Салгыы
СҮБЭҺИТ: Сир аһын хаһаанабыт

СҮБЭҺИТ: Сир аһын хаһаанабыт

Ааптар:
03.08.2024, 19:00
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйа – сир аһын өлгөмнүк хомуйуу кэмэ. Сир аһын хаһаанарга судургу сүбэлэри, албастары кытта билиһиннэрэбит.

Моонньоҕону сууйумаҥ

Моонньоҕону үргээн аҕалаат, таһырдьа күннээх сиргэ 3-4 чаас тэнитэн сытыарыҥ. Ол кэннэ хордуон дьааһыкка кутан, хараҥа сөрүүн сиргэ ууруҥ. Итинник 3-4 күн хонноробут. Ол кэннэ, дьэ, ыраастыыбыт. Моонньоҕону сууйар төрүт сыыһа. Тас дуйугар баар битэмиинэ ууга суураллан хаалар. Сууйбакка эрэ үрдүгэр саахар кутан, сибиэһэйдии хаһааныахха эбэтэр эрийтэрэн барыанньа оҥоруохха сөп.

Саахар кутан баран сытыара түһэриҥ. Суога таҕыстаҕына, ытыгынан күүскэ ытыйыҥ. Хоп-хойуу буолуохтаах. Ол кэннэ кыра ньуоска төбөтүгэр лимон кислотатын кутан баран, өссө ытыйыҥ. Оччоҕо өр кэмҥэ аһыйбат, көөнньүбэт.

Уопсайынан, амтанын өр сүтэрбэтин туһугар сир аһын барыанньатыгар кыратык лимон кислотатын кутар ордук.

Апельсиннаах хаптаҕас барыанньата

Хаптаҕаһы сорох хаһаайкалар “ороскуоттаах сир аһа” диэн ааттыыллар. Бу ньыманы туһанан, аҕыйах саахардаах барыанньата оҥостуҥ:

Биир киилэ апельсины үчүгэйдик сууйан баран, хахтыын баҕастыын мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Онно 3 кг хаптаҕаһы, 2 кг саахары эбэн, уокка оргута уурабыт. Оргуйбутун кэннэ, 1 хах ванилины кутабыт. Апельсин аһыы амтаны биэриэх курдук эрээри, соһуйуохпут иһин, хаптаҕас барыанньатын төттөрүтүн минньитэр.

Хаптаҕастан – мармелад

Хаптаҕаска саахар кутан оргутабыт. Хойдубутун кэннэ, ньуосканан илдьиритэ-илдьиритэ сиидэлиибит. Саахары эбэн баран, эмиэ оргута уурабыт. Оргуйаатын кытта, кыра ньуосканан лимон кислотатын кутан буккуйабыт. Сойута уурабыт. Кыра эмээл миискэни арыынан сотобут. Онно хаптаҕаспытын кутабыт. Халадьыыныкка уган тоҥоробут. Сойбутун кэннэ, быһаҕынан быһыталаан баран, саахар пуударатыгар буккуйабыт. Хаптаҕас мармелада бэлэм.

Диана Клепандина

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
20 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 60% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: