эбэтэр собону хатырыктаан баран мас үтэһэҕэ үөлэллэр уонна көмүлүөк оһоххо эргитэ сылдьан хатараллар.
Барча. Буспут мундуну иэһэргэ (иэһэр – балык хатарар долбуур) кутан күн уотугар хатараллар. Сахсырҕа түспэтин диэн балыктарын үрдүгэр сэппэрээги тарҕаччы уураллар. Хата турдаҕына, балыктарын мас лаппааккынан эргитэн-урбатан биэрэ тураллар. Инньэ гынан, балыктарын үлтүрүтэллэрэ. Бу ньыма саас балык элбэхтик тахсар кэмигэр мундуну хаһаанарга табыгастааҕа.
Сыма. Өбүгэлэрбит балыктарын хаһаанар ньымалара. Сыма оҥороллоругар оҥкучах хаһаллар. Оҥкучах түгэҕин уонна эркиннэрин бэс хатырыгынан сабаллар. Ол үрдүнэн хатыҥ туоһунан бүрүйэллэр. Ол кэнниттэн балыктарын сымалыырга (кэнсиэрбэлииргэ) киирэллэр. Сымаҕа мунду ордук табыллар эбит. Мундуну буһаран баран, туу иһигэр кутан, уутун сүүрдэллэр уонна сойуталлар. Балыктара лаппа сойбутун кэннэ, оҥкучахха куталлар. Оҥкучаҕы туоһунан уонна хатырыгынан сабан баран, салгын киирбэт гына буорунан көмөн кэбиһэллэр. Кыһыҥҥы тымныы түстэ да, сыманы хостоон ылан, хаарга көмөллөр.
Медицинскэй наука кандидата Л.Львов буһарык уонна лыыба диэн сыма туспа көрүҥнэрэ баарын туһунан суруйар (Хотугу сулус, 3-с №-рэ, 1971 с., 104 стр.):
Буһарык – күһүҥҥү сыма. Сыманы саас, буһарыгы күһүн, тымныы түһүөн аҕай иннинэ оҥоруллар.
Лыыбаны күһүн, балаҕан ыйын саҥатыгар эмиэ мундуттан оҥороллор. Мундуну улахан мас иһиккэ кутан баран, аһаҕас халлаан анныгар уураллар. Балыктарын итинник тоҥуор диэри туруораллар. Сыматтан үөрэ оҥороллор. Сыманы ууга кутан оргуталлар. Уулара оргуйдаҕына, онно бэс мээккэтин куталлар.
“Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара” кинигэттэн, Н.Е.Саввинов, 1992 с..
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: