Салгыы
Сүбэһит: сылайыыны хайдах аһарыахха?

Сүбэһит: сылайыыны хайдах аһарыахха?

Ааптар:
09.11.2024, 15:20
Успуорт министиэристибэтин тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Эти-хааны эрчийиэххэ.

Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр, сис тоноҕоһугар көмөлөөх, эти-хааны чэбдигирдэргэ туһуламмыт маннык боростуой хамсаныылары оҥоруохха сөп.

  1. Атаххын бэйэҕэр тардан ылан көтөх, онтон көннөр. Аны иккис атаххынан бу эрчиллиини оҥор. Сис тоноҕоһугар, атах сылайдаҕына көмөлөһөр (5-6 хатылаа).
  2. Төҥкөй уонна 5 сөкүүндэ устата хамсаама. Босхо тыын (5-6 хатылаа).
  3. Тыыллан баран, кэнниҥ диэки кэдэй. Илиилэриҥ көнө буолуохтаахтар, тоноҕосторгун токурутума. Босхо тыын (5-6 хатылаа).
  4. Олоппос өйөнөрүттэн тутус, төҥкөйөн 10-15 сөкүүндэ тохтуу түс, сиһиҥ көнө буолуохтаах (2-3 хатылаа). Саастаах дьон күүстэринэн оҥоро сатыа суохтаахтар, эрчиллиилэр бытааннык оҥоһуллуохтаахтар.

Саха ыалын халандаарыттан,

«Айар» кинигэ кыһата, 2015 с.

+1
20
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: