СҮБЭҺИТ: Сылайыы туругуттан хайдах тахсабыт?
Таһырдьа тахсааты кытта тохсунньу тумана “кууһа” түһэр, эбиитин күнэ суох буолан эппит-сииммит утуйуон, сынньаныан баҕарар, сылайбыт курдук турукка киирэбит. Маннык туруктан хайдах тахсабыт? Тымныыттан хайдах харыстанабыт?
Утуйуу
Бастатан туран, киһи утуйдаҕына эрэ этэ-сиинэ олоччу чөлүгэр түһэр, сынньанар, үүнэр күҥҥэ бэлэм буолар. Кэмигэр утуйуу, кэмигэр туруу улахан оруоллаах. Кыһын бу ордук улахан суолталаах. Күн суоҕуттан, тымныыттан, дьиэ уонна таһырдьа кыраадыстара улахан уратылааҕыттан киһи бэйэтэ да билбэтинэн этэ-сиинэ истириэстиир. Ол иһин биир кэмҥэ туруҥ, утуйуҥ диэн сүбэлииллэр.
Күнүс төһө да туманнааҕын иһин, сырдык кэмҥэ таһырдьа тахсан салгын сиир хайаан даҕаны ирдэнэр. Бу ордук үлэлэригэр эбиэттиир офис үлэһиттэригэр, олорор үлэлээх дьоҥҥо суолталаах.
Исписэлиистэр кыһынын 7-22 чааска диэри утуйуҥ диэн этэллэр. Ол эрээри, хамсаммакка күнүстэри-түүннэри утуйар дьон 33 % тиийэ инсультунан ыалдьаллара дакаастаммыт. Ол эбэтэр бириэмэлэрин улахан аҥаарын хамсаммакка утуйаллар, сыталлар, олороллор диэн судургутук өйдүөххэ сөп. 12-18 саастаах оҕо сууккаҕа 8,8-10 чаас, 18-45 саастаах киһи 7-8,5 чаас, 46-тан үөһэ саастаах дьон 6-8 чаас утуйуохтаахтар.
Сөптөөх аһылык
Сөпкө утуйууну сэргэ кыһыҥҥы кэмҥэ сөпкө аһыыр киһи доруобуйатыгар улахан суолталааҕын учуонайдар бигэргэтэллэр. Ордук Саха сиригэр киһи иммунитета доруобай, сөптөөх, итии аһылыктан улахан тутулуктаах. Эт, балык, оҕуруот аһа күннээҕи аһылыкка булгуччу баар буолуохтаах диэн этэллэр. Бу тугунан аһаппыттара биллибэт куурусса буута, тугу булкуйбуттара биллибэт полуфабрикат, битэмиинэ бараммыт эт кэнсиэрбэ буолбатах, олохтоох ынах, убаһа этэ.
Иммунитеты бөҕөргөтүү
Хас биирдии киһи иммунитета араас. Ону эт-хаан бэйэтэ оҥорор, төрүөҕүттэн бэриллэр. Ол эрээри, кэмиттэн-кэмигэр иммунитекка көмөлөһөн бөҕөргөтөр хайаан даҕаны ирдэнэр.
Уопсайынан, иммунитеты күүһүрдэр туһугар аныгы кэмҥэ судургу ньымалары хото туһаныллар. Маныаха туох эрэ аптаах сириэстибэ суох. Холобур, сибиэһэй эт, балык, оҕуруот аһылыга, эриэхэ, араас утахтар, лимон, чеснок, луук… Сүбүөкүлэ, моркуоп, апельсин суоктарыгар мүөт, лимон эбэн иһэллэр. Кыһыҥҥы кэмҥэ ордук С битэмиин туһалаах диэн этэллэр.
Кистэл буолбатах, доруобуйабыт туһунан ордук күһүн, халлаан тымныйдаҕына санаан кэлэбит. Уонна араас сыаналаах омук битэмиинигэр тиийэ испитинэн барабыт. Ол гынан баран, кэлин оту-маһы иһэр дьон элбээтэ. Исписэлиистэр маны үчүгэйдик үөрэтэн итиэннэ күн бастакы аҥаарыгар иһиҥ диэн сүбэлииллэр. Күн иккис аҥаарыгар истэххэ сүрэх тэбиитэ күүһүрэн, өй-санаа уһуктан, чэбдигирэн киэһэ хойукка диэри утуйбакка килэччи көрөн сытыахха сөп диэн этэллэр. Иммунитеты күһүн эрэ буолбакка, сылы эргиччи бөҕөргөтүнүөхтээхпит.
Иккиһинэн, олоххо көхтөөх, өрүү үөрэ-көтө, ыллыы-туойа сылдьар дьон ыарыыга бэриммэтин учуонайдар быһааран тураллар.
Үсүһүнэн, киһи олус илистибэккэ сөбүгэр дьарыктаннаҕына сылаата киирэн кытаанахтык утуйар диэн чопчулууллар.
Төрдүһүнэн, эти-сиини сыыйа тымныыга үөрэтии. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр ойбоҥҥо сөтүөлүүр дьон аҕыйахтык тымныйабыт диэн бэлиэтииллэр. Онон муустаах ууга сөтүөлүөн баҕарар дьон сайын өҥүрүк куйаастан саҕалыыллара ордук.
Халыҥ таҥас
Саха сирин курдук тоһуттар тымныылаах, тыйыс айылҕалаах сиргэ халыҥ таҥас улахан оруоллаах. Аныгы кэмҥэ оннооҕор анал батарыайканан сылытыллар кууркалар кытта бааллар. Ол эрээри, арыый бэттэҕинэн көрүөххэ.
Билигин сылааһы тутар таҥаһы (термобелье) хото тигэр буоллулар. Балары ылан кэтиэххэ сөп. Маныаха биир сүрүн сүбэ баар – өскөтүн соҥҥут таһа синиэтикэ буоллаҕына, биэтэһэ хайаан даҕаны 80% натуральнай таҥас буолуохтаах дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, синтиэтикэ сылааһы туппатын ааһан, тыал көҥүл күүлэйдиир, онон бэрт түргэнник тоҥуохха сөп. Оннооҕор синтиэтикэлээх наскы кытта хаарыйан атаҕы тоҥоруон сөп. Тохсунньу тоһуттар тымныытыттан дьиҥнээх тирии, түү, баайкабай таҥас, хлопок эрэ толору абырыыр кыахтаах.
Кыайан хамсаммат буолуохха диэри ыга таҥыннахха киһини хам ылан, төттөрүтүн тоҥоруон сөп. Ол иһин хамсанарга-имсэнэргэ судургу, сөбүгэр халыҥ таҥас ордук. Оҕону эмиэ сиэри таһынан халыҥнык таҥыннарымаҥ диэн этэллэр. Ол эрээри, хас да хос таҥас араҥата эт сылааһын тутар диэн эмиэ этэллэр.
Утахтар
Тымныы кэмҥэ эти-хааны сылытар утахтары иһэри сүбэлииллэр. Холобур, араас оттоох-мастаах, отонноох, фрукталаах чэйдэр, смузилар, коктейллар, кофе итиэннэ үүттээх ити чэйи туох да солбуйбат. Ханнык баҕарар утаҕы сөбүн көрөн иһэри сүбэлииллэр. Холобур, кофе 6-8 чаас устата дьайар диэн быһааран тураллар. Эбиэттэн киэһэ истэххэ киһи киэһэ утуйан быстымыан сөп. Кофеин кофены таһынан какоҕа, сакалаакка, кока-колаҕа, о.д.а. утахтарга эмиэ баар.
Тымныыга сылытар утахтар ахсааннарыгар аһыы утахтары киллэрбэттэр. Бастакытынан, үлүйбүт дьон үксэ арыгылаан баран быстар. Иккиһинэн, илии-атах үлүйэрин кэмигэр билбэккэ хааллаллар. Онон сэрэхтээх.
Тэттик сүбэлэр
- Кыһын олус минньигэһи, аһыыны, биэрэстээҕи сиир туһалыаҕынааҕар доруобуйаны мөлтөтүөн сөп.
- Тымныы кэмҥэ диетаҕа олорботох ордук.
- Бурдук аһылыгы элбэҕи сиир киһи үтүөрэн биэрбэт.
- Дьарыктаах киһи доруобай буолар.
- Олус уһуннук утуйуу инсультка тиэрдиэн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: