Салгыы
СҮБЭҺИТ: Сөтөлү, тыынар уорганы эмтэнии

СҮБЭҺИТ: Сөтөлү, тыынар уорганы эмтэнии

Ааптар:
02.12.2024, 16:38
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Тымныы буолла да мурун уутун сүүрдэр, сөтөлү үөскэтэр ыарыы  элбиир.  Норуот  үтүмэн сылларга муспут муударай кылаатынан сөтөлү, тыынар уорганы эмтэниигэ тугу сүбэлиирий?

Тыҥа уонна бронха ыарыытын сэрэтиигэ 3 лимону уҥуохтарын ылҕаан баран, мясорубкаҕа эрийтэриҥ. Манна 20 устуука хаҕа суох мэлиллибит грецкэй эриэхэни, 300 мл алоэ суогун, 0, 5 кг тууһа суох сибиэһэй ынах арыытын, мүөтү, 0,3-0,5 л кагор арыгын эбиҥ. Барытын булкуйуҥ. Халадыынньыкка уура сылдьан, күҥҥэ үстэ аһыаххыт иннинэ, биирдии остолобуой ньуосканы иһиҥ.

Бронхикка. 1 ыстакаан үүккэ 1 остолобуой ньуоска шалфей отун кутан оргутуҥ. Сиидэлээн баран, утуйуоххут иннинэ итиилии иһиҥ.

Лорингикка, фарингикка. Ыстакаан аҥаара сылаас уууга 1 чаайынай ньуоска кырахымаалы, глицерини уонна 3-4 хааппыла дьуоту кутуҥ. Күҥҥэ үстэ-түөртэ сайҕаныҥ. Сырыы ахсын саҥаттан-саҥа суурадаһыны оҥостуҥ.

Ангинаҕа. Чосунуок 3-4 өлүүскэтигэр биир ыстакаан итии үүттэ кутуҥ. Хаппахтааҥ, 15 мүнүүтэ сылаас сиргэ тутуҥ. Сиидэлээн баран, кыра кыратык омурдан иһиҥ.

Тумуу тумуннун, ыарыы ыалласпатын! Чэгиэн сылдьыҥ!

+1
18
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
5
+1
13
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: