СҮБЭҺИТ: Сыллар, ыйдар, күннэр…
Быйылгы 2025 сыл – Иэйэхсит сыла. Сыллар ааттарын, ый бэлиэлэрин төһө билэҕит? Тыҥ хатыыта, таҥара сарыыта, түлэй түүн диэн хас чааска буоларын билэҕит дуо? Бүгүҥҥү нүөмэргэ сахалар ити туһунан өйдөбүллэрин билиһиннэрэбит.
Сыллар сахалыы ааттара
М.А.Попова 1994 сыллаахха таһаарбыт “Саха төрүт культурата. Учууталга көмө. Итэҕэл” кинигэтигэр таҥха диэн баска сахалыы сыллар туһунан 1913 сылтан 1996 сылга диэри суруйар.
Бэлиэлэр | Сыллар | ||||||
Таҥха | 1913 | 1925 | 1937 | 1949 | 1961 | 1973 | 1985 |
Одун | 1914 | 1926 | 1938 | 1950 | 1962 | 1974 | 1986 |
Дьөһөгөй | 1915 | 1927 | 1939 | 1951 | 1963 | 1975 | 1987 |
Айыыһыт | 1916 | 1928 | 1940 | 1952 | 1964 | 1976 | 1988 |
Иэйэхсит | 1917 | 1929 | 1941 | 1953 | 1965 | 1977 | 1989 |
Үрүҥ Айыы | 1918 | 1930 | 1942 | 1954 | 1966 | 1978 | 1990 |
Сир иччитэ | 1919 | 1931 | 1943 | 1955 | 1967 | 1979 | 1991 |
Сүҥ Дьааһын | 1920 | 1932 | 1944 | 1956 | 1968 | 1980 | 1992 |
Улуу Суорун | 1921 | 1933 | 1945 | 1957 | 1969 | 1981 | 1993 |
Хотой Айыы | 1922 | 1934 | 1946 | 1958 | 1970 | 1982 | 1994 |
Байанай | 1923 | 1935 | 1947 | 1959 | 1971 | 1983 | 1995 |
Сэбэн (Билгэ) | 1924 | 1936 | 1948 | 1960 | 1972 | 1984 | 1996 |
Сыллар ити бэлиэлэринэн аахтахха, быйылгы 2025 сыл Иэйэхсит сыла буолар. Итиннэ биири бэлиэтиир оруннаах, ааптар 1992 сыллаахха “Саха төрүт культурата. II чааһа” кинигэҕэ хомуйан оҥорбут ыстатыйатыгар Сир иччитэ сылын Буор сыла, Сүҥ Дьааһын сылын Аан Дьааһын, Сэбэн (Билгэ) сылын көннөрү Билгэ сыла диэн суруйар.
Ый бэлиэлэрэ
Бэлиэлэр | Ыйдар |
Таҥха | тохсунньу |
Одун | олунньу |
Дьөһөгөй | кулун тутар |
Айыыһыт | муус устар |
Иэйэхсит | ыам ыйа |
Үрүҥ Айыы | бэс ыйа |
Сир иччитэ | от ыйа |
Сүҥ Дьааһын | атырдьах ыйа |
Улуу Суорун | балаҕан ыйа |
Хотой Айыы | алтынньы |
Байанай | сэтинньи |
Сэһэн (Билгэ) | ахсынньы |
Сыл
Былыргы сахалар сылы түөрт кэминэн ааҕан таһаараллара, сыл уонна дьыл диэн тыллар биир өйдөбүллээхтэрэ.
Төгүрүк сыл 366 күннээх:
Кыһыҥҥы кэм – 146 күн (22.10-17.3)
Сааскы кэм – 78 күн (17.3-3.6)
Сайыҥҥы кэм – 75 күн (3.6-17.8)
Күһүҥҥү кэм – 67 күн (17.8-22.10).
Бэлиэ майгыта
Тохсунньу Таҥха ыйа диэн мээнэҕэ эппэттэр. Таҥха кэмэ ааспытын да иһин, төрөөбүт сыл, ый киһи майгытыгар төһө сөп түбэһэллэрин көрдүннэр диэн бэлиэ майгыларын суруйабыт.
- Таҥха – бүтэй, таайымтыа-сэрэйимтиэ, дьулуурдаах;
- Одун – бүтэй, тиийимтиэ тыллаах, дьүккүөрдээх;
- Дьөһөгөй – аһаҕас, тулуурдаах, дьүккүөрдээх үлэһит;
- Айыыһыт – аһаҕас, аламаҕай, уоттаах, истиҥ;
- Иэйэхсит – аһаҕас, эйэҕэс, амарах, өҥ;
- Үрүҥ Айыы – аһаҕас, чаҕылхай, уохтаах, эрчимнээх;
- Сир Иччитэ – аһаҕас, үчүгэйи ылынымтыа, тулуурдаах;
- Сүҥ Дьааһын – аһаҕас, кырдьыксыт, булгуччу майгылаах;
- Улуу Суорун – бүтэй, түгэхтээх, идэҕэ ураты аһаҕас;
- Хотой Айыы – бүтэй, бигэ, булгуччулаах, дохсун;
- Байанай – бүтэй, булугас-талыгас, уохтаах-кылыннаах, мындыр;
- Сэбэн (Билгэ) – бүтэй, олохтоохтук толкуйдуур, сылыктыыр, дьулуурдаах.
Ый хонуктара
Ый. Ый диэни иһиттибит да, биһиги хараҥа халлааны, чаҕылхай сулустары саныыбыт. Сахалар күһүҥҥү күн тэҥнэһиититтэн ыла суукканы ый хаамыытынан ааҕаллар. Ол аата, хараҥа уһунунан суукка кээмэйдэнэр. Ону хонук дииллэр. Ый 29 уонна 30 хонуктана сылдьыбыта биллэр. Ый аны ый саҥата уонна ый эргэтэ диэн араарыллар. Ый саҥатыгар ый сүтүүтэ (7 хонук) уонна үүнэр ый (8 хонук) киирэллэр. Ый эргэтэ диэн Күбэ туолуута (7 хонук) уонна ый тэйиитэ (8 хонук) буолар.
Ый хонуктарын сорох ааттара манныктар:
4-с күн – Ынах муоһа
8-с күн – Айа кирсэ
14-с күн – Ый кыра толорута
15-с күн – Ый улахан толорута
16-с күн – Ый кыһыл нэдиэлэтэ
17-с күн – Күтүр ыал күөстэнэр киэһэтэ
18-с күн – Бойом бөрөтө
19-с күн – Куобах куртаҕа
20-с күн – Кыптыый буута
29-с күн – Ый ааһар киэһэтэ.
Түүннээх күн – суукка
Күн, дьыл кыра кээмэйинэн түүннээх күн буолар. Ити түүнтэн ааҕыллар. Халлаан хараҥаран киһи үлэлээбэт кэмин сахалар түүн дииллэр. Бу быһа барыллаан 22 чаастан саҕаланара. Суукка 22 чаастан ааҕылларын таһынан, өссө түөрт циклгэ үллэһиллэрэ: түүн, сарсыарда, күнүс, киэһэ…
Суукканы үлэ, сынньалаҥ чаастарыгар араарыы туттуллар. Көстөрүн курдук, өбүгэлэрбит утуйалларыгар, сынньалаҥнарыгар, үлэҕэ 8-тыы чааһы аныыллара. Билигин түүннээх күн 24 чаастан ааҕыллар. Күн ортото күнүс 12 чааска тэҥнэһэр. Олох-дьаһах уларыйан иһэринэн, суукка кэмнэрин араарыы сыҕарыйа-тэлэрийэ турар.
“Саха төрүт культурата. Учууталга көмө. Итэҕэл”, 1994 С., М.А.Попова уонна “Саха төрүт культурата. II Чааһа”, “Күн-дьыл эргиирэ”, 1992 с. Кинигэлэр туһанылыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: