Саҥа дьыл бырааһынньыга – бу ураты аптаах, алыптаах уонна, биллэн турар, бэлэх тутар уонна туттарар кэмэ. Саҥа дьылга доҕотторбутугар тугу бэлэхтиибит?
Хас биирдии киһи сыл ахсын бырааһынньыкка 5-10 чаас анаан туран аймахтарыгар, доҕотторугар анаан ураты бэлэҕи көрдүүр. Маннык тэрээһини киһи барыта сөбүлээбэт. Онон бу буолаары турар Саҥа дьылга бэлэх оҥорорго араас ураты идиэйэлэри хомуйдубут.
- Кэнсиэргэ эбэтэр испиктээккэ билет. Тапталлаах артыыс эбэтэр тыйаатыр туруоруутунан босхо билет ураты бэлэҕинэн буолуоҕа, ону тэҥэ умнуллубат өйдөбүлү үөскэтиэҕэ. Ханна булуохха сөбүй: билиэти култуура тэрилтэлэрин саайтыгар эбэтэр туһааннах мобильнай сыһыарыылар нөҥүө атыылаһыахха сөп: 1500-тэн 10000 солк. диэри артыыһыттан уонна миэстэтиттэн көрөн араастыыр.
- «Өйдөөх чаһыы». Чаһыы доруобуйаны кэтээн көрөргө, муусука истэр дьоҥҥо идеальнай бэлэх. Ханна булуохха сөбүй: улахан маҕаһыыннарга, ону тэҥэ маркетплейстарга атыылаһыахха сөп. Сыаната: 2000-тан 50 000 солк. диэри.
- Айар талаан набора. Айар талаан наборун чугас дьоҥҥут иистэнэринэн умсугуйар, баайар, уруһуйдуур эбэтэр киэргэллэри оҥорор буоллахтарына бэлэхтээҥ. Ханна булуохха сөбүй: кинигэ маҕаһыыннарыгар, маркетплейстарга атыылаһыахха сөп. Сыаната: 1000- тан 3000 солк. диэри.
- Интэриэһинэй уруһуйдаах курууска. Арааһынай уруһуйдаах эбэтэр суруктаах куруускалар сарсыарда ахсын кофе эбэтэр чэй иһэргэ уйулҕаны үрдэтиэхтэрэ. Ханна булуохха сөбүй: бэйэҥ уруһуйу талан ылан сакааһынан оҥотторуоххун сөп, эбэтэр маркетплейстарга, иһит уонна бэлэх маҕаһыыннарыгар атыылаһыахха сөп. Сыаната: 500- тэн 1000 солк. диэри.
- Остуол оонньуута. Остуол оонньуута дьиэ кэргэни уонна доҕоттору кытта бииргэ бириэмэни атаарарга ураты бэлэх. Туох эрэ саҥаны, интэриэһинэйи көрдөөн талыҥ. Ханна булабыт: остуол оонньууларын анал маҕаһыыннарга эбэтэр онлайн маркетплейстарга сакаастаан атыылаһыахха сөп. Сыаната: 1500-тан 5000 солк. диэри.
- Маастар-кылааска сэртипикээт. Бу саҥа аһы-үөлү астыырга билиини хаҥатыы эрэ буолбакка, доҕоттору эбэтэр дьиэ кэргэни кытта бириэмэни атаарыыга олус үчүгэй уонна интэриэһинэй бэлэх. Ханна булуохха сөбүй: маастар-кылаастар сэртипикээттэри олохтоох ас-үөл буһарар оскуолаларынан атыылыыллар эбэтэр анал платформаҕа булуохха сөп. Сыаната: 3000-тан 7000 солк. диэри.
- «Өйдөөх колонка». Бу тэрил дьиэҕэ-уокка солбуллубат көмөлөһөөччүнэн буолуоҕа. «Өйдөөх колонка» муусука тыаһатыан, ыйытыыларга хоруйдуон уонна бэлиэ күнү санатар кыахтаах көмөлөһөөччү буолуон сөп. Ханна булуохха сөбүй: улахан маҕаһыыннарга уонна маркетплейстарга. Сыаната: 4000-тан 10 000 солк. буолар.
- Косметика набора. Маннык бэлэх эһиги чугас дьоҥҥутугар уһун үлэ күннэрин кэнниттэн сынньанарга көмөлөһүөҕэ. Ханна булуохха сөбүй: набордар косметиканы маҕаһыыннарынан, маркетплейстарынан атыыланар. Сыаната: 1500-тан 5000 солк. диэри.
- Робот-пылесос. Робот-пылесос дьиэ-уот хомуйарга солбуллубат көмөлөһөөччүнэн буолуоҕа. Билиҥҥи моделлар сууйар, сотор үлэни эмиэ оҥороллор. Ханна булуохха сөбүй: бытовой тиэхиньикэ маҕаһыыннарынан, маркетплейстарынан атыыланар. Сыаната: 5000-тан 20000 солк. диэри.
- Проектор. Саҥа дьыл бырааһынньыктарын кэмигэр киинэлэри уонна сериаллары көрөн атаарар дьоҥҥо олус табыгастаах бэлэх. Ханна булуохха сөбүй: бытовой тиэхиньикэ маҕаһыыннарынан, маркетплейстарынан атыыланар. Сыаната: 3000-тан 10000 солк. диэри.